Ахсынньы 24 күнүгэр Бүлүүтээҕи култуура дыбарыаһыгар улуус баһылыгын Харыйатын бириэмэтигэр Үгүлээт орто оскуолатын 11 кылааһын үөрэнээччитин Ньургуйаана Николаева анал быыстапката арылынна.
Быыстапканы арыйарга Бүлүү улууһун үөрэҕириитин иитэр үлэҕэ салаата, Бүлүү улууһун култууратын салалтата уонна “Оскуола оҕотун билим – тиэхиникэ эйгэтигэр уһуйар киин” кэллэктиибэ көмөлөстүлэр. Дьон сыанабылыгар барыта 57 үлэ тахсыбыт. Быыстапка аһыллыытыгар Бүлүү улууһун баһылыга С.Н. Винокуров, Ньургуйаана инникитин биһиги улууспут биир биллэр-көстөр киһитэ буолуо диэн, бигэ эрэнэрин биллэрдэ.
Биһиги Ньургуйаанатттан интервью ыллыбыт.
— Хас сааскыттан уруһуйунан дьарыктанаҕыный?
— Мин бэйэбин өйдүүрбүттэн ыла уруһуйдуубун. Кыра сылдьан боростуой уруучуканнан, фломастерынан тэтэрээккэ уруһуйдааччыбын. Иллэҥ буоллум эрэ уруучука, тэтэрээт тутан уруһуйдуу сүүрээччибин.
— Ким эйигин уруһуйга уһуйбутай уонна дьарыктыырый?
— Бэйэм дьарыктанабын. Уруһуйга уһуйбут учууталым диэн чопчу этэр кыаҕым суох. Тоҕо диэтэргит, уруһуй анал уөрэхтээх учуутал уөрэппэтэҕэ, биир — икки сыл үлэлии-үлэлии уларыйан иһээччилэр. Ол иһин уруһуй куруһуогугар сылдьыбатаҕым. Быйылгы үөрэх дьылыттан сана үөрэҕи бүтэрбит, анал үөрэхтээх уруһуй учууталланныбыт. Онон үөрэн туран кини дьарыктарыгар сылдьабын. Төрөппүттэрим эмиэ айар куттаах дьоннор. Ийэм анал култуура үөрэхтээх, артыыс идэлээх. Аҕам гитараҕа оонньуур, ыллыыр. Бииргэ төрөөбүт улахан эдьиийим анал үөрэхтээх үнкүү учуутала. Убайым бэйэтин баҕа өттүнэн хоһоон айааччы уонна эмиэ уруһуйдааччы. Биһиги дьиэ кэргэн онно айар куттаах дьиэ кэргэммит диэххэ сөп. Төрөппүттэрбиттэн бэриллибит талаан буолуон сөп, онон кинилэргэ махталым улахан.
— Уруһуйдаргынан ханнык эмит быыстапкаҕа кыттыыны ылбытыҥ дуо?
— Үгүлээт суола-ииһэ суох уһук сытар нэһилиэк. Онон улаханнык күрэххэ кытта, быыстапка туруора сылдьар кыаҕым суох. Ааспыт үөрэх дьылыгар оскуолабыт 100 сыллаах үбүлүөйугэр оскуолам иһигэр анал быыстапкабын туруорбуппут. Уонна бу күһүн мобилизацияланан барбыт биир дойдулаахтарбытыгар көмөлөһөр сыаллаах аһымал кэнсиэр киэһэтигэр быыстапкам турбута. Манна нэһилиэк олохтоохторо кэлэн көрбүттэрэ.
— Туох ситиһиилэрдээххиний?
— Биһиги суола-ииһэ, сибээһэ суох сытарбыт олус хомолтолоох. Онон күрэххэ кыттыым аҕыйах. Бу кэнники кэмҥэ, былырыыҥҥаттан интернеппит киирэн, кэтэхтэн син күүрэхтэргэ кытынным. «Калейдоскоп-2022» Аан дойдутааҕы фестивальга кыттан 3 степеннээх лауреат буолбутум, “Краски радуги 2022” өрөспүүбүлэтээҕи талааннар фестивалларыгар кэтэхтэн кыттан 1 истиэпэннээх дипломант буолбутум. Ити курдук кэтэхтэн өрөспүүбүлүкэ, бүтүн арассыыйа, аан дойду таһымнаах күрэхтэргэ кыттыылардаахпын.
— Ордук ханнык техниканан уруһуйдуургун сөбүлүүгүнүй?
— Аан бастаан уруучуканнан, фломастерынан уруһуйдуур этим. Кэлин боростуой харандааһы, акварель, акриловай кырааскаларынан, гуашь, цветной харандаас туттабын. Биирдэ эмитэ пастельнай кыраасканы туһанабын. Масляной кыраасканы тутта иликпин. Кэлин ситэн-тупсан бардахпына ону эмиэ тутта үөрэнэр баҕа санаалаахпын.
— Уруһуйтан ураты тугунан үлүһүйэн дьарыктанаҕыный?
— Уруһуйтан ураты үлүһүйэн дьарыктанар дьарыгым суох. Куруук иллэҥ буоллум эрэ уруһуйдуубун.
— Оскуоланы бүтэрдэххинэ ханнык үөрэххэ барар былааннааххыный?
— Мин баҕа санаам, оскуолабын этэҥҥэ бүтэрэн Намнааҕы педагогическэй коллежка уруһуй учууталын идэтигэр туттарсарга. Инникитин уруһуйунан дьарыкпын, идэбин, олохпун кытта сибээстиэхпин баҕарабын.
Джулианна Дорофеева, Н.И. Протопопова аатынан «Кэскил» оҕо киинин
“Репортёр” медиакиинэ, Бүлүү куората.