Биһиги оскуолабыт учуутала Ньургун Вальеревич Софронов 2012 сыллааҕы V «Азия оҕолоро» норуоттар икки ардыларынааҕы спортивнай оонньуулар кыттыылааҕа. Бэйэтэ оҕо эрдэҕиттэн спордунан дьарыктанар, Дьокуускайга спортивнай оскуоланы бүтэрбитэ. Биһиги учууталбытым кытары кэпсэтэргэ сананныбыт.
— Ньургун Валерьевич, бэйэҥ тускунан кылгастык кэпсээ.
— Мин 1995 сыллаахха бэс ыйын 18 күнүгэр күн сирин көрбүтүм. Ийэм Софронова Саргылаана Дмитриевна, аҕам Софронов Валерий Гаврильевич. Оҕо сааһым төрөөбүт дойдубар Мытаахха ааспыта. 2011 сыллаахтан (10-11 кылаастарга) Дьокуускай куоракка оҕо спортивнай оскуолатыгар сүүрүү дьарыгар дьарыктанан оскуолабын ситиһиилээхтик түмүктээбитим. Бэйэм идэбинэн физкультура учууталабын. М.К. Аммуоһап аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет физкультурнай салаатын бүтэрбитим. Үөрэнэр кэммэр элбэх ситиһиилэммитим. Билигин бэйэм төрөөбүт дойдубар, Мытаахха, үөрэммит оскуолабар, физкультура уонна ОБЖ учууталынан үлэлии-хамсыы сылдьабын.
Иллэҥ кэммэр нэһилиэкпэр буолар араас тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кыттабын, олоххо актыыбынай көрүүлээхпин. Ыллыыбын, үнкүүлүүбүн, артыыстыыбын уонна спортсмен буоларым быһыытынан нэһилиэгим, улууһум чиэһин араас таһымнаах күрэхтэргэ көмүскүүбүн.
Сөбүлүүр спордум көрүҥэ биллэн турар сүүрүү, ону таһынан футболлуурбун туохтааҕар даҕаны ордоробун.
— «Азия оҕолоро» оонньууларыгар хаһан кыттыыны ылбыккыный?
— 2012 сыллаахха «Азия оҕолоро» V норуоттар икки ардыларынааҕы спортивнай оонньууларга 3000 миэтирэҕэ, ону таһынан 2000 м мэһэйдээх сүүрүү көрүҥэр кыттыбытым. Уопсайа 30-тан тахса дойду араас сириттэн кэлэн кыттыбыттара.
— Сүүрүү эйиэхэ туох суолталааҕый?
— Сүүрүү суолтата мин олохпор улахан, тоҕо диэтэр оҕо сааспар дисциплиналаабыта, доруобуйабар көмөлөспүтэ. Ону таһынан сүүрүүнэн дьарыктанар буолан, чөл олоҕу өрө тутабын. Сүүрүүбүнэн билиҥҥээҥҥэ дылы, дьылыттан тутулуга суох дьарыктанабын.
— Туох ситиһиилээххиний өссө?
— Улахан ситиһиилэр тустарынан этэр буоллахха, 2011 сыллаахха уһун дистанцияҕа сүүрүүгэ республикаҕа чемпионнаабытым уонна Уһук Илиҥҥи региоҥҥа призердаабытым. 2013 сыллаахха Чурапчы улууһугар «Манчаары оонньуулара» күрэҕэр уһун дистанцияҕа сүүрэн (5000 м) 32 кыттааччыттан 5 миэстэ буолары ситиспитим. 2017 с. Үөһээ Бүлүү улууһугар уһун дистанцияҕа «Манчаарыга» ситиһиилээхтик кыттыбытым. Билиҥҥи дылы нэһилиэк, улуус, республика иһинэн кыралаан кыттабын, ситиһиилэнэбин.
— «Азия оҕолоро», эн санааҕар, оҕолорго, эдэр спортсменнарга суолтата тугуй?
— Мин санаабар «Азия оҕолоро» оҕо спордун сайыннарыыга олус интириэһинэй уонна инникилээх бырайыак. Оҕолорго умнуллубат түгэни биэрэр. Элбэх оҕону кытары билсэҕин, табаарыстаһаҕын, ону таһынан киэҥ билиини ылаҕын.
— Спортсмен оҕолорго баҕа санааҥ.
— Бу буолаары турар «Азия оҕолоро» оонньуулар спортсменнарыгар баҕарыам этэ үрдүктэн-үрдүк ситиһиилэри, саҥа рекортары уонна, биллэн турар, саҥа билсиһиилэри, ким күүстээх ол кыайдын!Спорду таптааҥ, спорду сэҥээриҥ. Спорду өрө тутуҥ!
Антон БЕЛОЛЮБСКАЙ,
Дьиикимдэ орто оскуолатын 7 кыл. үөрэнээччитэ, Горнай.
Хаартыскаҕа: оскуолабыт дириэктэрэ А.А. Саввин уонна Н.В. Софронов.
keskil14.ru