«Хоро Бэргэн» диэн ох саанан ытыы күрэҕэ баарын билэҕит дуо? Бу күрэххэ республика араас муннугуттан барыта 13 хамаанда, 128 кыттааччы «Дохсун» спортивнай комплекска күөн көрүстэ.
Ол курдук, физкультура учуутала Аполлон Аполлонович Гуляев, оскуолабыт директора, история учуутала Анна Егоровна Обутова уонна эбии үөрэхтээһин педагога Пелагея Васильевна Дьяконова «куобах», «кус», «тииҥ» көрүҥнэригэр мэдээл ылар иһин күрэхтэстилэр.
Аполлон Аполлонович 33 эр киһиттэн «Куобахха» — 2 миэстэ, үс көрүҥ түмүгүнэн – 5 миэстэ, Анна Обутова 18 бэтэрээн дьахтартан «Куобахха» — 2 миэстэ, «Куска» – 2 миэстэ, үс көрүҥ түмүгүнэн – 3 миэстэ.
Учууталларбытын эҕэрдэлиибит уонна инникитин ситиһиилэри баҕарабыт!
Валя Гуляева, 8 кылаас,
«Дьоҕур» пресс-центр, Кэбээйи орто оскуолата.