Алтынньы ый 4,5,6 күннэригэр Учуутал күнүгэр көрсө XIV Саха сирин учууталларын сийиэһигэр Үөһээ Бүлүү улууһун эбии үөрэхтээһин тэрилтэтин «Тускул» оҕо айымньытын кииниттэн икки педагог кыттыыны ылла.
«Тускул» оҕо киинин оҕо хамсааһынын методиһа Саргылана Лукинична Ильина сийиэс туһунан санаатын маннык үллэһиннэ:
— 14-c СӨ учууталларын сийиэһин иһинэн алтынньы 5 күнүгэр саҥа киирбит федеральнай бырайыак чэрчитинэн “Навигаторы детства” форсайт-сессия былаһаакката ыытылынна. 120 директор сүбэһиттэрэ, муниципальнай куратордар кыттыыны ыллыбыт. Манна Москваттан ФГБУ «Росдетцентр» дириэктэрэ Александр Сергеевич Кудряшов кыттыыны ылла. Саҥа дуоһунаска үлэлии киирбит (советники директора по воспитанию) директор сүбэһиттэригэр тутатына бэриллибит боппуруостарыгар хоруй ыллылар. Бу саҥа дуоһунас оҕону патриотическай иитиигэ улахан болҕомтону уурарын ааһан араас ыытыллар биир кэлим тэрээһиннэргэ актыыбынайдык кыттыыны, оҕо көҕүн (инициативатын) туһанан оҕолору кытта айымньылаахтык үлэлиир үлэһиттэр наадаларын тоһоҕолоото.
Бары билэбит аныгы көлүөнэ оҕото бары гаджет Интэриниэт ситимигэр олорор, онон оҕону кытта иитии үлэтигэр үлэлиир дьоннор чахчы оҕону интэриэһиргэтэн, бэйэлэригэр тардан ыкса сибээстээхтик үлэлиэхтээхтэр. Биири тоһоҕолоон этиэхпин баҕарабын, билигин дойдуга тыҥаан турар балаһыанньаҕа директор сүбэһитэ 35 сааһыгар диэри эр дьоннор мобилизацияҕа ыҥырыллар түгэннэригэр бронь бэриллэрин бары сэргии иһиттибит. Бу кини оҕону кытта патриотическай иитиигэ быһа сибээстээхтик үлэлии бэйэтин кылаатын киллэрэ сылдьарын туоһулуур.
Салгыы алтынньы 6 күнүгэр «Стратегическая сессия соавторов Российского движения детей и молодежи “Перспективы развития РДДМ»» тула кэлбит делегаттар хамаандаҕа арахсан бөлөҕүнэн үлэ ыытылынна. Маны таһынан Саха сирин бастыҥ эбии үөрэхтээһин педагогтарын маастар-кылаастарыгар сырыттым.
Сүрдээх үчүгэй үрдүк тэрээһиннээх сийиэскэ кыттыыны ылбыппыттан сүрдээҕин астынным. Сийиэс кыттыылаахтарыгар араас культурнай тэрээһиннэри ааһан, бассейнҥа, спортивнай заалларга, музейдарга сылдьыы уонна саамай сэргээбитим буор босхо клиникаларга доруобуйаҕын көрдөрөргө бары өттүнэн усулуобуйаны барытын олохтообуттара, кыһаллыбыттара сийиэс тэрийээччилэригэр, СӨ үөрэҕин министиэристибэтигэр улахан махталбытын биллэрэбит. Сийиэскэ сылдьан элбэх саҥаны, сонуну биллим, биир үөлээннээхтэрбин көрсөн турар кыһалҕалары туоратарга санаа атастаһан тарҕастыбыт.
Гюльнара Владимировна Тарасова, «Тускул» оҕо айымньытын киинин педагога, Саха сирин образцовай оҕо кэлэктиибин «Нарыйа» муода студиятын салайааччыта, Саха Сирин үөрэҕириитин туйгуна, Саха Өрөспүүбүлүкэтин президенын хаһаайына, эбии үөрэхтээһин сайдыытыгар кылаатын иһин бэлиэ хаһаайына, педагог-наставник, үрдүк категориялаах педагог.
Өрөспүүбүлүкэтээҕи «Таланты Земли Олонхо» фестиваль-конкурс Гран-при кыайыылааҕа «Байанай» коллекция 2021 с.
Өрөспүүбүлүкэтээҕи «Сулусчаан» күрэх Гран-при кыайыылааҕа «Сарыада» коллекция 2021 с.
«MUUS uSTAR» ыччат бэстибээлин чэрчитинэн ыытыллыбыт «Сияние Севера» тыйаатырдар уонна муода студиятын бэстибээлигэр «Модель года» (юноши), «Байанай» коллекцията номинация кыайыылааҕа 2021 сыл уонна 2022 с. Гран-при кыайыылааҕа коллекция «Сарыада».
Аан дойдутааҕы «Вершина творчества» кэтэхтэн күрэх Тюмень .Лауреат 1 ст. «Magjc laces» коллекцията 2021 с.
«Снежные узоры Якутии» өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэх 1 ст. лауреата «Байанай» коллекция 2022 с.
Өрөспүүбүлүкэтээҕи «Сулусчаан» күрэх Гран-при 2022 с. «Байанай» коллекция 2022 с.
Бүтүн Арассыыйатааҕы норуот култууратын «Наследники традиций» бэстибээлэ Вологда к. «Народный костюм» номинация кыайыылааҕа «Сарыада» коллекция 2022 с.. Куонкурустар кыттыылааҕа, кыайыылааҕа бу сийиэстэн ылбыт билиитин туһунан санааларын билсиҥ:
— 21-22 үөрэх сылыгар өрөспүүбүлүкэтээҕи, Арассыыйатааҕы күрэхтэһиилэргэ үгүс ситиһиилэрдээх буолан, бу 14-с педагогтар сийиэстэригэр аан бастакыбын ыҥырыллан дэлэгээтинэн баран кэллим. Киэҥ хабааннаах сийиэс буолан хас биирдии учууталга олус долгутуулаах, саҥаны билии-көрүү күннэрэ буолан аастылар диэтэхпинэ сыыспатым буолуо. Күн аайы араас, интэриэһинэй тэрээһиннэр үрдүк таһымнаахтык аастылар. Үөрэх эйгэтин үлэһиттэрин көрсөн, кэпсэтэн, алтынньы 4,5,6 күннэригэр элбэҕи биллибит-көрдүбүт.
Сийиэс бырагырааматыгар өрөспүүбүлүкэтээҕи доруобуйа уонна медицинэ сыантырыгар «Экспресс диагностика» диэни учуутал идэтэ сыралааҕын, бириэмэтэ суоҕун учуоттаан киллэрбиттэрин олус хайгыы санаатым.
Мин алтынньы 6 күнүгэр оҕо дыбарыаһыгар «Мастерские лучших практик в системе дополнительного образования» художественнай салаатыгар «Авторские стилизованные эскизы национального костюма» диэн тиэмэнэн маастар-кылаас ыыттым.
Эбии үөрэхтээһин педагога буоларым быһыытынан, хас биирдии кэлэр кэнчээрибит талаанын сайыннарарга, киэҥ эйгэҕэ таһаарарга дьулуһабыт, кыһаллабыт. Быйылгы үөрэх дьылыгар араас таһымнаах күрэхтэргэ кыттар былааннаахпыт.
Өр сыралаах үлэм үтүө түмүктэрин сыаналаан, делегат үрдүк аатын биэрэн олохпор биир умнуллубат түгэни бэлэхтээбиттэригэр Үөһээ Бүлүү үөрэҕин начальнигар Борбуев Спиридон Олеговичка, «Тускул» оҕо киинин директорыгар Иванова Марианна Ивановнаҕа барҕа махтал тылларбын тиэрдэбин. Ону кытары бииргэ кыттан кэлбит дэлэгээттэргэ үлэлэригэр үрдүк ситиһиилэри, чэгиэн доруобуйаны, этэҥҥэ буолууну баҕарабын!
Марта ГОЛЬДЕРОВА, Үөһээ Бүлүүтээҕи «Тускул» оҕо киинин
пресс-киинин эдкора.