Горнай улууһун С.И. Тарасов аатынан Өрт орто оскуолатын учуутала Туйаара Александровна Тарасова төрөөбүт тыл эйгэтин дьиэ кэргэн иһинэн тэрийии туһунан ыллыктаах санаатын үллэстэр.
— Хас биирдии төрөппүт санаатын ууран, наадалааҕын өйдөөн үлэлэстэҕинэ, кыһалыннаҕына эрэ төрөөбүт тыл эйгэтин дьиэтин иһигэр тэрийии кыаллар. Онон билиҥҥи төрөппүтү, ыал буолар кэнэҕэс ыччаты кытта бу хайысхаҕа күүстээх быһаарар үлэ барыахтаах. Холобур, билигин Саха телевидениетэ, киинэтэ, “You Tube” сахалыы ханааллара, “Айар” кинигэ кыһата төһүү күүс буоллулар.
Оҕо атын предметтэри ханнык тылынан үөрэтэриттэн хайдах ылынара улахан тутулуктаах. Төрөөбүт тылынан үөрэттэҕинэ, киһи быһыытынан чөл туруктаах буоларын таһынан, үөрэтэр предметин ордук чугастык, дириҥник өйдүүр. Оттон иитии тыла хас биирдии учууталтан эрэ буолбакка, салалта төрөөбүт тылга хайдах сыһыаннааҕыттан тутулуктаах. Төрөөбүт тыл иитэр кыаҕын туһаныы муҥура суох баай.
Саха тылын үөрэтиигэ оҕону көҕүлээһин
Көҕүлүүргэ хас биирдии төрөөбүт тылбыт туһугар ыалдьар киһи тус көрүүлээх. Мин биир этиилээхпин: өрөспүүбүлүкэ оҕолорун, учууталларын, төрөппүттэрин түмэн, төрөөбүт тылбытынан сурунаал таһаарыахха. Бастаан электроннайтан саҕалыахха сөп, ону оскуола аайы цветной принтергэ таһаарынан, көрүдүөргэ ыйаан, бары кэлэ-бара ааҕыа-билсиэ, онтон сыыйа кыттыһыа этилэр. Бу бырайыак икки-үс үлэһити хамнастаатахха, табыллар, оттон иитэр кыаҕа сүүһүнэн хамнастаах киһи үлэтиттэн итэҕэһэ суох. Үбүлээһин баара буоллар, кыаллар кыахтаах. 2018 сыллаахха бырайыак оҥорон, Горнайга буолбут учууталлар XVI өрөспүүбүлүкэтээҕи дьаарбаҥкаларыгар быыстапкаҕа көрдөрбүтүм эрээри, хомойуох иһин, өйөбүл көстүбэтэҕэ.
Саха тылын предметэ оҕону сайыннарар уонна иитэр кыаҕа
Төрөөбүт тылы, литератураны үөрэтэр предмет дойду сайдыытыгар, оҕо үтүө киһи буола үүнэн тахсарыгар суолтата ханнык даҕаны предметтэн таһыччы улахан. Ситимнээх саҥаны баар бырагырааманан айымньылаахтык тэрийэн ыыттахха, оҕо истэр, саҥарар, суруйар, ааҕар, кэпсэтэр дьоҕура көдьүүстээхтик сайдар.
Чааһы сарбыйыы сыыһа
Төрөөбүт тылы, литератураны үөрэтиигэ чааһы сарбыйыы олох сыыһа. Саха Турецкай Анатолийскай колледжка бастаан үлэлиирим саҕана, төрөөбүт тылга, литератураҕа VII-XI кылааска диэри нэдиэлэҕэ 40 чаастаах этим. Ол саҕана үөрэммит оҕолорбут киһи быһыытынан иитиллэн тахсыыларын таһымын билэр дьон баар буолуохтаах. Кэлин сыыйа кыччаан, нэдиэлэҕэ 10 эрэ чаастаах хаалбытым, чааспын толорор кыһалҕаттан төрүт култуураны кылаас оҕотугар барытыгар нууччалыы үөрэтэргэ күһэллибитим. Сотору үлэтэ суох хаалсыбын диэн санаа киирэн, иккис үрдүк үөрэхтэммитим.
Тыл эйгэтин тэрийии
Тыл эйгэтин тэрийии үлэтэ күүскэ барыахтаах. Ааҕааччы санаа атастаһыыта, литература, тыл оонньуулара, күрэстэрэ, о.д.а. тэрээһиннэр оҕолору эрэ буолбакка, төрөппүттэри эмиэ хабар көдьүүстээхтэр. Эйгэ баар буоллаҕына, оҕо төрөөбүт литературатын ааҕыан баҕарара күүһүрэр. Оттон төрөөбүт литератураны ааҕыы, онон киэн туттуу тыл саппааһа байарыгар тугунан да солбуллубат тирэх. Учуутал идэтин таптыыр буоллаҕына, үөрэтии технологиятын, ньыматын сайыннарарыгар мэһэй суох. Атын предметтэри үөрэтиигэ анаан суруллубуту төһө баҕарар уларытан-тэлэритэн, айымньылаахтык туһаныан, саҥаны айан таһаарыан сөп. Кириитикэлии олорбокко, баары көдьүүстээхтик туһанар ордук. “Айар” кинигэ кыһата биһиги үлэбитигэр олус улахан тирэх. Аныгы үйэ үлэбитигэр араас саҥа хайысхалаах кыаҕы биэрдэ. Маны туһаныы көдьүүстээх өрүтэ элбэх, олохтон хаалыа суохтаахпыт.
Эксээмэн
Нуучча тылын КГЭ-тин оннугар ХИФУ төрөөбүт тыл, литература КГЭ-тин оҕоҕо талларан тутара буоллар диэн этиилээхпин. Төрөөбүт тылын КГЭ-тин үрдүк баалга туттарбыт оҕо нуучча тылын билиитин таһыма даҕаны мөлтөх буолбат. Билиҥҥи туругунан, хомойуох иһин, төрөөбүт тылынан КГЭ-ни талар кыахтаах оҕо биир эмэ буолуо. Бу оҕо киһи быһыытынан иитиллиитин таһыма үрдүк буолара саарбаҕа суох. Тылбыт суолтата үрдүүрүгэр маннык быһаарыы сүҥкэн буолар. Бастаан утаа, оҕоҕо даҕаны, учууталга даҕаны ыарахан буолуоҕа эрээри, кэскиллээҕи санаатахха, барытын кыайыахпыт, үтүөтэ үксүө. Оҕо төрөөбүт тылынан саҥарар биир эйгэтэ уруок таһынан үөрэтиигэ тэриллэр кыахтаах. Сөбүлүүр дьарыгар үөрэнээччи төрөөбүт тылынан кэпсэттэҕинэ ордук көдьүүстээхтик сайдар.
Тургутугунан эрэ сыаналаммат
Быйыл оннооҕор улуустааҕы VIII-XI кылаас үөрэнээччилэригэр (быйыл манна биир үтүө өрүтэ: VIII кылаас хабыллыбыт) олимпиадабыт кэтэхтэн, көмпүүтэр нөҥүө ыытыллар буолла. Горнай учууталллара маны утара сатаабыппыт да, кыайбатыбыт. Ол аата, арааһа, өйтөн суруйуута, этиини ырытыыта суох буолар эбит. Аҥаардас тургутук (тест) көмөтүнэн оҕо төрөөбүт тылын билиитин хайдах сыаналыахха сөп эбитэ буолла? Оттон атын предмет олимпиадалара барыта улуус киинигэр буолаллар. Быйылгы үтүө сонун: V-VII кылаас үөрэнээччилэрин улуус киинигэр төрөөбүт тыл, литература олимпиадаларыгар мунньары былааннаабыттар.
Түмэр түһүлгэлэр үтүөлэрэ
Светлана Степановна Семенова өрөспүүбүлүкэтээҕи “Аман өс” тыл этиитин күрэһин көҕүлээн ыытар кэмигэр араас улуустартан оҕолор үөрэ-көтө мусталлара. Ол кэмҥэ Саха-Турецкай Анатолийскай кэллиэскэ үлэлиирим (кэлин аата уларыйан В.П. Ларионов аатынан Дьокуускайдааҕы физика-техническэй лиссиэйэ). Биһиги оскуолабытыттан саха оҕолорун сэргэ, саха тылын үөрэтэр омук оҕолоро ситиһиилээхтик кытталлара. Онон омук даҕаны оҕолоро олорор дойдуларын тылын билэргэ-үөрэтэргэ дьулуһалларын Александра Петровна Коркина айымньылаах үлэтэ туоһулуур. Улуустан кэлэн кытта сылдьар оҕолор биһиги оҕолорбутун ымсыыра көрөн, кэлин туттарса кэлэллэрэ. Билигин “Олоҥхо оҕотобун” НПК өрөспүүбүлүкэ оҕолорун түмэрэ хайҕаллаах. Төрөөбүт тылынан ыытыллар оҕону түмэр тэрээһин (кэтэхтэн тэрээһиннэри таһынан) өрөспүүбүлүкэбитигэр үксээн, тэнийэн иһэрин үбүлээн өйүүллэрэ буоллар.
Төрөөбүт тылын билэр уонна предметин сахалыы үөрэтэр кыахтаах учуутал элбиирэ норуоппут инники кэскилин туһугар эрэлбитин күүһүрдэр. Онон ХИФУ учууталлары үөрэтэр хайысхатыгар бу ирдэбили киллэрэрэ буоллар.
Төрөөбүт тыл учууталыгар ураты сыһыан
Саха-Турецкай Анатолийскай колледжка үлэлиир кэммэр туроктар төрөөбүт тыл учууталыгар ураты ытыктабыллаах сыһыаннаахтарын көрбүппүт. Турцияҕа оскуола салалтатыгар төрөөбүт тыл учууталын эрэ туруорар суруллубатах сокуоннаахтар эбит. Оҕону иитиигэ төрөөбүт тыл суолтатын дириҥник өйдүүр киһи оскуоланы сөптөөхтүк салайарыгар дойду эрэнэрэ көстөр. Учуутал үлэтин төлөбүрүн үрдэтии эмиэ төрөөбүт тылбыт сайдыытыгар төһүү күүс буолуо. Төрөөбүт тыл учуутала буолуон баҕалаах үксээтэҕинэ, үөрэххэ киирэр оҕо таһыма үрдүүрэ өйдөнөр. Оттон үрдүк таһымнаах учуутал үөрэнээччитин таһыма эмиэ үрдүүр.