Биһиги В.Н. Оконешников аатынан Павловскай орто оскуолатын 10 кылаас үөрэнээччилэрэ Санкт-Петербург куоракка, идэҕэ туһаайар сыаллаах, сааскы сынньалаҥмытын атааран кэлбиппит.
Санкт-Петербург кэрэ, баай историялаах куораты олус сэргээтибит. Тула өттүҥ, хайа да дьиэ, собор майгыннаспат өттүлээх, бэйэтэ атын, ураты эбит. Араас музейдары, собордары көрөн астынныбыт. Бырагыраамабыт олус киэҥ этэ. Государственнай Правосудие, РАНХиТС, СПбТАСУ үөрэхтэргэ сылдьан кэллибит, устудьуоннар актыыптарын кытары көрсөн кэпсэппиппит, хас биирдии көрсүһүүбүт олус сэргэхтик, интэриэһинэйдик ааспыттара.
Маны таһынан, биһиги улахан сыаллаах-соруктаах айаннаабыппыт. Бурденко аатынан байыаннай клиническэй госпитальга анал байыаннай эпэрээссийэ кэмигэр бааhыран эмтэниини ааhар саха байыастарыгар бүттүүн оскуоланан хомуйан отон илдьибиппит. Бааhырбыт байыаннай сулууспалаахтары эмтээhиҥҥэ уонна чөллөрүгэр түhэриигэ, кыра да буоллар, кылааппытын киллэрбиппит буолуо диэн эрэнэбит. Байыастар дойдуларын олус ахтыбыттара буолуо диэн, хас биирдии кылаас “Саллаакка сурук” акцияҕа кыттыһан, сурук суруйдулар, илиилэрин сылааһынан угуттаммыт харысхал оҥорон ыыттылар.
Сыалбытын-сорукпутун этэҥҥэ толорон кэллибит. Биир дойдулаахтарбыт түргэнник үтүөрэн дьиэлэригэр тѳннѳллѳрүгэр баҕарабыт.
Егорова Ньургуйаана, В.Н. Оконешников аатынан пресс- киин.