Саха норуотун биллиилээх суруйааччыта Софрон Данилов «Ааспыты аанньа ахтыбат киһи силиһэ быстыбыт үүнээйи кэриэтэ…» ,- диэн суруйан турардаах. Сыл-хонук аастаҕын аайы ааспыт умнуллар, сана көлүөнэ солбуйсар. Олох устан иһэр. Ол эрээри ааспыт кэм историятын ылан туора бырахпаккын. Бу — кэм көрдөрүүтэ.
Бу 2025 сылга гитлеровскай фашизмы үлтүрүтүү Улуу Кыайыытын 80 сыла туолуутун өрө көтөҕүллэн бэлиэтээбит. Бу өрөгөйдөөх Кыайыы ыарахан сыананан ситиһиллибитин биһиги, эдэр көлүөнэ ыччат, ийэлэрбит-аҕаларбыт, эһэлэрбит-эбэлэрбит кэпсээннэриттэн истэн билэбит. Аҕа дойду Улуу сэриитигэр сэбиэскэй норуот мөлүйүөнунэн дьонун сырдык тыына толук ууруллубута. Уоттаах сэрии Саха сирин дьонун эмиэ хаарыйбыта. Эдэр-чэгиэн ыччат Ийэ дойдутун уоран түспүт өстөөхтөн көмүскүү туруммута. Кинилэр ортолоругар мин эһэлэрим эмиэ бааллара.
Ийэбинэн хос эһэм Семен Иннокентьевич Неустроев диэн. Кини Боотуруускай улуус (урут биһиги нэһилиэкпит Чурапчы улууһугар киирсэн Боотуруускай дэнэрэ) Сулҕаччы нэһилиэгэр 1916 сыллаахха дьадаҥы дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүт. Бииргэ төрөөбүт 4-тэр эбит: убайа Иннокентий нолуок агенынан үлэлии сылдьан ыалдьан өлбут, балта Өкүлүүн Мындаҕаайыга олорбут. Кини ыарыһах буолан эрдэ күн сириттэн туораабыт. Кыра балтылара Натааһа Соморсуҥҥа кэргэн тахсыбыт, билигин Аммаҕа олорор. 7 о5ону төрөтөн-иитэн барыларын үөрэхтээх, улэһит оҥортоото. Өр сылларга бэкээринэҕэ үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ. Билигин сиэттэрин көрөн олорор.
Эһэм кыра сааһыттан «Тэҥнэбил» артыал чилиэнэ эбит. Сайынын ынах сүөһү бостуугунан, кыһын фермаҕа от тиэйээччинэн үлэлээбит.
1943 сыллаахха Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр аармыйаҕа ыҥырыллан сэриигэ барбыт. Кини кулгааҕынан үчүгэйдик истибэт эбит. Баҕар, ол иһин буолуо фроҥҥа ыыппакка, байыаннай чааска остолобуойга улэһитинэн илдьэ сылдьыбыттар. Ол сырыттаҕына, Японияны кытта сэрии буолбутугар саа туттаран илдьибиттэр. Онон 1946 сыл атырдьах ыйын 9 күнүттэн балаҕан ыйын 3 күнүгэр диэри Японияны кытта сэриигэ кыттыбыт.

Армияттан 1946 сыллаахха кэлэн баран күүһэ кыайарынан төрөөбут дойдутун холкуоьугар улэлээбит. Онон «Ленин» колхоз биир төһүү үлэһитэ буолбут. Бастыҥ үлэтин иһин Саха АССР Верховнай Советын Грамотатынан наҕараадаламмыт. Соморсунтан төрүттээх Пестерева Евдокия Романовнаны кэргэн ылан 4 оҕоломмуттар.
Хос эһэм Семен Иннокентьевич Аҕа дойду Улуу сэриитигэр үтүөлэрин иһин элбэх наҕараадаҕа тиксибит:
1. 1941-45сс. Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэриигэ Германияны кыайыы иһин мэтээл;
2. Японияны кыайыы иһин мэтээл:
3. Кыайыы 20 сылыгар үбүлүөйүнэй мэтээл;
4. ССРС Сэбилэниилээх Күүстэрин 50 сааһа туолуутугар аналлаах үбүлүөйүнэй мэтээл;
5. 1941-45сс. килбиэннээх улэтин иһин мэтээл;


Хос эһэм 1973 сыллаахха 57 сааһыгар ыалдьан өлбүт. Хос эһэм Сэмэн сэрии, сут-кураан сыллардааҥы ыарахан олох ыар тыына хаарыйан кылгас үйэлэннэҕэ. Ити курдук мин хос эһэм билиҥҥи дьоллоох-иллээх олох иһин Кыайыыны уһансыбытынан киэн туттабын. Уонна кини аатын чиэстээхтик сүгэргэ кыһаллабын.
Чэмэлиинэ АЛЕКСЕЕВА, VI «В»кылаас,
Саха политехнический лицей, Дьокуускай
