Билиҥҥи оҕо үксэ аахпат буолан, тыллара-өстөрө татым, сыыһалаах суруйаллар, оҥорон көрөр, умсугутуулаахтык кэпсиир, санааны сааһылаан этэр дьоҕурдара мөлтөһүөр. Саамай сүрүнэ – дууһалара бүтэҥирбит: бэйэмсэхтэр, кыра аайы үөрбэттэр, аһыныгаһа суохтар, атын дьон туһугар кыһаллыбаттар. Оттон биһиги билэбит — уус-уран айымньы киһи дууһатын иитэр аналлааҕын: духуобунай эйгэбитин байытар, хоруй көрдүүр ыйытыыбытыгар эппиэт биэрэр, олоххо көрүүбүтүн уларытар, сиэрдээх буоларга уһуйар, итэҕэспитин туораттан көрөн билинэргэ үөрэтэр, олох сыаннастарын иҥэрэр, билиибитин хаҥатар, үрдүккэ кынаттыыр.
Дьэ, көр ити – ситиһиилээх буолуу кистэлэҥин арыйар эҥин араас “мотивационнай” дэнэр муодунай кинигэлэрдээҕэр уус-уран айымньы киһи быһыытынан сайдыыгар быдан туһалааҕа, сабыдыаллааҕа, көдьүүстээҕэ итинтэн көстөр. Тоҕо диэтэххэ, уус-уран айымньыга, “мотивационнай” кинигэлэргэ курдук, үүнэр-сайдар суолгун “оннук гын, итинник сыыһа” диэн ыйан-кэрдэн, сүбэлээн, ытыска ууран биэрбэттэр. Манна эн төбөҕүн үлэлэтэн, аһынар, үөрүүнү-хомолтону тэҥҥэ үллэстэр, таптыыр-ахтар иэйиигин уһугуннаран, геройдар быһыыларын-майгыларын ырытан, сюжетын илдьиритэн, проблематын быһааран, олоҕу кытта тэҥнээн, ырааҕынан анааран, бэйэҥ туох эмэ түмүккэ кэлэҕин.
Ол иһин, оҕолоор, кыраттан үөрэр, олохтон үчүгэйи эрэ көрөр, кэрэни кэрэхсиир нарын дууһалаах киһи буолуоххутун баҕарар буоллаххытына, үксэ харчы оҥорорго эрэ туһуламмыт “мотивационнайдары” эрэ буолбакка, уус-уран айымньыны ааҕа сатааҥ. Хомоҕой тыл күүһүнэн, бэйэҥ төбөҕөр ойуулаан көрөр дьоҕургунан эн атын кэмҥэ, олоххо, эйгэҕэ киириэҥ, кэпсэнэр геройдардыын тэҥҥэ сылдьар курдук сананыаҥ, ааҕыы алыптаах эйгэтин, саҥа умсугутуулаах дьарыгы бэйэҕэр арыйыаҥ…
Билигин бэчээттиир тэрилтэ да дэлэйэн, суруйар да киһи элбээн, араас ис хоһоонноох, жанрдаах, киэптээх кэпсээн, сэһэн, роман үгүс.
Ол баһаам үтүмэнтэн эйиэхэ, улаатан эрэр оҕоҕо, бэйэм аахпыт кинигэлэрбиттэн сөптөөхтөрүн талан билиһиннэрэбин: Наринэ Абагарян “Манюня”, Анджела Нанетти “Мой дедушка был вишней”, Станислав Востоков “Ветер делают деревья”, Екатерина Мурашова “Класс коррекции”, Эдуард Веркин “Облачный полк” уонна “Друг апрель”, Ольга Громова “Сахарный ребенок”, Мария Парр “Вафельное сердце”, Мариам Петросян “Дом, в котором…”, Андрей Жвалевский, Евгений Пастернак “Время всегда хорошее”, Альберт Лиханов “Девочка, которой все равно”/ “Мальчик, которому не больно”.
Оҕолоор, сыалла-сорукта туруоран, бу кинигэлэри сыл устата ааҕыҥ. Нууччалыы саҥаҕыт сайдыа, сөпкө суруйар буолуоххут, итиэннэ саамай сүрүнэ – эһигини долгутар элбэх “тоҕо?” диэн ыйытыыгытыгар, таптал, доҕордоһуу, төрөппүттүүн сыһыан, улаатыы туһунан боппуруостарга эппиэти булуоххут.
Анисия Иевлева.