Улахан Аан — мин олорор дойдум. Биһиги дойдубут олус кэрэ. Дойдум элбэх кэрэ сирдэрдээх. Ол кэрэ сирдэрэ дириҥ историялаах. Мин олорор нэһилиэкпинэн киэн туттабын.
Нэһилиэккэ 6 маҕаһыын баар. Саамай биллэр тэрилтэ «Бөртө» сылгы собуота. Республикаҕа биир тарбахха баттанар тэрилтэнэн буолар. Мин “Бөртө” үрүҥ астарын сөбүлээн сиибин, ол курдук сүөгэйи, суораты ордоробун. Өссө нэһилиэккэ 2 музей баар. Ол курдук “Дьөһөгөй оҕото” уонна Айыы Уолун музей-дьиэтэ. Онон бу нэһилиэк олус сайдыылаах. Нэһилиэкпит биир кэрэ сирэ — Таҥара уолун кылыйбыт сирэ. Таҥара уола кылыйбыт хайата дэриэбинэбит ытык сирэ, мантан күүс-уох ылабыт, өйбүт-санаабыт ырааһырар, сааһыланар. Кини, кырдьык даҕаны, дьыл хайа да кэмигэр дьикти панорамата, кэрэ көстүүтэ арыллар.
Биһиги нэһилиэккэ “Оҕо таас” диэн эмиэ биир ураты памятник баар. Ону күрүөлээн, историятын сурукка тиһэн оҥорбуттара.
Биһиги нэһилиэкпитигэр киирэн истэххэ экопарк баар. Биһиги былырыын бииргэ үөрэнэр уолаттарбын кытта экопарк хаарын ыраастаабыппыт.
Улахан Ааммытын олус таптыыбыт, айылҕатын харыстыыбыт, кэрэ сирдэрин кэрэхсии көрөбүт, үлэһит дьонунан киэн туттабыт.
Аман Еремеев, М.Е. Васильева аатынан
2 Малдьаҕар орто оскуолатын 7 кылааһын үөрэнээччитэ.