Бэс ыйын 17 күнүгэр таалар налыы хонуулардаах Ытык Таатта ыһыаҕа буолла.
Бу сыл ыһыаҕа Былатыан Алексеевич Слепцов-Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылыгар ананан ыытылынна. Саха дьоно барахсаттар самаан сайын салаллан кэлбитин уруйдаан, үөрэн-көтөн сахалыы таҥнан-симэнэн, Хадаайы алааһыгар мустан ыһыах ыстылар. Дьэ манна алгыс баһа сыаланна, оһуохай оройуттан тутулунна, ырыа-тойук эгэлгэтэ элбээтэ. Ону кытта мас тардыһыы, атах оонньуута, хапсаҕай күрэхтэрэ буолан аастылар. Бу спорт көрүҥнэрин ыарахан диэбэккэ, кэрэ аҥардар көхтөөх кыттыыны ылаллар эбит дии санаатым.
Илбис тыл ийэтэ, айар тыл аҕата буолбут Ойуунускай аатынан хоһоон ааҕыытын күрэҕэр Ньурба оройуонун Маар нэһилиэгиттэн «Дьөҥкүүдэ кыталыктара» оҕо народнай фольклорнай ансаамбыла Таатта курдук ыраах сиргэ айаннаан кэлэн кыттыыны ыллыбыт. Манна кырыымпа кэрэ тыаһынан доҕуһуоллатан, тохтор тойугунан аргыстатан, Ойуунускай «Кэлэр кэскил ырыата» хоһоонун толорон бастакы үрдэли ыларга ситистибит. Ытык Таатта олохтоохторо: «Ньурба курдук ыраах сиртэн кэлэн кыттыыны ылбыккытыгар, биһиэхэ маныы ыалдьыт буолбуккутугар махтал», — диэн бэйэлэрин махталларын биллэрдилэр.
Улуу Ойуунускай убайбыт ырыата ылланнын, аата ааттаннын! Талыы-талба Таатта дьонугар-сэргэтигэр киэҥ Ньурба, Күөх Ньурба аатыттан уруй-айхал!
Анжелина ЖДАНОВА, Х кылаас.
«Ыллык» эдкорпост, Ньурба, Хаҥалас.