Сунтаар Чакырын (билиҥҥи Күндэйэ) 26 саастаах сиппит-хоппут киһитэ, ликбиэс (ликвидация безграмотности) учуутала Семен Антонович Кондратьев сэриигэ 1941 сыл атырдьах ыйынааҕы бастакы хомуурга барбыта. Бүлүү өрүс уута түһэн, Сунтаар 600-чэ киһитэ 7 хонук устата 260 биэрэстэни сатыы хааман, Ленскэй оройуон Өлүөнэ өрүс үрдүгэр турар Туруктатыгар тиийбитэ. Семен Кондратьев Турукта суолуттан саҕаламмыт Германияҕа тиийэ бойобуой суола көбүс-көнө, эриэ-дэхси буолбатаҕа. Түөрт сыл устата биэстэ бааһыран, иккитэ сап-салыбырас буолуор диэри контузияланан, Улуу Кыайыыны уһансыбыта. Аҕыйах кылаас үөрэхтээх саха саллаата Семен Кондратьев “Кыһыл Сулус”, “Албан Аат” III степенэ уордьаннарынан, “Хорсунун иһин”, “Бойобуой үтүөлэрин иһин” мэтээллэринэн наҕараадаламмыта.
1945 сыл сэтинньи ортото дойдутугар эргиллибит хорсун саллаат С.А. Кондратьев туруу үлэһит, ферма сэбиэдиссэйэ, хонуу биригэдьиирэ буолан, Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин Бүрүсүдьүүмүн Бочуоттаах Грамотатынан үс төгүл наҕараадаламмыта. Кэргэнэ, үлэ удаарынньыга Александра Ивановналыын биэс оҕолонон, билигин кинилэр ааттарын сиэннэрэ, хос сиэннэрэ ааттаталлар.
Бүгүн Улуу Кыайыы 72 сылынан хорсун саллаат С.А. Кондратьев 1975 сыл олунньу 17 күнүгэр кэлин суруналыыс, суруйааччы буолбут Николай Егоровка кэпсээбит ахтыытыттан быһа тардыылары аах.
Ньиэмэс уһун уктаах гранатата
Сэрии устуоруйатыгар бигэтик киирбит Старай Русса куорат таһынааҕы аҕыс дэриэбинэни босхолообуппут. Бу дэриэбинэлэргэ киһи-сүөһү ордубатах этэ. Дьиэлэрэ үксүлэрэ уматыллан, кирпииччэ оһохтор хороһон тураллара. Бүтэһик дэриэбинэни ылыыбытыгар сүүрбэччэ буолан өстөөх ытарчатыгар түбэспиппит. Дэриэбинэ биир кытыытыттан саҕалаан, атын уһугар тиийиибитигэр массыыналаах ньиэмэстэр биһиги ылбыт өттүбүтүттэн баар буолан хаалбыттара. Икки уот ортотугар буола түспүппүт. Хамандыырбыт нуучча эдэркээн лейтенана. Хата, маладьыаһыҥ, ыксаабата. Биһигини түөрт бөлөххө араарда. Икки бөлөх инники баар өстөөҕү солоон, бэйэбит дьоммут диэки сыҕарыйар, икки бөлөх кэннибититтэн эккирэтээччилэри тохтото-тохтото, инникилэрбитин ситэн кэлэр. Мин сырсан иһээччилэри тохтотор бөлөххө түбэстим. Биир дьиэ аанын боруогун туора охтубут ньиэмэс куруттан икки гранатаны ыллым. Бу граната уга уһун буолан, ыраахха диэри кыыратыахха сөп. Ол гынан баран, ол уһуннук көтөрүн учуоттаатахтара дуу, өр буолан баран эстэр. Ыксалга чугас баар ньиэмэстэргэ бырахтахха, бары куоппуттарын кэнниттэн эстэн кыһытар. Эбэтэр эйиэхэ бырахпыттарын эһэ охсон ылан, төттөрү кыыратарга аҕыйах сөкүүндэ сөп буолааччы.
Биһиги уулусса икки өттүнээҕи дьиэлэринэн күлүктэнэн чугуйабыт. Ньиэмэстэр уулусса устун эккирэтэллэр. Биир дьиэ тиэргэнигэр куотан киирбитим, түннүгэ, аана суохтар. Арай аҥаара сууллубут, иҥнэйбит олбуор ис кытыытыгар холуодьастаах. Киһини курданарынан үрдүктээх гына ол дойду синньигэс бэрэбинэтинэн эргиппиттэр. Мин ол кэннигэр састым. Бинтиэпкэбэр баар обоймабар түөрт ботуруон баарын өйдүүбүн. Били уһун уктаах гранатабын ыллым. Икки ньиэмэс тиэргэҥҥэ киирдэ, биирэ аһаҕас түннүгүнэн гранатаны бырахта. Чочумча буолаат онтулара эстэн, буруо-тараа бөҕө буолла. Ньиэмэстэрим күлсэ-күлсэ, миэхэ көхсүлэринэн буолан, табаахтарын уматыннылар. Мин гранатам предохранителин төлө тардан, тутан олоро түһэн баран, ньиэмэстэрбэр бырахтым. Оруобуна кэннилэригэр түһээт, эстэн тоҕо барда. Сордоохтор күдэҥҥэ көппүттэрин билбэккэ да хааллылар…
Сэбиэскэй граната быдан маладыас!
1942 сыл атырдьах ыйын бүтүүтэ. Биһиэхэ, Саха сиригэр, бу кэмҥэ күһүн чугаһаан, халлаан лаппа хараҥарар кэмэ. Оттон бу манна, соҕуруу дойдуга, самаан сайын кытта бэрт эрдэ хараҥарар. Арай 12 киһини сүүмэрдээн, “Разведка боем” диэҥҥэ ыыттылар. Сорукпут инники кирбии чугаһынааҕы ньиэмэстэр ылан олорор дэриэбинэлэригэр баар ыстаабы суох оҥоруу, табылыннаҕына билиэннэйи тутуу.
Ыас хараҥанан туһанан, өстөөх линиятын этэҥҥэ аастыбыт. Хата, биһиги туораабыт сирбитинэн траншеялара суох эбит. Бу суолбутунан халлаан сырдыы илигинэ төннүөхтээхпит. Дэриэбинэ иһэ уу чуумпу. Хас да улахан массыына барыһан туралларыттан сирдэтэн, ньиэмэс бөлүөхсэн олорор дьиэлэрин буллубут. Миигин биир молдаванины кытта массыыналар тастарыгар хааллардылар. Ытыалаһыы буоллаҕына, паниканы таһаара таарыйа, ити массыыналарга гранаталары быраҕаттаан, дэлби тэптэриэхтээхпит. Уолбун чугастааҕы икки массыына таһыгар хаалларан, уулусса нөҥүө барыһар өссө икки массыынаҕа чугаһаатым. Арай өйдөөн көрбүтүм, биир массыына түннүгүнэн табаах уота кыламныыр. Ону ориентир оҥостон, куурусса дуу, сибиинньэ дуу быраҕыллыбыт хаптаһын уйатыгар сөрүөһүннүм. Тааҥканы утарар биир улахан уонна пехотаҕа туттуохтаах икки илии гранаталардаахпын. Аккаастыыры билбэт бинтиэпкэм толору иитиилээх. Кэтэһэн олордум, дьоммут барбыт сирдэрин диэки тыас-уус суох.
Онтон, доҕоор, ол диэки түннүк тааһа кырылыы түстэ, утуу-субуу гранаталар эһиннилэр, биһиги ППШ аптамааппыт бүтэҥитик бөтүгүрээтэ, бинтиэпкэлэр битиргэстилэр. Ол быыһыгар ньиэмэс шмайсер аптамаата чачыгыраата. Ону кытта тэҥҥэ били табаах уота кыламныыр кабинам аана аһылынна. Онно ыарахан гранатабыг бырахтым. Оо, ынырыктаах дэлби тэбэр тыаһы кытта биһиги билиҥҥи “Уралбытыгар” маарынныыр улахан массыына кабината, кузова тус-таспа баран эрэрэ граната уотун сырдыгар көһүннэ. Чугастааҕы дьиэ аана аһыллар тыаһын хоту биир гранатабын кыыраттым. Биһиэнэ, ньиэмэс киэнигэр холоотоххо, түргэнник эстэринэн маладьыас! Дьиэттэн сүүрэн тахсан эрэр хас да ньиэмэһи гранатам “уруйдуу” көрүстэ. Ол кэмҥэ аны молдаванин уолум тыаһа-ууһа сүрдэннэ. Кини массыыналара иккиэн умайан күүдэпчилэннилэр. Оттон миэнэ биирим бүүс-бүтүн турар. Онтубун аны умайа турар массыынам мэһэйдиир. Бүтэһик гранатабын тутан баран, уулуссаҕа сүүрэн таҕыстым. Умайа турааччыны эргийэ сүүрэн эрдэхпинэ, хараҥаттан аптамаат тыаһа тачыгыраата. Хаҥас илиибинэн тута сылдьар бинтиэпкэбэр буулдьа охсуллан, чуут төлө тута сыстым. Гранатабын массыына кабинатын анныгар кыыратаат, суол биир өттүгэр ыстанным. Сонно тута дэлби тэбии сатараата, массыына аҥаар күлүөһэтэ хантан эрэ үөһэттэн көтөн кэлэн, аттыбар саайылынна. Онтон-мантан шмайсердар чачыгыраһан, хараҥаҕа уоттара кыламныыллар. Олору ытыалыах буолбутум, бинтиэпкэм мас луоһун буулдьа хампарытан, синньигэс тимирэ эрэ ордубут.
Өстөөх ортотугар хабыс-хараҥаҕа кынчаал быһахтаах эрэ хаалбыппын. Бинтиэпкэбин бырахпатым. Массыыналар өссө да умайаллар, эрэһиинэ сыта бөҕө. Молдаваммар сүүрбүтүм, киһим мэлигир! Ыксал буолла, саатар, ытыалаһар сэбим суох. Дьонум барбыт сирдэрин диэки ытыалаһыы сүрдэннэ. Онно барарга сананным, баҕар, саа дуу, аптамаат дуу булунуом. Били гранатаны бырахпыт дьиэм таһыгар кэлбитим, иһирдьэ ньуу-ньаа саҥа бөҕө. Ону өҥөлдьүйэр, көрө сатыыр бокуой суох, дьонум диэки дьулуруйабын. Россия халлаанын хараҥа түүнэ эрэ быыһыыр түгэнэ үүннэ. Арай иннибэр чуп-чугас туох эрэ барыҥнаата, ону кытта тэҥҥэ ньиэмэстии саҥа кылыгыраата. Мин хаһыыра түһэн баран, икки илиибинэн тутан испит бинтиэпкэбинэн мээнэ охсон саайдым. Туох эрэ сымнаҕаска “ньылк” гынна, киһи хаһыырда, охтон түһэрэ иһилиннэ. Харбыалаһан көрбүтүм, түөһүгэр кириэс уордьаннаах, эппилиэтэ долгун курдук, арааһа, эппиһиэр! Илиитигэр уһун уостаах бэстилиэттээх. Ону нэһиилэ арааран ыллым. Бу сэп хайдах ытарын билбэппин, ол иһин чыыбыһын эҥин тарда сатаабатым. Ол кэмҥэ дьон атаҕын тыаһа, нууччалыы саҥа иһилиннэ. Бэйэм дьонум иһэллэр эбит. Ыҥыртаан ыллым, киһибин туттаран-хаптаран көрдөрдүм. Илдьэ барар буоллубут. Дьоммуттан граната көрдөөтүм, биир уол тааҥканы утарар ыарахан гранаталааҕын биэрдэ. Кэлбит сирбит диэки сырыстыбыт. Мин били дьиэм ааныгар чугаһаат, кэтэһэн турдум, дьонум бара турдулар. Эмиэ ньиэмэс саҥата ньамаланна, тахсар ааҥҥа дьон барыҥнаата. Мин гранатабын бырахтым. Оо, ол кэнниттэн, ама, ким ордубут үһү?!
Хата, туох да дьалхаана суох дьоммутугар кэллибит. Сэттэ буолан ордубут этибит, молдаваниным эмиэ суоҕа. Били ньиэмэһим обер-лейтенант (старшай лейтенант) эбит. Мин дьонум бастакы ытыалааһыннарыгар түбэһэн, илиитин харытынан тосту ыттаран, куотан иһэн, миэхэ түбэспит. Мин бинтиэпкэм луоһа ордубут тимиринэн кэҥэриигэ саайбыппын. Ыстаапка наадалаах сибидиэнньэлэри биэрдэ диэбиттэрэ. Бинтиэпкэбин хаһаайыстыбаннай чааска өрөмүөҥҥэ туттарбытым. Оттон обер-лейтенант бэстилиэтэ парабеллум диэн эбит. Уолаттар сыал ытыалаан баран, соччо сэҥээрбэтэхтэрэ. Онтон хамандыырбыт киин ыстааптан бэрэбиэркэҕэ кэлбит майорга бэлэхтээбит этэ.
Хайа, сөп буолбаппыт дуо? Сэриини барытын мин кыайбыт курдук буолаары гынным дии…