Дьоҕур диэн тугуй? Хайдаҕый? Хайдах киһиэхэ баар буоларый? Дьоҕур — талаан, айылҕаттан бэриллибит туһалаах, наадалаах хаачыстыба. Хас биирдии киһиэхэ баар. Амма улууһун Бөтүҥ нэһилиэгиттэн төрүттээх Дархан Слепцов туһунан кэпсиэхпин баҕарабын. Кини кыра эрдэҕиттэн маһынан уһанар, араас интэриэһинэй оҥоһуктары оҥорор. Киһи соһуйуон, Дархан эн саастыылааҕыҥ.
Дархан кып — кыра эрдэҕиттэн наар ону — маны тоҥсуйар идэлээх эбит. Ону төрөппүттэрэ барабанщик буолуон баҕарар диэн барабан атыылаһан аҕалбыттар. Ол эрэн, уоллара тоҥсуйарын тохтоппотох. Кэнники кэтээн көрбүттэрэ мастан ону- маны оҥорор дьоҕурдааҕа биллибит. Аан маҥнай кыра бэстилиэттэри мастан оҥорбут. Салгыы ийэтигэр теплицаҕа олорор олоппос оҥорон соһуппут.
Дархан аҕата эмиэ талааннаах тарбахтаах уус. Сыдьааннарыгар эмиэ уустар бааллар диэн кэпсиир. Идэтинэн худуоһунньук ювелир. Ийэтэ эмиэ уруһуй учуутала. Онон Дархаҥҥа уһанар дьоҕур мээнэ баар буолбатах. Кини өбүгэтигэр, өйүгэр-санаатыгар уста сылдьар айылҕаттан бэриллибит дьоҕур, удьуор буолар. Ити курдук, Дархан маһынан кыралаан уһана сылдьан сакаас ылар буолбут. Аан бастаан саҥа дьылга «Гарри Поттер» киинэҕэ баар курдук аптаах палочкалары оҥорон атыылаабыт. Кэлин телефон уурар подставканы хамаҕатык батарбыт. Аҕата уус буолан уһанар инструмена барыта баар. Кырачаан Дарханы сэрэнэн туттарга үөрэппит. Ленточнай станогу, лобзигы уонна токарнай станогу билигин холкутук сатыыр. Ол эрэн, аҕата баарыгар, көҥүл ылан баран биирдэ үлэлэтэр. Дархан сарсыарда үөрэнэр, күнүс дьарыгар сылдьар, дьиэтээҕи соруктарын толорор. Киэһэтин иллэҥ буолла да аҕатынаан мастерскойга сүтэллэр. Иэйии, дьоҕур эйгэтигэр киирэллэр.
Дархан: “Үтүө күнүнэн! Мин билигин VIII кылааска ситиһиилээхтик үөрэнэбин. Кыра эрдэхпиттэн маһынан уһанабын. Аҕабын кытта иккиэн тутан-хабан араас оҥоһуктары оҥоробут. Саамай улахан уонна уустук сакааһым стремянка этэ. Хас да күн уһаммытым. Хата, аҕам сүбэлээн, уустук өттүн көрдөрөн оҥорбутум. Өссө кумааҕыттан араас оҥоһуктары оҥорорбун сөбүлүүбүн. Устудьуон убайдаахпын, кини эмиэ уһанар. Аҕабыт курдук туһалаах маллары оҥорорбутун астынабыт. Саамай киэн туттар сакааһым Руслан Еремеевич Федотовка оҥоһукпун бэлэхтээбиттэрэ”. Ити курдук, Дархан араас интэриэһинэй, туһалаах оҥоһуктары оҥорор. Сылтан сыл дьоҕура сайдан, тутара – хабара күүскэ үөрэнэн туохтан да толлубат. Өйүгэр-санаатыгар идея эрэ киирдэр ону олоххо тута киллэрэн иһэр.
Эдэр киһи айар аартыга аһаҕас, толкуйа тобуллаҕас буоллун диэн саха сиэринэн сэрэнэн сэмээр алҕыы хаалабыт.
Нюргуяна Захарова