Муома улууһун Улахан Чыыстай нэһилиэгэ улуус кииниттэн — Хонууттан 410 км ыраах сытар. Улахан Чыыстайга аҕыйах ахсааннаах эбээн норуотун кытта араас омуктар түөлбэлээн, таба, сылгы, ынах-сүөһү иитиитинэн дьарыктанан олороллор. Оскуолаҕа, уһуйааҥҥа эбээн тылын утумнаахтык үөрэтэллэр, көс оскуолата үлэлиир.
Н.С. Тарабукин аатынан Улахан Чыыстай орто оскуолатыгар маҥнайгы чиэппэр түмүктэннэ. Үөрэх чиэппэрин түмүктээт, үөрэнээччилэр ыстаадаҕа бардылар. Онно оҕолору көһө сылдьар кылаас педагог-иитээччитэ Оксана Громова үөрэ-көтө көрүстэ. Манна этэр эбит буоллахха, учуутал кэргэнэ, уола, чугас дьоно бары Н.В. Худи Харючи аатынан 8 №-дээх хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар родовой общиналарыгар үлэлииллэр. Биһиги Оксана Семеновналыын сибээскэ таҕыстыбыт:
— Таһырдьа тымныы түһэн, ыстаадаҕа оҕолор итии таҥастаах барыахтарын наада. Сорох оҕолор барыахтарын баҕарбыттарын да иһин, итии таҥастара суох буолан, бөһүөлэккэ хаалалларыгар тиийдилэр. Төрөппүттэр оҕолорун ыытаары, түбүккэ түстүлэр. Сайын бу ыстаадаҕа «Хоҥначан» диэн үлэ-сынньалаҥ лааҕыра үлэлээбитэ. Онно сылдьыбыт оҕолор эмиэ ыстаадаҕа барабыт диэн үөрүүлэрэ үгүс. Аара суолга дылы массыынанан, онтон утары табаһыттар оҕолору кэлэн ыллылар. Тычыгырас диэн сиргэ Улахан Чыыстай орто оскуолатын иһинэн үлэлиир көс оскуолата баар. Оҕолор бу ыстаадаҕа урут даҕаны сылдьаллар этэ. Манна 3 олорор дьиэ уонна мобильнай оскуола баар.
Ыстаадаҕа кэлээт, сарсыныгар уолаттар мас-муус тиэйэргэ табаһыттарга көмөлөстүлэр. Урут бу оскуолаҕа үөрэммит, каникул аайы манна кэлэн көмөлөһөр Генрих Ефимов, Индира Громова табаһыттары кытта табалары хомуйса сырыттылар. Кыргыттар чуум үлэһит Юлия Семеновнаҕа ас астыырга көмөлөстүлэр.
Көс оскуолаҕа икки үөрэнээччи уонна 2 иитиллээччи бааллар. Бөһүөлэктэн оҕолор кэлбиттэригэр үлэһиттэр «Хэллоуин» диэн биэчэри тэрийдилэр, оҕолор бары үөрэ-көтө кытыннылар. Табаһыттар даҕаны ону көрөн сэргэхсийдилэр. Сотору каникул бүтэрин саҕана, оҕолор бөһүөлэккэ үчүгэйдик сынньанан, күүс-уох эбинэн, үчүгэй настарыанньалаах дьиэлэригэр төннүөхтэрэ.
Көс оскуола суолтата уонна көдьүүһэ улахан. Манна оҕолор төрөөбүт төрүт тылларын, култуураларын үөрэтэллэрин таһынан, кыра эрдэхтэриттэн табаҕа сылдьан, төрүт үгэһи оҕо саастарыттан иҥэрэн, таба иитиитэ инники сайдыытыгар төһүү күүс буолалларын бэлиэтиир тоҕоостоох.
Анна СЛЕПЦОВА.
keskil14.ru