Бу — оҕо саас сырдык ырата. Алгыс курдук элбэхтэ хатыламмыт мэктиэ тыл. Бэйэҕэ этинэр баҕа санаа — «Улаатарым буоллар мин» .
Баҕана анныгар
Сураҕа түөрт саастаахпар үһү. Саас убайым Уйбаан сыырга илдьибит. Салаасканан сырылаары. Миигин уот баҕанатын аттыгар туруорбут. Мээнэ барбатын диэн. Бэйэтэ уолаттардыын оонньуу ыстаммыт. Ол сылдьан көрдөҕүнэ, мин баҕананы кууспуппун. Тугу эрэ саҥара-саҥара халлааны көрөр үһүбүн.
Оҕолор бары муодарҕаабыттар. Халлааҥҥа туох да суох эбит. Сырсан кэлэн, тулалыы турбуттар. Мин кинилэргэ кыһаммакка, саҥарбытым курдук саҥара турбуппун.
Баҕанаҕа ыттыаҕым,
Халлааҥҥа тиийиэҕим.
«Халлаан таай, дорообо!» — диэҕим.
Халлаан курдук улаатаары, баҕананы кууспутуҥ диэччи убайым бараххан.
«Түксү, мээрилээмэ»
Кыра кылааска үөрэнэбин. Биир өрөбүлгэ от тиэйэр буоллубут. Аҕам тырахтарыыс. Тыраахтара ыраах турар. Онон гаражка сатыы бардыбыт Кы һыҥҥы сарсыарда. Таһырдьа хараҥа. Аҕаи инникки. Мин саппай уопсабын. Халлаан бүтүннүү чаҕыл сулус.
— Аҕаа, ити ханнык сулуһуй ?
— Орой сулус.
— Оттон оол ханныгый ?
— Араҥас сулус. Көр эрэ, халлаан сиигин.
Киһим инньэ дии-дии харса суох хаамар. Мин киниттэн хаалымаары, ыксал бөҕөтө. Ол иһэн, биир кэм ону-маны ыйытабын. Бытаараарай диэн. Аҕам хардыыта киэҥ. Ситтэрбэт. Уһук бүтэһигэр киһим «түксү, мээрилээмэ» диэн саба саҥарда.
Оччолорго кинилиин тэҥҥэ хаамар, тэҥҥэ кэпсэтэр кыаҕым суоҕа…
Туора дьон ортотугар
Физкультура уруогун кэннэ буолбута. Кылааска киирэн таҥаспытын кэттибит. Утаакы буолаат, ахсаан уруога саҕаланна. Кэнники паартаҕа олоробун. Тириппитим ааһа илик. Учуутал саҥатын соччо истибэппин.
Уолугум сиэбигэр туох эрэ баар. Хастым. Сып-сымнаҕас түү сылдьар. Ороон таһаартым – өлбүт кутуйах ! Ким эрэ укпут. Иннибэр олорор Сэргэйи анньыалыыбын. Кутуйах баар дии-дии. Ону итэҕэйбэт. Ыл, оччоҕуна ороо диэн сиэппин атыттым. Киһим быччаччы тутан таһаарда уонна…Света тэтэрээтигэр бырахта.
Кыыс часкыйаат, уҥан хаалла. Иэдээннээхэй айманыы. Фельдшеры ыҥырдылар. Ол икки ардыгар кутуйаҕы миэхэ туттардылар уонна ханна эрэ илтилэр. Ханнык эр киһиэхэ. Кини миигин кулгаахпыттан ылаат, атын сиргэ дэллэриттэ. Биир хоско киирдибит. Табах буруотун быыһыттан, сөҥ куолас «оҕону ыыт» диэтэ. Били киһи илиитин араарда уонна кэпсээтэ. Ыарыһах кыыһы кутуйаҕынан куттаата, кыыс сүрэҕэ ыарыйда диэн. Инньэ диэт , тахсан барда.
Кини тахсаатын кытта, ытаан бардым. Аҥаар илиибэр кутуйахтаахпын, аҥаар илиибинэн хараҕым уутун соттобун. Кутуйаҕы кутуругуттан тута сылдьабын.
Табаахтыы олорбут киһи ылы-чып. Тугу да саҥарбат.Оннук олорболоот, «кутуйаҕы солуурга бырах» диэтэ. Туох хайдах буолбутун ыйыталаста уонна кылааспар төттөрү ыытта. Дьэ итинник, оскуола дириэктэрэ Сергей Николаевиһы аан бастаан билбитим. Өйдүүр уонна аһынар киһи баарын.
Наар аанньа
Пионер кыһыл хаалтыстаах. Наһаа киэркэйэн, көстөр үөрнээччи. Кыра киһи тэҥнэспэт киһитэ.
Биһиги пионер кэккэтигэр киириэхтээхпит. Кылаас оҕото бары. Онуоха наар бэлэмнииллэр. Ленин төрөөбүт күнүгэр ити сарсын буолуохтаах.
Уруок бүппүтүн кэннэ дьиэлээн иһэбит. Синньигэс тротуар устун. Тротуары былдьаһан, хардарыта үтүрүйсэ оонньуубут. Өлүү болдьохтоох, миэхэ Аркадий түбэстэ. Мин алҕаска кини муннун таарыйдым. Муннун хаана кэллэ. Киһим үрдүбэр түстэ. Булумахтана сырыттахпытына, биир киһи иккиэммитин тутан ылла. Чугастааҕы дьиэҕэ киллэрдэ. Аааппытын-суолбутун суруннулар. Ханнык оскуолаҕа, кылааска үөрэнэрбитин эмиэ.
Нөҥүө күнүгэр төрдүс кылаастары пионерга ылыы саҕаланна.Хаалтыспытын бары илиибитигэр тутан турабыт. Андаҕаттылар.
Пионер уолаттар-кыргыттар хаалтыһы баайан бардылар. Миэхэ баайаары гыммыт кыыһы баһаатай тохтотто. Тугу эрэ сибис гынна. Суос-соҕотох туран хааллым. Пионерга киирбиттэри баһаатай истиҥник эҕэрдэлээтэ. Миигин туран бэҕэһээ бэрээдэги кэспиккин , онон пионерга ылбаппыт диэтэ. Бүттэхпит ол. Хаалтыспын сиэппэр угуннум…
Кэлин, ханнык эрэ сборга, үкчү бэйэм курдуктары мунньан, хаалтыспытын баайбыттара.
Хаалтыһым эрэйдээх аҕыйах хонугунан хайдыбыта.Кыыһырбыт учуутал саҕабыттан ылаары, хаалтыспын тыыра тарпыта. Ону хара сабынан үүйэ тигэн кэбиспитим.
Ххх
«Улаатарым буоллар ньии, оскуолаҕа барыам этэ, кинигэ суумка тутуурдаах, сарсыарда аайы сүүрүөм этэ». Биирдэ эмэ бу хоһоону өйдөөн кэлэбин уонна улаатар баҕабын ахта саныыбын…
Төһө да сааһыра быһыытыйдар, син биир кыралыы уйадыйар түгэн ханна барыай?! Ол иһин сорох түгэҥҥэ «улаатарым буоллар мин…» диэҕи баҕарыллар.
Ааптар: А.Николаев.