«Норуот күүһэ – өйүгэр, өйүн күүһэ – тылыгар” диэн өс хоһоонун санатар биһиэхэ Усуйаана улууһун дэлэгээтэ Хаһааччыйа оскуолатын саха тылын, литературатын учуутала, дириэктэри иитэр үлэҕэ солбуйааччы Горохова Розалия Николаевна.
Усуйаана оройуонун учууталларын иккис өрөспүүбүлүкэтээҕи сийиэс дэлэгээттэрин аатыттан этиилэр
Ийэ тылы уонна литератураны, саха норуота үйэлэргэ уһаарыллыбыт өркөн өйүнэн айыллыбыт олоҕун философиятын, уһук хоту улуус оҕолоругар үөрэтэр, тириэрдэр уустук, ол эрээри олус улахан суолталаах. Билиҥҥи ыарахан бутуурдаах кэмҥэ эдэр киһи олоххо суолун, тирэҕин булунарыгар сахалыы эйгэ, ийэ тыл кута-сурэ эрэ туһалыан сөп. Хотугу саха ыччата төрүт омугун, историятын, культуратын үчүгэйдик табан өйдүүр эрэ буоллаҕына, бэйэтин сэнэммэккэ, саха норуота улуу омук буоларынан киэн туттуоҕа.
Ийэ тыл – омук тыына, дьылҕата, олохпут устуоруйатын тыыннаах кэрэһитэ. Ол иһин норуот күүһэ – өйүгэр, өйүн күүһэ – тылыгар диэн уос номоҕор этиллэр.Төрөөбүт төрүт тыл хас биирдии киһи үөрэҕи-билиини кэбэҕэстик ылынар, өйө-санаата туругурар, майгыта-сигилитэ уһаарыллар, истиҥ иэйиитэ уһуктар, айар-тутар дьоҕура-сатабыла арыллар айылҕаттан бэриллибит эйгэтэ буолар. Ол эрээри билиҥҥи сайдыылаах кэмҥэ сахалыы төрөөбүт тылынан ыраастык саҥарар уонна тус санаатын сааһылаан суруйар ыччат ахсаана Усуйаана улууһугар элбээбэт.Ол сүрүн төрүөтэ – саха тылын эйгэтэ биллэ аҕыйаата.
Бастакынан, дьиэ кэргэҥҥэ, оҕо уһуйааныгар, алын кылааска оҕолор үксүн нууччалыы эрэ чубугураһар буоллулар. Онуоха төрөппүттэр, учууталлар, иитээччилэр улахан болҕомтону уурбаттар. Төрөппүттэр кырачаан киһини уу ньирэй сааһыттан нууччалыы эйгэҕэ уһуйаллар. Онон сахалыы саҥарар, саха тылын билэр киһи ахсаана эбиллибэт, күн аайы көҕүрүүр кутталлаах.
Мин санаабар, Ийэ тылы тилиннэрии, сайыннарыы — дьиэ кэргэҥҥэ оҕону төрөөбүт тылынан иитииттэн саҕаланыахтаах.
Иккиһинэн, Усуйаана улууһугар 899 үөрэнээччи баар. Онтон 468 (52%) үөрэнээччи саха тылын уонна литературатын үөрэтэр. Депутатскай орто оскуолатыгар 158 (42%) саха оҕото баар, кинилэр саха тылын, литературатын үөрэппэттэр. Сахалыы иитэр-үөрэтэр кыахтаах учуутал бу оскуолаҕа суох. Ол иһин дьиэ кэргэҥҥэ, уһуйааҥҥа эмиэ сахалыы эйгэ сүтэр. Ол аата билиҥҥи кэмҥэ төрөөбүт тылга, саха тылынан уус-уран айымньытыгар, төрүт култуураҕа, сиэргэ-туомҥа улахан болҕомто ууруллубат буолла.
Онон сахалыы иитэр-үөрэтэр кыахтаах алын уонна үрдүкү кылаас учууталын уонна иитээччини анаан бэлэмниир үөрэх кыһата баара буоллар, оҕо уһуйааныгар, оскуолаҕа үлэлиир дьон сахалыы эйгэни тэрийэн, ийэ тыл саҥаттан тиллэригэр кыах биэриэ этилэр.
Үсүһүнэн, 1991 сыллаахха Национальнай Концепция киирэн, бары оскуолаларга, уһуйааннарга сэргэхсийии буолбута. Ийэ тылга, төрүт култуураҕа, олоҥхоҕо сүрүн болҕомто ууруллубута. Сахалыы тыыннаах кылаастар, оскуолалар баар буолбуттара. Хаһааччыйа орто оскуолатыгар “Олоҥхо педагогиката- олох оскуолата”, “Норуот педагогиката” диэн төрөппүттэргэ, оҕолорго, учууталларга, иитээччилэргэ аналлаах төрүт култуураны, ийэ тылы үөрэтэр бырайыак үлэтин саҕалаабыта. Бу кэмнэргэ нэһилиэк, улуус баһылыктара уонна ытык кырдьаҕастар бырайыак олоххо киирэригэр улахан болҕомтону ууран көмөлөспүттэрэ. Уһуйаантан саҕалаан, олоҥхо олуктарын үөрэтэн, ийэ тылы дириҥник чинчийии ыытыллыбыта. Ол эрээри кэлиҥҥи уон сылга бырайыак үлэтигэр улахан болҕомто ууруллубат буолла.
Онон саха тылын, литературатын уонна култууратын учууталларын иккис өрөспүүбүлүкэтээҕи сийиэһин кэнсиэпсийэтэ олоххо киирэригэр региональнай, муниципальнай дьаһалта анаан болҕомто уурара наада.
Төрдүһүнэн, Саха тыла судаарыстыбаннай таһымнаах буолбута син балачча кэм буолла. Ол эрээри оскуолаҕа саха тылын үөрэтии чааһа эбиллибэт. Холобур, 5 кылааска, нуучча тыла- 5 чаас, нуучча литературата – 3 чаас. Уопсайа – 8 чаас. Онтон 5 кылааска саха тыла – 2 чаас, саха литературата – 1 чаас. Уопсайа – 3 чаас.
10-11 кылааска нуучча тыла – 3 чаас, нуучча литературата – 5 чаас. Уопсайа – 8 чаас.
10-11 кылааска саха тыла – 1 чаас, саха литературата – 3 чаас Уопсайа – 4 чаас.
Төрөөбүт тылы, литератураны үөрэтэргэ сөптөөх үөрэх кинигэтэ, бырагыраамата бары кылааска бэчээккэ таҕыста. Онон сахалыы үөрэнэр кылаас оҕолоругар үөрэнэр кинигэ баар. Ол эрээри үөрэх кинигэтин хаачыстыбатын туһунан эттэххэ, билиҥҥи кэмҥэ эппиэттиир, ийэ тылын баайын, сүмэтин, кэрэтин тириэрдэр, оҕону уран тылга умсугутар, угуйар, уһуйар буолуохтаах.
Билиҥҥи кэмҥэ сөп түбэһэр куйаар ситимин нөҥүө сахалыы хомоҕойдук саҥарарга уонна таба суруйарга үөрэтэр «Саха этигэн тыла” диэн уонна өбүгэлэрбит төрүт култуураларын, норуот үөрэҕин туһунан кэпсиир “Саха суола” диэн YouTube-ка сахалыы ханаал баар буолла. Маны таһынан өрөспүүбүлүкэтээҕи “Көтүөххэ үрдүккэ хотойдуу” диэн уоланнар ааҕыыларын Кузьмина Акулина Николаевна, саха тылын учуутала тэрийэн сылын аайы ыытыллар олус үчүгэй бырайыак баар. Усуйаана Хаһааччыйатын уоланнара былырыын куйаар ситиминэн кыттыыны ылбыттара. Олус туһалаах, сахалыы куттаах уоланнар ааҕыыларыгар быйыл кыайан кыттыбатыбыт. Сүрүн төрүөт – куйаар ситимин үлэтэ быстар мөлтөх, күрэхтэһиигэ уоланнар “Бэс Чагда” оҕо сынньанар киинигэр көрсүстүлэр. Бу кэмҥэ Усуйаана улууһугар Дьааҥы Эбэ мууһунан бүрүнэн, суол сабыллан, биир да оҕо кыайан барбата. Кэлэр кэмнэргэ суол арыллыбыт кэмигэр итинник таһымнаах күрэхтэһии өссө да ыытыллара буоллар, кыттарга оҕолор бэлэмнэр.
Онон саха тылын оскуолаҕа үөрэтии билиҥҥи туруга мөлтөх. Ол эрээри төрөөбүт тылын үөрэтиэн, билиэн баҕарар эдэр ыччат элбэх. Сийиэс үлэтин түмүгүнэн, саҥа сырдык сүүрээн киирэн, ийэ тылбыт баайын, кыаҕын, сүмэтин, кэрэтин дьиэ кэргэҥҥэ, бар дьоҥҥо тилиннэрэр үлэни күүһүрдүөххэ, оччоҕокэлэр кэнчээри ыччат саха буоларынан киэн туттар, бигэ тирэхтээх, күүстээх санаалаах буолуоҕа.