Бу күннэргэ куорат бүттүүн оскуолаларыгар тиһэх чуорааннар чугдаардылар. Аны аҕыйах күннэринэн биир кэлим эксээмэннэр буолуохтара. Бу эппиэттинэстээх күҥҥэ хас биирдии үөрэнээччи олус долгуйар, куттанар.
Бүгүн биһиги ыалдьыппыт — МАОУ “Саха политехническай лицей” үрдүк категориялаах уйулҕаһыта, профориентолог Светлана Иннокентьевна эксээмэн туттарар оҕолорго, төрөппүттэргэ сүбэлэри биэриэҕэ.
Үөрэнээччи эксээмэнтэн долгуйуута
Эксээмэн иннинэ оҕо араас биричиинэттэн долгуйар:
— билиитигэр эрэлэ суоҕуттан;
— эксээмэн түмүгүн инники олоҕун кытары ситимниириттэн;
— тулалыыр улахан дьон оҕо кыаҕын таһынан ирдэбили туруоралларыттан уонна бэйэлэрэ долгуйууларын оҕолорго тириэрдиллэриттэн;
БКЭ үтүө өрүттэрэ
Билиҥҥи үөрэх салаатын үлэһиттэрэ этэллэринэн БКЭ икки сыалы ситиһэр буолан оҕолорго ордук долгутуулаах, ол эрэн үчүгэйэ диэн биир эксээмэнинэн икки сыалы ситиһэллэр: бастакытынан, оскуоланы бүтэрэллэрин быһыытынан, бэрэбиэркэ ааһаллар, иккиһинэн, баҕалаах үөрэхтэригэр туттарсалларыгар баал ылаллар. Онтон 9-с кылаас оҕолоругар эксээмэннэр профильнай кылаастарга киирэллэригэр олук буолар уонна орто үөрэх кыһаларыгар туттарсалларыгар аттестат сыанатыгар дьайар. Оҕо сөбүлүүр идэтин талбыт, эрдэттэн бэлэмнэнэн, дьулуһан туран үөрэнэн, сыаллаах-соруктаах буоллаҕына эксээмэннэригэр улаханнык ыарырҕатыа суоҕун сөп.
Тургутугу ааһыы оҕолорго көмөтө
Дьиҥинэн, оҕо олоххо барытын “бу түгэн миигин туохха үөрэтэрий?” диэн толкуйдуу, көрө үөрэниэн наада. Аныгы олох ирдэбилинэн оҕо маннык араас тургутуулары сатаан ааһарга үөрэнэрэ — оҕоҕо бэйэтигэр улахан суолталаах. Кини бу кэмҥэ бэйэтин хомулларга, билиитин дьаарыстанарыгар, дьиссипилиинэҕэ, туруоруммут сыалы-соругу ситиһэргэ үөрэнэр.
Оҕо үөрэҕин таларыгар хас да быыбардаах буолара наада, сорох түгэннэргэ эксээмэнин сатаан туттарбатаҕына диэн варианнары төрөппүт эмиэ көрөрө, кэпсэтиллэрэ суолталаах. Оҕо араас быыбардаах буоллаҕына долгуйара намтыыр.
Дьиэ-кэргэҥҥэ, төрөппүттэргэ сүбэ
Дьиэ-кэргэҥҥэ чэгиэн-чэбдик иитии, оҕо бигэ туруктаах буоларыгар көмөлөһөр. Саха философиятынан саха оҕотун үс кута (өйө санаата, ис туруга, этэ сиинэ) бөҕө буоллаҕына, оҕо доруобай уонна араас ыарахаттары, туругутуулары ааһарыгар тирэхтээх буолар. Онно дьиэ кэргэн уонна тулалыыр улахан дьон, үөрэтэр учууталлара оҕолорго үтүө, эйэҕэс сыһыаннаах буолан көмө-тирэх буолаллара улахан суолталаах.
Эксээмэҥҥэ туһалаах сүбэлэр:
- Сөптөөх ас. Оҕо рационугар үгүс битэмииннээх астар баар буолаллара наадалаах. Элбэх оҕуруот аһа, фрукталар, үрүҥ ас, ити барыта үөрэнээччигэ сэниэ биэрэр. Сарсыарда өттүгэр тото-хана аһааҥ.
- Хамнан. Эксээмэҥҥэ бэлэмнэнэр кэмнэргэр хайаан да күҥҥэ 1-2 чаас таһырдьа хаамыталаа. Хааҥҥа кислород киирдэҕинэ, хаан сүүррэрэ тургэтээтэҕинэ мэйии үлэтэ, толкуйдуура түргэтиир эбит.
- Уларыт. Эксээмэн диэн тылтан долгуйаргыт улаатар буоллаҕына, ити тылы эйигин уоскутар, үөрдэр, үтүө тылынан уларытан этиэххэ сөп.
- Ылыныы. Омук учуонайдара ыыппыт чинчийиилэрин түмүгүнэн, киһи долгуйарын абааһы көрбөккө төттөрүтүн ылыныахтаах эбит (принятие). Оҕо долгуйуу көмөлөөҕүн өйдөөтөҕүнэ, олус үчүгэйдик санаатаҕына долгуйуу ааһан хаалар эбит диэн түмүккэ кэлбиттэр.
- Чэпчэкиттэн саҕалаа. Эксээмэн сорудахтарын түҥэппиттэрин кэнниттэн, сорудахтаргын түргэн-түргэнник көрүтэлээ. Саамай чэпчэки дии санаабыт сорудахтаргын бастакынан толорон саҕалаа. Оччоҕуна ыарахан суоттарга толкуйдуурга элбэх бириэмэ ордуо.
- Бириэмэҕитин учуоттааҥ. Эксээмэн хас биирдии сорудаҕар биримиэтэ ууруҥ, чаһыны кэтээҥ. Эксээмэн түмүктэнэрэ ыган кэллэҕинэ ыксаан сыыһа-халты эппиэргин уларытыма. Хаста да бэрэбиэркэлэн.
- Сөпкө тыыныҥ. Эксээмэҥҥэ долгуйууттан сөпкө тыыны көмөлөһүө, сорудаххытыгар чэпчэкитик түмүллүөххүт. Хараххытын симиҥ уонна салгыны эҕирийэн баран бытааннык таһаарыҥ.
- Үчүгэйгэ эрэниҥ. Төбөҕүт иһигэр баҕа санааҕыт туолбутун толкуйдааҥ.Холобур: “Туох баар сорудаҕы сатаатым, үчүгэйдик толордум, баҕарбыт үөрээхпэр киирэбин”. Баҕа санааҕыт төһөнөн элбэх уонна сырдык оччонон үчүгэй. Маннык ньыма эксээмэнтэн олус долгуйартан аралдьытыа.
- Сынньаныҥ. Оҕо эт-сиин өттүнэн үчүгэйдик сынньана сырыттаҕына информацияны түргэнник ылынар, иҥэринэр. Ол иһин сөпкө эрдэ утуйан, эрдэ туран режимы көрүнэр табыгастаах.
Онон, күндү оскуоланы бүтэрээччи бэйэҕэр эрэн, эн эксээмэннэри хайаан да туттарыаҥ! Ситиһиилэри!
матырыйаалы Кристина Иванова бэлэмнээтэ.