Саҥа үөрэх дьылын саҕаланыытыгар республикабытыгар балаҕан ыйын 27 күнүттэн алтынньы 7 күнүгэр диэри педагогическай декада ыытылынна. Декада сүрүн тэрээһининэн учууталлар уонна педагогическай общественность XIV сийиэстэрэ буолла.
Биһиги оскуолабытыттан бу тэрээһиҥҥэ СӨ, РФ үөрэҕириитин туйгуна, подполковник, «Десантник» парашютнай кулууп салайааччыта Владимир Николаевич Николаев уонна СӨ үөрэҕириитин туйгуна, «Радуга» оҕо тэрилтэтин салайааччыта Наталья Матвеевна Степанова кыттан кэллилэр.
Мин делегаттары көрсөн, бу улахан тэрээһин туһунан уонна быйыл оскуоланы бүтэрэрим быһыытынан БКЭ-ҥэ туох уларыйыы баар буолуоҕун тоһоҕолоон ыйыталастым.
Владимир Николаевич Николаев:
— Дүллүкү орто оскуолатыттан, улуустааҕы үөрэх салаатыттан талыллан, СӨ учууталларын XIV сийиэһигэр дэлэгээтинэн талыллан кыттан кэлбиппиттэн олус астынным. Урут маннык улахан суолталаах тэрээһиҥҥэ кытта илик этим. Съезд бастакы күнүгэр үөрэх министрэ И.П. Любимова уонна СӨ правительствотын председателин солбуйааччы С.В. Местников докылаат оҥорбуттара. Онтон 14 дэлэгээт тыл этэн, оҕо иитиитин боппуруоһугар улахан болҕомтону уурдулар. Республика оҕолорун ситиһиилэрэ этилиннэ. Биһиги улууспутуттан олимпиадаҕа кыттыбыт оҕолор эмиэ сийиэскэ баран кыттан кэллилэр.
БКЭ-ҥэ сыһыаннаах боппуруоһу элбэх киһи ыйытта. «Эксээмэни кулун тутар бүтэһигиттэн саҕалаан, баран ыам ыйыгар бүтэриэххэ» диэн этии киирбитэ.
Билигин дойдуга буола турар балаһыанньанан, начальнай байыаннай үөрэхтээһин уруогун оскуолаларга төттөрү киллэрэргэ диэн этилиннэ.
Алтынньы 6 күнүгэр куорат 2-с нүөмэрдээх оскуолатыгар Наталья Матвеевналыын кылаас чааһын ыыттыбыт. Мин оскуолабар ыытыллар байыаннай үөрэхтээһин уруогун уонна «Десантник» парашютнай кулууп үлэтин туһунан билиһиннэрдим. Бу оскуолаҕа 2011 оҕо, ол аата биһиги улууспут үөрэнээччилэрин аҥаарын саҕа оҕо үөрэнэр эбит. Химияны, биологияны дириҥэтэн үөрэтэр кылаас оҕолоро болҕомтолоохтук иһиттилэр, ыйыталастылар.
Онтон Ил Түмэн депутата Феодосия Васильевна Габышева Горнай уонна Үөһээ Бүлүү дэлэгээссийэтин кытта көрсүһүүтэ буолбута. Кини «оскуолаҕа байыаннай үөрэхтээһини киллэрии туһунан резолюцияҕа киирдэ гынан баран, билигин үбүлээһинэ быһаарылла илик боппуруос» диэтэ. Ленскэй, Нерюнгри, Алдан делегаттара орто анал үөрэхтээһин оруола үрдээбитин, оскуоланы бүтэрээччилэр үксүлэрэ бу үөрэх кыһаларыттан сайдан-үүнэн тахсалларын бэлиэтээтилэр. Элбэх көрсүһүү, кэпсэтии буолла. Съезд 2032 сылга диэри үөрэҕирии сайдыытын стратегиятын сыалын-соругун туруорда.
Наталья Матвеевна Степанова:
— Мин СӨ учууталларын уонна педагогическай общественноһын XIV сийиэһин үлэтигэр кыттыыны ылбыппыттан сүрдээҕин үөрэбин. Сийиэс САССР төрүттэммитэ 100 сылыгар, САССР үөрэхтээһинин народнай комиссариата тэриллибитэ 100 сылыгар уонна норуодунай учуутал М.А.Алексеев төрөөбүтэ 105 сылыгар, учууталлары бэлэмниир Бүлүүтээҕи педколледж тэриллибитэ 100 сылыгар үбүлүөйдээх сылга ыытылынна.
Бастакы күҥҥэ бары делегаттар Михаил Андреевич пааматынньыгар сибэкки дьөрбөтүн уурдубут. Бу буолар Улахан Учуутал аатын өрө тутуу, сүгүрүйүү!
«Россия-моя история» музейга «Образование, открытое в будущее» мультимедийнай быыстапкаҕа араас аныгы технологиялары билистибит.
2 нүөмэрдээх орто оскуолаҕа 10 «И» кылааска «Разговор о важном» тэрээһин буолла. Биһиги патриоттуу иитиигэ аналлаах кылаас чааһын ыыттыбыт. Оҕолор олус интэриэһиргээн иһиттилэр.Наһаа үчүгэйдик көрүстүлэр. Уолаттар сахалыы, ангылычаанныы хоһооннорунан дьүһүйүү толордулар. Төгүрүк остуол тула олорон кэпсэттибит.
Бу иннинэ биһиги тэрилтэбит оҕо хамсааһынын киэнэ буоллаҕына, билигин ыччаты кытта холбуу үлэҕэ киирдибит, онон Россия оҕолорун уонна ыччатын түмсүүтэ диэн буолла.
Биһиги улуустан барыта 20 дэлэгээт талыллан, кыттыыны ыллылар. Дүллүкүттэн өссө «Кустук» оҕо сайдыытын киинин үлэһитэ Розалия Кирилловна Ан уонна билигин Үөһээ Бүлүүтээҕи РЛИ математика учууталынан ситиһиилээхтик үлэлии сылдьар биир дойдулаахпыт, РФ үөрэҕириитин туйгуна Александр Васильевич Софронов кыттыыны ыллылар.
Дайаана Федорова, 11 кылаас, «Эрчим» эдкорпост.
Дүллүкү, Үөһээ Бүлүү.