Биһиги билигин өбүгэлэрбит хорсун быһыыларын өйдөтөр, ытыктыыр эбээһинэстээхпит, инники көлүөнэлэргэ ахтыылары тиэрдэн иһиэхтээхпит. Оччоҕо эрэ, норуоппут хорсун быһыытын дьон умнуо суоҕа. Холобур, маршал Жуковы, дьоруой Попову, Зоя Космодемьянскайы.
Дойдубут бирисидьиэнэ Владимир Путин 2023 сыллаахха Кыайыыны бэлиэтиир укаастары таһаарталаабыта. Араас аахсыйалар, куонкурустар, сэрии бэтэрээннэригэр көмө, оҕолорго тематическай кылаас чаастара билиҥҥи кэмҥэ ыытылла тураллар. Соторутааҕыта, алтынньы ый 21 күнүгэр, «Волонтеры Победы» 14 саастарыттан саҕалаан киириэххэ сөп буолбута.
Мэҥэ Хаҥалас улууһун Майа сэлиэнньэтин Ф.Г. Охлопков аатынан оскуолатын дьаһалтатынан «Дорога памяти» диэн хас да сиэрийэлээх кинигэ тахсыбыта. Бастакы уонна иккис чааска үөрэнээччилэр сэриигэ кыттыбыт хос аймахтарын хорсун быһыылара суруллубута.
Онтон үһүс чаас Кыайыы 80 сылыгар тыылга улэлээбит дьон-сэргэ туһунан ананан-минэнэн кэпсэнэр. 327 тыыл бэтэрээн аата киирбитэ, 132 уорэнээччи уонна учуутал ахтыылара хомуллубуттара. Сорох түбэлтэҕэ киһи аата-суола, олоҕо-дьаһаҕа булуллубатах, ол сурдээх хомолтолоох. Саха сириттэн 1941-1945 сс. 31 тыһ. посылка, 367 тыһыынчаттан тахса сылаас мал, 62 600 устуука таҥас, 20 тыһ. тахса мануфактура, уонтан тахса киилэ бурдук, эт, балык, 23 тыһ. сылгы ыытыллыбыта. Уопсайа 96 мөл. солк. тахса харчыны норуот хомуйан оборона фондатыгар киллэрбитэ. Үлэ собуоттарыгар, колхоз хонууларыгар, ойуур делянкаларыгар нуормаларын икки төгүл аһары толорон, биир дойдулаахтарбыт, сүнньүнэн дьахталлар, кырдьаҕастар уонна оҕолор кыайыыга улахан көмө киллэрбиттэрэ.
Миигин туһаайан эттэххэ, хос эбэм убайа – Марков Ефрем 1942 сыллаахха сэриигэ ыҥырыллыбыт уонна 1943 сураҕа суох сүппүтүнэн аатырыллыбыта.
Онтон эһэм ийэтэ – Кондакова Лукреция Давыдовна (кинигэҕэ опечатка барбыт) 1929 с. Сунтаар улууһугар күн сирин көрбүт. 1942 ийэтэ күн сириттэн күрэнэн, 2 балтытын уонна соҕотох быраатын тулаайах оҕолор дьиэлэригэр укпуттар, бэйэтин Сэтиэнэх диэн дэриэбинэҕэ хаалларбыттар. Онно хос эбээм 13 эрэ саастаах буолан, үлэ булбакка элбэх сору-муҥу көрсүбүт. Итинник сырыттаҕына биир үтүө санаалаах дьахтар иитэ ылбыт. Дьэ, ол кэнниттэн холкуоска кырдьар сааһыгар диэри олоҕун анаабыт. Киниэхэ «Үлэ бэтэрээнэ», «35 сыллаах үбүлүөйэ» диэн наҕыраадалардаах.
Түмүккэ, эһигини ыҥырыам этэ, ынырыктаахай сыллары умнубакка, историяны ытыктыаххайыҥ уонна убаастыаххайыҥ. ол кэминээҕи дьон күүстээх санааларыттан сөҕөр эрэ кыахтаахпыт. Онон, биһиги ыччат Улуу Кыайыы чэпчэкитэ суох буоларын өйдүөх тустаахпыт!
Алёна ФЕДОРОВА,
11 кылаас үөрэнээчитэ, И.Г. Тимофеев аатынан Майа лиссиэйин эдэр кэрэспэдьиэнэ, Майа, Мэҥэ Хаҥалас