Алампалыы эттэххэ, сахалыы саҥа сатарыыр, саха омук сайдар кэскилин түстүүр олус туһалаах сийиэс буола турар. Мин “Сыыппара үөрэҕин иитэр-үөрэтэр кэскилэ” түһүлгэҕэ “Төрөөбүт тылы, литератураны үөрэтиигэ цифровой эйгэни туттуу” диэн тиэмэҕэ үлэм уопутун кэпсээтим.
Аныгы олох ирдэбилигэр сөптөөх сүрдээх туһалаах, үлэ уопутун атастаһар түһүлгэ буола турар. Сыыппара эйгэтигэр хардыы оҥоһуллубут, уруокка туттуллар матырыйааллар баай ис хоһоонноммуттар эбит дии санаатым. Хас биирдии кыттааччы куйаар ситиминэн араас үөрэтэр платформалары, сыһыарыылары үлэлэригэр тутталларыттан элбэххэ үөрэнним. Бииртэн биир сонун көрүү, саҥа сүүрээн.
Бу курдук сыыппара эйгэтин туттан, сахабыт тылын үөрэтиигэ олоҕу кытта тэҥҥэ хааман, аныгы кэм оҕотун болҕомтотун тардыаҕыҥ, төрөөбүт тылбыт үүнэ-сайда турдун. Уруокка туттар матырыйааллары сыыппара эйгэтигэр угууга, тарҕатыыга көмө, элбэх үлэ наада.
Галина Им, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, саха тылын, литературатын үрдүк категориялаах учуутала,
Ытык Күөл, Таатта.