Аҕам бииргэ төрөөбүт быраатын Неустроев Петр Григорьевичтыын олуннуьу 9 күнүгэр Россия саамай үрдүк хайатын Эльбруһу, өрө дабайаары Москва куораттан Минеральные Воды самолетунан көтөн кэлэн тиийбиппит. Онтон Пятигорскайга айаннаабыппыт. Онно гостиницаҕа хонон баран салҕыы Терскол диэн бөһүөлэккэ тиийбиппит. Саха сиригэр -50 кыраадыстан тымныы турар кэмигэр онно 15 кыраадыс сылаас этэ. «Бурка» диэн хостеллга базаламмыппыт. Алларааттан көрдөххө, Эльбрус хайа былыт кэннигэр саһан, көстүбэт этэ. Хайаҕа тахсыах иннинэ бастаан икки күн тренировочнай күннэр бэриллэллэр эбит. Бу күннэргэ 7 чааһы расчеттууллар, 4 час хайаны дабайыы, 3 час түһүү. Биһиги группабытыгар Санкт-Петербургтан, Краснодартан, Ростовтан улахан дьон бааллара уонна Санкт-Петербургтан гидтаах этибит. Биһиэхэ страховой быалары, ледоруб, трекинговай паалкалары биэрбиттэрэ. Атахпыт таҥаһыгар «Кошки», төбөбүтүгэр каска, сирэйбитигэр ачыкы кэппиппит. Бастакы күн Чегет диэн хайаҕа, 3200м. үрдүккэ, тахсыбыппыт. Хайаны өрө дабайарбыт тухары хаардыыр, тыала сытыы, температурата -10 этэ. Ол да буоллар хайаҕа тахсыбыппын ыарырҕаппатаҕым. Арай, төннөн түһүүгэ муустаах буолан, кутталлаах этэ. Иккис күммүтүгэр Эльбрус хайаҕа, 4200 м. өрө дабайан тахсыбыппыт. Температурата -20 этэ. Тыынарга салгына кытаанах буолар эбит. Тахсан истэххэ, 3800 м. сиргэ приюттар (хонор сирдэр), Гара-Баши турбаза баара. Онно сынньанан ылбыппыт. Салгыы үөһээ тахсар дьон үһүс күнтэн ити приюттарга базаланаллар эбит. Миигин, оскуола оҕото диэн, мантан үөһээ таһаарбатахтара. Кэлиҥҥи күннэргэ убайдааҕым бэйэлэрэ сылдьыбыттара, кинилэр 5240 м. тахса сылдьыбыттара.
Хайа туһунан киһи тылынан сатаан эппэт кэрэ дойдута, ураты салгыннаах, халлаана түргэнник уларыйар. Үөһээттэн алларааны көрөр астык. Манна дьон сынньана, хайаттан хайыһарынан түһүү спордун сэҥээрээччилэр, альпинистар элбэхтэр эбит этэ. Мин бу айаммыттан олохпор бастакыбын сөмөлүөккэ, поездка олорон, Россиябыт киин куоратын Москваны уонна иккис киин куоратынан биллэр Санкт Петербург курдук икки улахан куоракка сылдьаммын олус астынным. Урукку өттүгэр ханнык да буор да, таас да хайаларга дабайан, ыттан көрө илик этим. Уонна Россия саамай үрдүк чыпчааллаах хайатыгар Эльбруска тиийэн, дабайан, холонон көрбүтүм миэхэ умнуллубат түгэни өйбөр-сүрэхпэр хаалларда. Таас хайа буурҕалаах, тымныы салгыныгар киһи тулуурдаах, санаата күүстээх буолуон наада эбит. Таас хайа төһө да тымныы буоллар, бэйэтэ туспа кэрэлээх, киһини сөхтөрөр абылаҥнаах эбит. Хайа олохтоохторо хайаларын курдук тыйыс, бүдүрүйбэт санаалаахтар, тэтиэнэхтэр, кыаллаллар эбит диэн бэлиэтии көрдүм.
Бу сырыыбыттан акклиматизацияны үчүгэйдик ааһар гына дьарыктаныахха наада эбит дии санаатым. Итинник усулуобуйаҕа уонна киһи киһиэхэ омугуттан тутулуга суох истиҥ, көмөлөһөр сыһыана улахан оруоллаах эбит.
Кэлин улааттахпына, Эльбрус чыпчаалыгар тахсардыы өссө бара сылдьыам диэн баҕа санаалаахпын.Түгэни туһанан илдьэ сылдьыбыт убайбар Петрга уонна оскуолам салалтатыгар миигин дистанционнай үөрэххэ көҥүллээн ыыппыттарыгар барҕа махталбын тиэрдэбин!
Эльдар НЕУСТРОЕВ, VIII кылаас
Н.Д. Неустроев аатынан
Уус Таатта орто оскуолатын медиа киинэ