«Азия оҕолоро» оонньууларыгар биһиги, эдэр кэрэспэдьиэннэр, спорт көрүҥнэрин сырдатыыга үлэлээтибит. Оҕо пресс-киинин сорҕото буолан, бу сүдү тэрээһини сырдатыыга бэйэм кылааппын киллэрэн дьоллоннум, эдэр суруналыыс быһыытынан сайдарга кыаҕы биэрдэ дии саныыбын.
Уон биир күн устата пресс-кииммит медиа былаанынан видео устан, хаартыскаҕа түһэрэн, интервью ылан ыстатыйалары суруйдубут. Биһиги хамаандабыт художественнай гимнастика уонна алыш күрэхтэһиилэрин сырдаттыбыт. Бу барыта мин суруналыыстыка уобалаһыгар үөрүйэхпин сайыннарар сыаллаах практическай үлэ буолла. Ылыллыбыт билии-көрүү, уопут мин инники кэскилбэр туһалыа диэн эрэнэ саныыбын.
Ордук дьону-сэргэни, кыттааччылары, тренердэри, волонтердары уонна эдэр кэрэспэдьиэннэри кытта бодоруһан астынным. Кинилэр уопуттарын, тус санааларын билэргэ кыаҕы ыллым.
«Азия оҕолоро» оонньууларын тэрийээччилэригэр, «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһатын үлэһиттэригэр махталбын тиэрдэбин.
Джулианна Дорофеева, оҕо пресс-киинин эдкора, Н.И. Протопопова аатынан Оҕо айар тобулар дьоҕурун сайыннарар «Кэскил» киин, Бүлүү