Бүгүн, сэтинньи 11 күнүгэр Егор Афанасьевич Борисов аатынан Чурапчытааҕы архыып-бибилэтиэкэтигэр “Дьоһуннааҕы кэпсэтии” дьарык буолла.
Бүгүҥҥү бэнидиэнньик дьарыга биһиэхэ уратытык ааста. Ол курдук дьарыгы Чурапчы улууһун баһылыга Степан Анатольевич Саргыдаев ыытта. С.К. Макаров аатынан Чурапчы гимназиятын, С.А. Новгородов, И.М. Павлов аатынан Чурапчы орто оскуолаларын X, XI кылаас үөрэнээччилэрэ кыттыыны ыллылар.
“Чиэһинэй быһыы – сайдыыга кылаат” тиэмэ тула кэпсэттибит. Оҕолор толлубакка көхтөөхтүк кытыннылар, бэйэлэрин санааларын үллэһиннилэр.
«Дьоһуннааҕы кэпсэтии» түмүгүнэн Степан Анатольевич Саргыдаевы көрсөн санаатын үллэстэригэр көрдөстүбүт.
– 2021 сыллаахха дойдубут президенэ В.В. Путин “Разговоры о важном” диэн сүрдээх улахан хамсааһыны таһааран, бүгүн дойду үрдүнэн эдэр ыччаттарбытын кытта дьоһуннаах тиэмэлэргэ кэпсэтиилэр үөрэх программатыгар киирэн ыытыллар буолбуттара.
Биһиги Чурапчыбыт улууһугар бу дьарыктары кылаас салайааччыта эрэ буолбакка, билигин киэҥ эйгэҕэ тахсан үлэлии-хамсыы сылдьар тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар дьоммутуттан саҕалаан улуус салайааччыларыгар тиийэ оҕолору кытта кэлэн «Дьоһуннааҕы кэпсэтиини» ыытар буолуохтара.
Бу оҕолорбут дойдуларын историятын билэллэрин, бэйэлэрин суолларын-иистэрин булунан, араас хайысхаларга үрдүк ситиһиилэнэллэрин, дойдубутугар үтүөнү киллэрэллэрин туһугар ыытыллар. Кэрэхсээбитим диэн «Разговоры о важном» федеральнай бырайыакка киирбит тиэмэлэри «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһата сахалыы тылынан «Дьоһуннааҕы кэпсэтии» диэн барытын сөптөөхтүк аттаран, сүрүн санаатын сааһылаан оҥорон биэрэр эбит.
Арассыыйа үрдүнэн баар сокуоннары уонна да атын боппуруостары таарыйан инники кэскиллэрбитигэр, ыччаттарбытыгар кэпсиирбит саамай сөп. Бу хайаан да наада. Оҕо кыра эрдэҕиттэн олоххо бэлэмнээх киһи буолан тахсыытын бүгүн үлэлии-хамсыы сылдьар дьон хааччыйыахтаахпыт, холобур буолуохтаахпыт, – диэн Степан Анатольевич Саргыдаев санаатын эттэ.
Онтон оҕолор бүгүҥҥү дьарык туһунан туох санаалаахтарый?
Эрсан Макаров, Х кылаас, И.М. Павлов аатынан Чурапчы орто оскуолата:
– Бүгүн Е.А. Борисов аатынан бибилэтиэкэ-архыыпка улууспут баһылыгын Степан Анатольевич Саргыдаевы кытта “Дьоһуннааҕы кэпсэтиигэ” кэлэн кыттыыны ыллыбыт. Бу тэрээһин таһаарыылаахтык, киэҥ билиилээхтик ааста диэхпин баҕарабын. Степан Анатольевич бэйэтин үөрүйэҕиттэн үллэстэн, экономика, нолуок туһунан сырдаппытыттан элбэх саҥаны биллим.
Сайаана Рожина, Х кылаас, С.А. Новгородов аатынан Чурапчы орто оскуолата:
– Мин бүгүҥҥү уруокка сылдьаммын элбэх саҥаны биллим. Саамай өйдөөн хаалбытым – кырдьык үрдүгэр сымыйа ыттыбат. Албын хаһан даҕаны үтүөҕэ тиэрдибэт, кыраттан саҕалаан бэйэҕэр охсууну оҥорор. Чиэһинэй, сокуону тутуһар киһи туохтан да куттаммат, бэйэтигэр эрэллээх буолар.
Максим Аржаков, Х кылаас, С.К. Макаров аатынан Чурапчы гимназията:
– Бүгүҥҥү уруок наһаа үчүгэйдик, сонуннук ааста. Нолуок, коррупция туһунан саҥаны билэн, уруокка кыттан, санаабын этэн астынан таҕыстым.
Иван Лукин, Х кылаас, С.К. Макаров аатынан Чурапчы гимназията:
– «Дьоһуннааҕы кэпсэтии» дьарык билиҥҥи кэмҥэ олус туһалаах дии саныыбын. Бүгүн уратыта диэн улууспут баһылыга Степан Анатольевич Саргыдаев учуутал буолан кэлэн биһиэхэ уруок ыытта. Эдэр көлүөнэҕэ, оҕолорго нолуок, коррупция туһунан уонна, сүрүннээн, чиэһинэй буолуу туһунан кэпсэтии олус наадалаах.
Биһиги санаабытыгар, маннык дьарыктар олус туһалаахтар, эдэр ыччаттар инники олохторугар туһанар билиилэрин хаҥаталлар. Улууспут баһылыга Степан Анатольевич Саргыдаев оҕолорго кыһаллан, бириэмэ булан, наадалаах тиэмэҕэ дьарык ыыппытын олус сөбүлээтибит, астынныбыт.
Арина СОТНИКОВА, Алина МЕСТНИКОВА, XI кылаас,
“Тумус кыһа” медиа-киин, С.К. Макаров аатынан Чурапчы гимназията