Дьааҥы улууһун Боронук оскуолатын иитэр уонна оҕо уопсастыбаннай тэрилтэлэрин кытта үлэҕэ дириэктэр сүбэһитэ, география учуутала Светлана Васильевна Ноговицына оҕону иитии төрүт угэстэрин, эдэр учууталлары идэ суолугар киллэриигэ утумнааһын уонна бу сийиэстэн ылбыт билиитин туһунан санааларын билсиҥ.
— Мин санаабар, билиҥҥи түргэн тэтиминэн сайдар олохпутугар оҕону иитиигэ төрүт үгэс, этнопедагогика суолтата улаатыахтаах. Тоҕо диэтэххэ, билигин оҕо кыра сааһыттан Интернет ситимин баһылаан, төлөпүөҥҥэ олорор, төрөөбүт да да тылын умнуу проблемата көстөр.
Көлүөнэ көлүөнэни солбуйсуута — олох ирдэбилэ. Биһиги оскуолабытыгар 15 эдэр учуутал айымньылаахтык үлэлии-хамныы сылдьар, олортон 12 эдэр учуутал — Боронук орто оскуолатын бэйэтин выпускниктара. Мин бу үөрэммит оскуолабар 2015 сыллаахтан учууталынан үлэлиибин. Үөрэппит учууталларбыт хас биирдиибитигэр сүбэ-ама, өйөбүл буолаллар. Эдэр учууталлар сүрдээх иллээхтик, биир сүбэнэн үлэни да, сынньалаҥы да, бары бииргэ атаарабыт. Былырыын оройуоннааҕы эдэр учууталлар форумнарын онлайн ыыппыппыт, быйыл эмиэ былааннардаахпыт. Билигин оскуолабытыгар «Фестиваль педагогических идей» диэн саҕаланна, 3 түһүмэхтээх. Бастакы түһүмэҕэр наставник учууталлар уонна эдэр учууталлар аһаҕас уруок, маастар- кылаас ыыталлар, иккис түһүмэҕэр талаан ы көрдөрүү уонна үһүс түһүмэххэ үлэ, үөрэх түгэннэрин араас түбэлтэлэрин ыйытыыларыгар хоруй булуу.
Сийиэскэ сылдьан, элбэх саҥаны биллим, көрдүм. Эдэр учууталлары, тыа сирин оскуолаларын өйөбүл туһунан сэргии иһиттим. Эбии үөрэхтээһин педагогтарын, аан дойдутааҕы Арктика оскуолатын секцияларын маастар кылаастарыгар сырыттым уонна форс-сайт сессия «Навигаторы детства» кытынным. Бу улахан суолталаах тэрээһинтэн ылбыт билиибин-көрүүбүн үлэбэр туһанар санаалаахпын.