Убаастабыллаах учууталбын, кылаас салайааччыбын Егорова Күннэй Иннокентьевнаны Учуутал күнүнэн эҕэрдэлиибин!
Эһиги биһигини кытта 5-с кылаастан икки сыл тухары көрөн-истэн, үөрэ-көтө билиини биэрдигит, араас сатабылга үөрэттигит, үтүө майгылаах буоларга ииттигит, кылаас биир сомоҕо буоларыгар үлэлэстигит. Күндү учууталбар түгэнинэн туһанан махтанабын, биһигини кытта оскуоланы бүтэриэхпитигэр дылы бииргэ буолуо, сайдарбытыгар өссө күүскэ кыһаллыа диэн эрэнэбин!
Виктория Новгородова, 7 кылаас үөрэнээччитэ.
Күндү учууталбар Күннэй Иннокентьевнаҕа миэхэ көмөҥ-өйөбүлүҥ иһин баһыыба-махтал тылларын этиэхпин баҕарабын! Мин эһиги уруоктаргытын сөбүлүүбүн. Эн олус үчүгэйдик киһи истэн олоруох курдук кэпсиигин. Үтүө майгылаах, дириҥ билиилээх учуутал быһыытынан сыаналыыбын. Убаастыыр учууталбын түгэнинэн туһанан Учуутал күнүнэн эҕэрдэлиибин уонна ис сүрэхпиттэн махталбын тиэрдэбин!
Саяна Рожина, 7 кылаас үөрэнээччитэ.
Мин сөбүлүүр учууталым — Евгения Михайловна Саввина. Кини нуучча тылын уонна литературатын учуутала. Барытын сатыыр, дириҥ билиилээх, олус үчүгэйдик уруогун ыытар, билбэппитин барытын тиэрдэр диэн сыаналыыбын. Күндү учууталбын Евгения Михайловнаны Учуутал күнүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин!
Слава Ефимов, 7 кылаас үөрэнээччитэ.
Убаастыыр учууталым Евгения Михайловна! Мин эйиигин Учуутал күнүнэн эҕэрдэлиибин! Эһиги ыытар нуучча тылын уонна литературатын уруоктарын олус сөбүлүүбүн. Билиибитин дириҥэтэр, киһи болҕомтотун тардар гына ыытаҕыт. Саамай элбэх уруогу сатабыллаахтык биэрэр, барытын ситиһэр уонна үтүө санаалаах, көрдөөх, өйдөөх уонна барыбытыгар биир тэҥник сыһыаннаһар, сөптөөхтүк дьаһайар учуутал быһыытынан сыаналыыбын!
Кирилл Сивцев, 7 кылаас үөрэнээччитэ.
Күндү убаастыыр учууталым, алын сүһүөх кылааска үөрэппит Вера Васильевна! Баһыыба эйиэхэ алфавиты, дифтону, сүһүөҕү биллэрэн, суруйарга, ааҕарга үөрэппиккэр. Махтал буоллун кылаас салайааччытын быһыытынан үтүө майгылаах, дириҥ билиилээх буоларбытыгар кыһаллыбыккар!
Айтал Аманатов, 6 кылаас үөрэнээччитэ.
Мин сөбүлүүр учууталым Милена Архиповна Гоголева буолар. Кини английскай тылы үөрэтэр. Олус бэһиэлэй уонна үтүө санаалаах учуутал. Милена Архиповна билигин Швецияҕа олорор, үөрэнэр, Саха сиригэр кэлэ-бара сылдьар, ол да буоллар бириэмэ булан биһигини дистанционнай форманан Zoom нөҥүө үөрэтэр. Мин кини курдук самолетунан көтүөхпүн, араас омук дойдуларынан айаҥҥа сылдьыахпын баҕарабын!
Натали Тимофеева, 6 кылаас үөрэнээччитэ.
Учуутал диэн биһиэхэ иккис ийэбит курдук сэмэй, кыра эрдэхпититтэн көрбүт, ииппит, билиитин бэрсибит күндү убаастыыр киһибит буолар. Мин оннук саныыр учууталым элбэх, олортон саамай сөбүлүүр учууталым диэн кылааһым салайааччыта Валентина Ивановна Сивцева буолар. Валентина Ивановна сатаабата диэн суох: олус үчүгэйдик ыллыыр, үҥкүүлүүр, омук араас тылларын билэр. Кини мин ийэбин, аҕабын эмиэ үөрэппитэ. Билигин учууталым география учуутала. Ийэм кэпсииринэн, Валентина Ивановна француз тылын үөрэтэр кэмигэр олус учугэйдик ыллыырын өйдөөн хаалбыт. Убаастыыр учууталбар Валентина Ивановнаҕа оскуола диэн үтүө өйдөбүлү иҥэрбиккэр, ыарахан балаһыанньаҕа куруук көмөлөһөргөр махталбын тиэрдэбин уонна туох баар кэрэни, үтүөнү, эйэни баҕарабын!
Алексан Лугинов, 9 кылаас үөрэнээччитэ.
Мээнэҕэ учууталга элбэх ырыа, хоһоон, кэпсээн анамматаҕа. Тоҕо диэтэр, учуутал диэн биһиэхэ билии-көрүү аанын аһааччы, олох киэҥ аартыгар атаарар киһи. Миэхэ итинник киһинэн сөбүлүүр, убаастыыр биология уонна химия учуутала Фекла Степановна Колодезникова буолар. Бу маннык үтүө, холку майгылаах, олус кыһамньылаах учуутал миэхэ түбэспитигэр олус диэн үөрэбин. Араас олимпиадаларга, научнай-практическай конференцияларга бэлэмнээбитэ миэхэ билигин олус туһалыыр. Түгэнинэн туһанан, Учуутал күнүнэн Фекла Степановнаны итиитик-истиҥник ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин! Доруобай буол, куруук үөрэ-көтө сырыт, мин эйигин куруук үйэ-саас тухары өйдүү-саныы сылдьыаҕым.
Махталы кытта эн үөрэппит оҕоҥ Мирианна Самсонова, 10 кылаас үөрэнээччитэ.