Ленинград үөрэнээччитэ Таня Савичева уонна кини табаарыстара пионерскай хаалтыстарын чиэһин, биэрбит пионерскай андаҕардарын олохторун устатыгар кэспэтэхтэрэ, үрдүктүк туппуттара. Кинилэр улахан дьону кытта тэҥҥэ Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии сылларыгар тапталлаах куораттарын, Ленинграды хорсуннук көмүскээбиттэрэ.
…Горьковскай уобалас Шатки диэн куоратыттан чугас Красный Бор дэриэбинэҕэ Ленинград куорат 48 №-дээх детдома көһөрүллүбүтэ. Онно кэлбит оҕолор хоргуйан сэниэлэрэ эстибит, киһи өйөөн сылдьар кэриэтэ буолбут, тайахтаах да кыайан хаампат этилэр. Сорохторо артиллерийскай ытыалааһынтан уонна бомба түһүүтүттэн бааһырбыттар.
Фронтан сүүһүнэн километрдаах бу кыракый бөһүөлэккэ олох мөлтөөбүт Таня Савичеваны эмиэ аҕалбыттара. Кинини эмтии сатаабыттара да, кыайан быыһаабатахтара. Таня Савичева аата аан дойдуну тилийэ көппүтэ. Оттон кини Ленинградтааҕы дневнигэ Нюрнберг куоракка фашистары сууттааһыҥҥа буруйдуур докумуон буолбута. Алфавиттаах киниискэ тоҕус кыракый лиистэрэ – оҕо суруйбут лиистэрэ, Таня төрөппүттэрэ хоргуйан өлүүлэрин туоһулаабыттара.
Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии саҕаламмыта 40 сылын көрсө Таня Савичева уҥуоҕар пааматынньык туруорбуттара. Пааматынньыгы арыйыыга Шатковскай орто оскуола эдэр суолдьуттара сылдьыбыттара. Кинини уонна биһиги Ийэ дойдубутугар кыыллыы саба түспүт хааннаах өстөөх илиититтэн өлбүт оҕолору кэриэстээн чуумпуран турбуттара.
1981 с. «Бэлэм буол» хаһыат архыыбыттан.