Бүгүн удьуору утумнаан тута сылдьар дьиэ кэргэн туһунан сырдатыахпын баҕарабын. Кинилэр Дьокуускай куорат олохтоохторо, икки оҕолоох эдэр ыал Стрекаловскайдар буолаллар. Төрүччүлэрин көрдөххө, урут — уруккуттан спорду өрө туппут ыал эбит. Хос эһээлэрэ – Михаил Михайлович Стрекаловский сахалартан бастакы “Герой России”, Аҕа дойду сэриитин кыттыылааҕа. Түргэн туттуулаах мас ууһа, муосчут, куһу-хааһы, куобаҕы, саһылы, тайаҕы уһаарбыт киһи. Элбэх оҕолоох. Онтон кини уола – Михаил Михайлович Стрекаловский Ис дьыала министиэристибэтин бэтэрээнэ, эмиэ сүүрүк спортсмен. Онтон сиэн уол – Михаил Михайлович Стрекаловский тарбаҕар талааннаах скульптор, хайыһарга өрөспүүбүлүкэ чемпиона, пульевой ытыыга разрядник. Кини оҕолоро, сиэн кыргыттар Кристина Дьокуускай куорат Оҕо дыбарыаһын 3 кылааһын үөрэнээччитэ уонна Виолетта “Остров Сокровищ” оҕо саадын иитиллээччитэ. Иккиэн художественнай гимнастиканан дьарыктаналлар. Улахан кыыс Кристина 2 спортивнай разрядтаах. Ыал ийэтэ Любовь Ивановна психолог үөрэхтээх, сөбүлүүр дьарыга үҥкүү.
Любовь Ивановна: «Биһиги дьиэ кэргэн спорду өрө тутабыт, чөл олоҕу тутуһабыт. Киэн туттар дьоммутун, төрүччүбүтүн билэ-көрө сатыыбыт. Хос эһээбит сүрдээх сымса, сыыдам, кыахтаах киһи диэн кэпсииллэр. Сэрииттэн кэлэн баран дойдутугар Уус Алдан улууһун Өнөр бөһүөлэгэр кадровай булчутунан үлэлээбит. Онтон эһээбит Ис дьыала министиэристибэтигэр үлэлээбитэ. Билигин сүүрүүгэ куруук тэрилтэтин чиэһин куруук көмүскүүр. Ытыынан дьарыктанар.
Мин бэйэм аҕам Иван Григорьевич Неустроев эмиэ спортсмен бэрдэ. Өр сылларга Сыырдаах бөһүөлэгэр спорт инструкторынан 16 сыл устата үлэлээбитэ.
Онон биһиги дьиэ кэргэн икки өттүттэн спорт эйгэтигэр чугаспыт. Эһээлэрбит удьуордарын утумнаан оҕолоро, сиэттэрэ эмиэ спорду сүрдээҕин өрө туталлар. Кэргэним Михаил Михайлович Стрекаловский – диэн хос эһээтин, аҕатын аатын иҥэринэн, удьуордаан тута сылдьар. Аан бастаан күн сирин көрөрүгэр эһээтэ тыыннаах эбит. Ааппын ааттатар киһи буолуо диэн олус үөрбүт, дьолломмут. Ити курдук, хос эһээбит удьуора салҕанан баран иһэр, кини аата ааттана турар», – диэн ыал ийэтэ кэпсээнин түмүктүүр.
Хас биирдии киһиэхэ дьиэ кэргэн — күндү баайа, бигэ тирэҕэ буолар. Удьуору утумнуур, ону харыстаан сайыннарар, интэриэһиргиир – бу буолар дьол!
Нюргуяна Захарова