Бу бүгүҥҥү дьалхааннаах күҥҥэ киһи эрэ бары долгуйа, санааҕа-онооҕо ылларар. Онтон оһуоба оҕолор араас сымыйа сурахтан, фейковай сонуннартан арааһы көрөн-истэн мунаахсыйыахтарын сөп.
Кистэл буолбатах, билигин оҕо эрэ барыта кэриэтэ Интернет ситимигэр көҥүл олороллор, онон барытын билэ-көрө олороллоро саарбаҕа суох. Онтон оҕолорбутун араас куһаҕан, үксүгэр сымыйа (фейк) сонуннартан хайдах харыстыыбыт уонна бу буола турар быһыыны-майгыны оҕолорго хайдах тиэрдэбит? Бу боппуруоска төрөппүт бары кэриэтэ долгуйар уонна мунаахсыйыан сөп.
Биһиги бүгүн уйулҕа үөрэхтээҕиттэн Вероника Александроваттан-Эрэлкээнэттэн бэйэни уонна оҕолорбутун сымыйа сурахтартан хайдах харыстыырбытын уонна дойду үрдүнэн буола турар быһыыны-майгыны хайдах ылынарбытын туоһуластыбыт:
— Киһи барыта билигин долгуйар. Оннук буолуохтаах. Киһи айылҕаттан оннук, ол иһин уопсастыбаҕа олоробут. Улахан дьон оҕо туһугар эппиэтинэстээх буолан өссө күүскэ долгуйаллар. Искитигэр кистээмэҥ, долгуйбуккутун таскытыгар таһаарыҥ.
Оҕолорго туох, хайдах буола турарын бэйэҕит хайдах өйдүүргүтүнэн быһаарыҥ. Саамай сүрүнэ — куруутун үчүгэйинэн бүтүө диэн эрэниҥ. Буола турар быһыы-майгы биһиэхэ хайдах сыһыаннааҕын, хайдах дьайыан сөбүн быһаарыҥ. Энчириир түгэнигэр тугу гыныаххытын сөбүн быһаарсыҥ. Холобура, биһиги бу байыаннай быһыы дорҕооно аччыктааһын быһыытынан кэлиэн сөп диэн быһаардыбыт. Онон быйыл элбэх оҕуруот олордуохпут, сир астыахпыт диэн быһаарыстыбыт. Ити курдук сыаллаах-соруктаах дьон долгуйа сайыммытын күүтэбит. Эһиги эмиэ сыаллаах, ыра санаалаах буолуҥ!
Онтон бу соторутааҕыта Тэрис «Айыы суола» сахалыы үөрэх кинигэтигэр олоҕуран тиһиллэр «Ыра санаа каартатын» оҥоруу туһунан Вероника Александрова -Эрэлкээнэ биһиги «Кэскил медиа продакшн» ютуб-канаалбытыгар сиһилии кэпсээбитэ, ону бу видеоҕа көрөргүтүгэр ыҥырабыт:
Уйулҕа үөрэхтээҕэ, этнопедагог Вероника Александрова-Эрэлкээнэ Инстаграм ситимиттэн @erelkeene_plus аадырыстан булуоххутун сөп.
Эрэллээх буолуҥ, долгуйумаҥ, барыта этэҥҥэ буолуо эрэ диэн санаанан салайтаран олоруоҕуҥ!
Бэлэмнээтэ Анна СЛЕПЦОВА.