Петрова Евдокия Владиславовна — А.И. Софронов аатынан Ытык-Күөл 1 №-дээх орто оскуолатын нуучча тылын уонна литературатын учуутала,СӨ үөрэҕириитин систиэмэтин туйгуна, “Надежда Якутии” бэлиэ наҕараадалаах, элбэх оҕолоох ийэ. Оҕону иитии төрүт угэстэрин, эдэр учууталлары идэ суолугар киллэриигэ утумнааһын, преемственность уонна бу сийиэстэн ылбыт билиитин туһунан санааларын билсиҥ.
— Аныгы үөрэх ситимигэр түргэн-тарҕан өйдөөх, бары өттүнэн дэгиттэр сайдыылаах, киэҥ билиилээх, сатабыллаах киһини иитии-үөрэтии, олоххо бэлэмнээн таһаарыы саҥаттан саҥа механизмнара түргэн тэтиминэн киирэн иһэллэр. Биһиги оскуолабыт учууталлара үөрэх саҥа стандартынан хас биирдии үөрэнээччи оскуолаҕа ылбыт билиитин олоххо сатаан туһанар, кэлэр кэм аныгы киһитин иитэн-үөрэтэн таһаарарга туһаайыллыахтааҕын саҥа хамсааһыннары киллэрэн, ситимнээх үлэни ыыталлар.
Хас биирдии оскуола сүрүн сыалынан-соругунан билиҥҥи олох балысханнык сайдар тэтимнээх кэмигэр оҕо духуобунай эйгэтин байытар, бөҕөргөтөр, сырдатар аналлаах тылы уонна литератураны хаачыстыбалаахтык үөрэтии ирдэбиллэрин толору ситиһии буолар.
Биһиги оскуолабыт уопуттаах учууталлара эдэр кэллиэгэлэригэр наставник буолаллара угэс буолбута ыраатта. Ол курдук, методическай кэмэ, араас таһымнаах тэрээһиннэргэ кытталларыгар көмө, сүбэ-ама буолаллар. Эдэр учууталлар сылын аайы соҕуруу куораттарга аналлаах куурустарга сылдьаллар, ол курдук, Москва, Казань университеттарыгар, институттарыгар үөрэннилэр. Улуус, оскуола иһинэн тэриллибит эдэр учууталлар холбоһуктарыгар атах тэпсэн олорон, бэйэ сайдар тосхолун оҥоруу туһунан аһаҕастык кэпсэтэллэр, санаа үллэстэллэр.