«Эн ааккын истиҥник саныахпыт, Эн суолгун сырдата сылдьыахпыт.»
Улуу Кыайыы өрөгөйдөөх күнүгэр биһиги аҕаларбытын, эһэлэрбитин – Кыайыы саллааттарын ахтан – санаан ааһарбыт ытык иэспит буолар. Суостаах сэрии бэс ыйын 22 күнүгэр 1941 сыллаахха саҕаламмытын туһунан саха сирин тилийэ көппүтэ. Бу сэриигэ биһиги чулуу дьоммут олохторун толук уурбуттара.
Мин эһэм Георгий Дмитриевич Борисов Аҕа дойду Улуу сэриитигэр 1942 сыллаахха бэс ыйын 22 күнүгэр аттаммыта. Кини педагогическай үлэ бэтэрээнэ, Анаабыр улууһун бочуоттаах олохтооҕо, Үгүлээт нэһилиэгин сэрии уонна тыыл бэтэрээннэрин сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ, нэһилиэгиттэн байыаннай-бэлитиичэскэй оскуоланы бүтэрбит соҕотох кадровай офицер, 13 оҕо тапталлаах аҕата этэ.
Георгий Дмитриевич Борисов ыам ыйын 6 күнугэр 1922 сыллаахха Саха АССР Бүлүү оройуонун Тылгыны нэһилиэгэр Хааҕы диэн сиргэ Миитэрэй (хос аата Лапаан) уонна Мотуруона Барыыһаптарга бастакы оҕонон төрөөбүтэ (икки тэҥ ааттаах Баһылай диэн бырааттардаах этэ), онтон улахан БаҺылай сэриигэ баран өлбүтэуонна балта Матрена Дмитриевна педагогическай үлэ бэтэрээнэ. Дьөгүөрэйэп таҥара күнүгэр төрөөбүтүн иһин дьоно Дьөгүөр диэн аатынан сүрэхтээбиттэр. Онтон бу Георгий (святой Георгий Победоносец) диэн ааты сэриигэ барарыгар, “кыайан-хотон тыыннаах эргиллэн кэлиим, өлүү сиппэтин” диэн ылыммыт аата буолар. Ол иһин дьон кинини Георгий Дмитриевич диэнинэн билэллэр.
Үгүлээт 7 кылаастаах оскуолатын бүтэрэн 1938 сыллаахха Николай Гаврильевич Чернышевскай аатынан Булуутээҕи педагогическай техникумҥа (билигин кэллиэс) үөрэнэ киирэр. Сэрии саҕаланыыта бэс ыйын 22 күнүгэр 1941 сыллаахха ситиһиилээхтик бүтэрэр. Үөрэҕин бүтэрээт атырдьах ыйын ортотуттан Бүлүү орто оскуолатыгар саха тылын учууталынан үлэтин саҕалаан эрдэҕинэ, Хампа 7 кылаастаах оскуолатыгар саха тыла, математика, физкультура учууталынан ыыталлар. Сэрии буолбутунан сибээстээн ССРС бүттүүнүн үрдүнэн байыаннай үөрэхтээһиннэр саҕаланаллар. Оннук Хампа нэһилиэгэр хайыһардьыттар батальоннара тэриллэн үлэлиир. Кинини батальон хамандыырынан аныыллар. Онтон бэс ыйын 22 күнүгэр 1942 сыллаахха кинини Кыһыл Аармыйа кэккэтигэр ыҥыраллар. Маҥнай икки сыл курдук сөптөөх үөрэҕи Кыһыл Знамя уордьаннаах Москубатааҕы Ленин аатынан байыаннай-бэлитиичэскэй училищены уонна офицердары бэлэмниир 28-с артиллерийскай полк састаабын бүтэрэн, таайа лейтенант Афанасьев Степан Кузьмич курдук офицер буолбут киһи диэн сэриигэ ыҥырыллан барарыгар санаабыт баҕатын толорон, 1943 с. лейтенант сыбаанньатын ылбыта, 1966 с. кулун тутар 9 күнүттэн – старшай лейтенант, 2000 с. муус устар 27 күнүттэн – Кыайыы 50 сылыгар анааннар капитан онороллор.
Кыайыыны уһансыбытын иһин «Кыһыл Сулус», «Аҕа дойду улуу сэриитин II степеннээх» уордьаннарынан, «Праганы босхолооһун иһин», «Берлины ылыы иһин», «Аҕа Дойду улуу сэриитигэр 1941-1945 сс. Германияны кыайыы иһин», «Үлэҕэ килбиэнин иһин», «Жуков аатынан» уо.д.а. юбилейнай мэтээллэринэн наҕараадаламмыта.
Кини Улуу Кыайыы 50 сылыгар кинигэ таһаарар баҕа санаалаҕа кыайан тахсыбакка хаалбыта. Ол рукопиһын сөргүтэн улахан кыыһа Антонина Николаевна Кыайыы 75 сылыгар анаан кинигэ таһаартарбыта. Бу кинигэҕэ эһэм хайдах сэриилэспитин, биир дойдулаахтарын хорсун быьыытын сөҕөн, сэрии алдьархайын харахха көстөр курдук үчүгэйдик суруйбутун мин бу кинигэни ааҕан биллим.
Георгий Дмитриевич Борисов Аҕа дойду Улуу сэриитигэр өстөөҕү утары хааннаах сэриигэ хорсуннук сэриилэспитин иһин Кыһыл Сулус уордьаны ылбыта элбэҕи этэр.
Аҕа дойдуларын бэриниилээхтик көмүскээбит аҕа көлүөнэ дьоммут -эһэлэрбит уустук олохторо, үлэлэрэ-хамнастара, олох иһин туруулаһыылара кэнэҕэскитин кэнчээри ыччаттарга уос номоҕо буолан сэһэргэнэ, кэпсэнэ туруохтара диэн бүк эрэнэбин. Мин эһэбинэн Георгий Дмитриевиһинэн киэн туттабын, кини курдук ийэ дойдубар бэриниилээх буолуом дии саныыбын.
Өлүүнү кыайбыттар, Кыайыыны уһансыбыттар ааттара үйэлэргэ өлбөөдүйбэтин! Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат!
Юлия БОРИСОВА, X кылаас,
Бырааттыы Боескоровтар ааттарынан Сургуулук орто оскуолата, Үөһээ Бүлүү