Усуйаана улууһун Хаһааччыйа оскуолатыттан дэлэгээт – алын кылаас учуутала Слепцова Любовь Валерьевна. Любовь Валерьевна СӨ үөрэҕириитин туйгуна, «Педагогические Надежды» куонкурус дипломана, Россиятааҕы «Таланты России», «Педагог XXI века», өрөспүүбүлүкэтээҕи «Лучший классный руководитель-22» куонкурустар лауреаттара буолар. «За вклад в развитие Севера и Арктики», «За вклад в социально-экономическое развитие Усть-Янского района» бэлиэлэр наҕараадалаах. Элбэх оҕолоох ийэ быһыытынан өрөспүүбүлүкэтээҕи «Матери России» хамсааһын көхтөөх чилиэнэ. «Свой стиль» муода театрын салайааччыта, Россиятааҕы, өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурустар кыайыылааҕа, кыттыылааҕа.
— Любовь Валерьевна, оҕону иитиигэ урут уруккуттан төрүт үгэспит, этнопедагогика суолтата улахан этэ. Бу туһунан эн санааҥ?
— Этнопедагогика оҕону иитиигэ суолтата олус улахан. Ол иһин биһиги оскуолабытыгар учууталлар бары анал бырайыагынан үлэлииллэр. Этнопедагогика — норуот оҕону иитэр ньымата фольклорга, сахалыы үгэстэргэ ( традиции ), сиэргэ- туомҥа түмүллэр. Этнопедагогиканы аан бастаан төрүттээбит ученай Г. Н. Волков. Саха сиригэр «Педагогика любви» диэн конференцияны элбэхтик ыыппыта, онтон төрүөттэнэн педярмаркалар саҕаламмыттара. Оҕону кыра сааһыттан этнопедагогика нуормаларыгар олоҕуран иитии туһунан элбэх научнай үлэ сурулунна. Хаһааччыйа орто оскуолатыгар «Төрөппүт академията» (родительская академия) үлэлиир. Биллиилээх этнопедагог Чиряев Константин Спиридонович 1994 с Казачьеҕа кэлэн билсиһэн барбыта, онтон ыла олох педагогиката, национальнай культураны, төрүт үгэстэри үөрэтии күүскэ үлэлээбитэ.
Билигин биһиэхэ «Олох оскуолата», «Олоҥхо педагогиката», «По следам народной педагогики» диэн родительская академия, «Школа юкагиров тундры» диэн олус элбэх араас проект үлэлиир. Учуутал барыта анал проегынан үлэлиир. Холобур, театральнай студия «Свой стиль» хотугу норуот духуобунай уонна материальнай култууратын үөрэтэн саҕалаабыта ыраатта. Оскуолабытыгар сылын аайы Олоҥхо, хомус уонна Ийэ тыл күнүн көхтөөхтүк бэлиэтиибит. Сүрүн тэрийээччи — саха тылын, литературатын В.Г.Аллагужина. Ситиһиибит да элбэх.
Хаһааччыйа орто оскуолатыгар үлэлиир ырыа, үҥкүү, айар үлэ, иис, уруһуй куруһуоктара — бары ураты национальнай колориттаах үлэлииллэр. Кыраайы үөрэтэр музейга эмиэ этнопедагогиканы көрдөрөр анал муннук баар. Оскуолабыт дириэктэрэ Окорокова Маргарита Степановна, өр кэмҥэ ситиһиилээхтик үлэлиир чахчы ураты дьоҕурдаах, сатабыллаах салайааччы уонна айылҕаттан талааннаах уһуйааччы, СӨ үтүөлээх учуутала, РФ үөрэхтээһин бочуоттаах үлэһитэ буолар. Итинник ураты чаҕылхай салайааччылаах буолан, Россиятааҕы да, өрөспүүбүлүкэтээҕи да араас таһымнаах күрэхтэһиилэргэ өрүү инники күөҥҥэ сылдьабыт.
— Көлүөнэ көлүөнэни солбуйсуута — олох ирдэбилэ. Эһиги оскуолагытыгар эдэр учууталлары идэ суолугар киллэрэр утумнааһын, наставничество диэн баар дуо? Эдэр учууталлары кытта хайдах улэлиигитий?
— Хаһааччыйа орто оскуолатыгар наставничество уруккуттан баар. Эдэр учууталлар бары куратор — наставнигы кытта бииргэ үлэлииллэр. Онтон ааспыт үөрэх дьылыгар икки учуутал (Горохова М. Х, Горохова Р. Н.) муниципальнай куонкуруска кыттыбыттара. Кинилэр куонкурус түмүгүнэн үрдүк баалы ылан, кыайыылаах буолбуттара уонна сайыҥҥы кэмҥэ эбии үөрэхтээһини ааһан, кууруска үөрэнэн, удостоверение ылбыттара Бэйэм эдэр учууталлар «Пеликан» диэн түмсүүлэрин салайааччыта буолабын.
— Педагогическай общественность сийиэһигэр этиллибит санаалартан эн ордук ханныгы биһирээтин? Бэйэҥ санааҕар, билигин ордук туох суолталаагый?
— Пед.общественность сийиэһигэр аан бастакыбын сырыттым, олус элбэҕи биллим-көрдүм. Ордук маннык суолталааҕы бэйэбэр бэлиэтээтим:
Инклюзивнай үөрэҕирии сайдыыта;
Талааннаах, дьоҕурдаах оҕолору таба көрөн, сайыннарыы, өйөбүл; Аныгы технология сайдыытыгар үөрэх эйгэтин инфраструктуратын сайыннарыы, үөрэҕирии систиэмэтин цифровой уларыйыыта.
Үөрэҕирии сүрүн сыалынан-соругунан оҕону ситиһиигэ сирдиир, аан дойду таһымыгар бастыҥнары кытта күрэхтэһэр (конкурентоспособность) кыаҕы биэрэр үөрэх аһаҕас эйгэтин тэрийии буолар.
Кэлэр кэнчээри ыччаты билиигэ- көрүүгэ уһуйан, олох киэҥ аартыгар атаарар күндү учууталлары, Саха республикатын бастыҥтан бастыҥ, ытык мааны дьонун — съезд бары делегаттарын бу үтүөкэн күнүнэн истиҥник эҕэрдэлиибин! Талан ылбыт тапталлаах идэҕитигэр, айар-тутар үлэҕитигэр өссө да үрдүктэн үрдүк ситиһиилэри, кытаанах доруобуйаны, сыралаах үлэҕит өрүү үтүө түмүктээх буолан, бар дьоммут үөрүүтэ улааттын, үөрэнээччилэрбит сөҕүмэр ситиһиилэринэн, өрүү үрдүк кирбиигэ дьулуһан, Сахабыт сирэ сайда, тупса туруохтун !
Кэпсэттэ Таисия Алексеева.