1418 күннээх түүн күүдэпчилэммит Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии устуоруйатыгар Сталинград кыргыһыыта биир уһулуччу миэстэни ылар. Бу куорат иһин 200 күннээх түүн тохтоло суох ытыалаһыыга Саха сирин уонунан тыһыынча уола кыттыбыта. Кинилэртэн 935 киһи Сталинград куорат ытык буоругар үйэ-саас тухары хаалбыта. Саха сириттэн тиийбит 260 саллаат уонна эписиэр “Сталинград оборуонатын иһин” мэтээлинэн наҕараадаламмыта.
Мамай булгунньаҕа (Мамаев курган) ыстаап каарталарыгар 102-с үрдэлинэн бэлиэтэнэ сылдьара. Бу булгунньах 135 күннээх түүн устата кыргыһыы уотунан оргуйан, Сталинград көмүскэлин саамай итии туочукатынан ааттаммыта. Ол да иһин куораты көмүскээччилэр “Ни шагу назад!”, “За Волгой для нас земли нет!”, “Стоять насмерть!” диэбит тыллара уос номоҕо буолан, бүтүн сэрии фроннарын тилийэ көппүттэрэ.
1967 сыл алтынньы 15 күнэ — Волгоград (уруккута Сталинград) куорат устуоруйатыгар бэлиэ күн. Сталинград сэриитин дьоруойдарыгар анаан Мамай булгунньаҕар ансаамбыл-пааматынньык аһыллыбыта. Алта скульптурнай композиция 200 күннээх түүн кыргыһыылар араас түгэннэрин көрдөрөр. Олортон биир саамай көстүүлээхтэрэ “Стоять насмерть!” композицияны 1-кы хаартыскаҕа көрөн кэбис. Сэбиэскэй саллаат хорсун быһыытын уонна эр санаалааҕын көрдөрөр бу скульптураны Сталинграды көмүскээбит 62-с Армия командующайа, кэлин Сэбиэскэй Сойуус Маршала, икки төгүллээх Дьоруойа буолбут Василий Иванович Чуйков сирэйиттэн ойуулаан оҥорбуттара (2-с хаартысканы көр).
В.И. Чуйков Тула бааһынайын уола. Аҕыс уоллаах, түөрт кыыстаах улахан дьиэ кэргэн ортоку оҕолоро. Кини, кыратыттан үлэ ыараханын билэн улааппыт уол, Өктөөбүр өрөбөлүүссүйэтин тута ылыммыта. Балтика мотуруоһа, өрөбөлүүссүйэ саллаата. Адмирал Колчак баандатын урусхалласпыт 43-с полк сүүрбэччэ саастаах хамандыыра. Гражданскай сэриини икки Бойобуой Кыһыл Знамя уордьаннаах түмүктээбитэ. Байыаннай академияны бүтэрэн, Кыһыл Армия аатырбыт полководеһа, бастакы маршаллартан биирдэстэрэ В.Л. Блюхеры кытта бииргэ сулууспалаабыта.
Генерал-лейтенант Василий Чуйков 1942 сыл балаҕан ыйыгар Сталинграды көмүскүүр 62-с Армияҕа ананан кэлбитэ. Ол кэмҥэ Чурапчы Алаҕарын учуутала Гавриил Дмитриевич Протодьяконов Мамай булгунньаҕар 45 мм пушка (саллааттар таптаан “сорокопятка” дииллэрэ) наводчига этэ. Кини нейтральнай балаһаҕа соҕотоҕун хаалан, ньиэмэс үс тааҥкатын хампарыта ытыалыыр. Ону Командующай Чуйков стереотрубанан соһуйа көрөр уонна хорсун саллааты ыҥыртаран ылар. Ити 1942 сыл күһүнэ этэ. Командующай уонна саха хорсуна аһаҕастык кэпсэтэллэр, хамандыыр өссө саллааты ханньааҕынан күндүлүүр.
1945 сыл балаҕан ыйыгар Берлиҥҥэ 8-с гвардейскай (урукку 62-с) Армия Командующайа генерал-полковник Василий Чуйков уонна “Хорсунун иһин” үс мэтээллээх старшай сержант Гавриил Протодьяконов артиллеристар аармыйатааҕы күрэхтэһиилэригэр иккистээн көрсүбүттэрэ. Сталинград Мамай булгунньаҕыттан саҕалаан, Берлиҥҥэ тиийэ биэс төгүл бааһыран, расчетунуун 16, тус бэйэтэ сэттэ тааҥканы уматан тиийбит Протодьяконов бу да сырыыга албан ааттаах хамандыырын салыннарбыта уонна үөрдүбүтэ. Сорудах олус ыарахана: 76 мм улахан пуусканан утары, кырыыбалыы уонна туора сүүрэн иһэр тааҥка макеттарын хампы ытарга тоҕус сэнэрээти биэрэллэр. Утары уонна кырыыбалыы сүүрэн иһэр үс макыакка саха наводчига үс эрэ сэнэрээти ороскуоттуур. Онтон саамай ыарахан үһүс сорудах хаалар: үс макыат батысыһан иһэллэр. Балары эмиэ биһиги киһибит биирдии эрэ ытыынан хампарыта биэртэлиир. Командующай: “Маладьыас! Хайаан да сталинградеһы көрөбүн!” — диэн улаханнык хайгыыр.
Маршал уонна саллаат үһүс көрсүһүүлэрэ 1965 сыллаахха Москваҕа Улуу Кыайыы 20 сылыгар, онтон төрдүстэрэ 1973 сыллаахха Волгоградка “Маршал В.И. Чуйков уонна кини соратниктара” диэн документальнай киинэни устууга буолбуттара (3-с хаартыска).
Ити курдук, Мамай булгунньаҕын дьоруойдара, нуучча ньургуна, Маршал Василий Иванович Чуйков, саха хорсуна, старшай сержант Гавриил Дмитриевич Протодьяконов уһун сылларга доҕордоспуттара.