Хас биирдии киһи олоҕор, дьылҕатыгар учуутал олус улахан оруолу ылар. Учуутал киһи дууһатыгар, өйүгэр-санаатыгар, үлэтигэр-хамнаһыгар олоҕун усталаах туоратын тухары сирдьит буолан хаалар.
Сарсын буолар Учуутал күнүн көрсө Кэбээйи орто оскуолатын иһинэн үлэлиир «Дьоҕур» эдкорпост эдэр кэрэспэдьиэннэрин учууталга анаан суруйбут айар үлэлэрин таһаарабыт.
Сайаана ТЕРЕХОВА, 7 кылаас.
Кэрэ киһи Учуутал
Сарсыарда ким хайа иннинэ
Оскуолаҕа тииийэр учуутал,
Оҕолорун көрсөөрү
Истиҥ мичээрдээх тиэтэйэр.
Чуораан тыаһаатын кытары
Кылаас иһэ иһийэр,
Умсугутуулаах араас уруок
Бииртэн биир субуллар.
Ааҕар-суоттуур диэн тутах,
Дьоҕурбутун сайыннаран
Элбэх туһалааҕы билэбит,
Үгүһү, кэрэни иҥэринэбит.
Учуутал барахсан биһиэхэ
Үтүө майгылаах буоларга,
Тулалыыр эйгэни харыстыырга,
Олоҕу таптыырга үөрэтэр.
Учуутал – диэн кэрэ киһи
Кэскили, сырдыгы түстэһэр
Кэнчээри ыччаты, биһигини,
Олох аартыгар ыҥырар.
Сандаара СОФРОНЕЕВА, 7 кылаас.
Дьиҥнээх учуутал хайдах буолуохтааҕый?
Учуутал – биһиги олохпут аргыһа. Учуутал идэтэ – туһалаах уонна ыарахан. Хас биирдии киһи олоҕор сүрүн оруолу оонньуур. Үөрэхтээх буоларбыт таһынан, үтүө киһи буола улаатарбытыгар эмиэ күнүн-түүнүн кыһаллар.
Дьиҥнээх учуутал, мин санаабар, бэйэтин үлэтин ис сүрэҕиттэн сөбүлүөхтээх. Оҕолору сөбүлээбэт уонна бэйэтин уруогун интэриэһинэйэ суохтук ыытар буоллаҕына, учуутал буолуо суохтаах. Үөрэтэриттэн үөрүөхтээх уонна астыныахтаах. Ону ситиһэргэ бэйэтин предметин билиэхтээх, тоҕо диэтэргит тус билиитин оҕолорго биэрэр соруктаах. Оҕо сыыстаҕына, мөхпөккө, быһааран, өйдөтөн биэрэр учууталтан мин холобур ылыам этэ.
Хас биирдии киһи Учуутал идэтин баһылаабат. Онон мин учууталларбынан киэн туттабын. Кинилэр ыарахан үлэлэригэр махталбын этэбин.
Дуолан ПАВЛОВ, 5 кылаас.
Маҥнайгы учууталбар
Аан бастаан оскуола боруогар
Атыллаан киирбиппэр
Ааҕарга, суруйарга
Үөрэппитиҥ биһигини.
Сүбэлиириҥ-амалыырыҥ,
Үтүөҕэ эрэ кынаттыырыҥ,
Эйиэхэ учууталбар
Махталбын тиэрдэбин.
Билигин оҕолоруҥ
Дьоһун дьон буоллубут,
Эн үтүө кыһамньыҥ
Сүрэхпитигэр өрүү баар.
Айыллаана ГУЛЯЕВА, 5 кылаас.
Мин учуутал эбитим буоллар
Учуутал – диэн үтүөҕэ үөрэтэр күндү киһи. Мин нуучча тылын учуутала буолуом этэ. Оҕолору элбэххэ үөрэтиэм. Уруоктарым интэриһинэйдик ааһыа этилэр. Оҕолору кытта доҕордуу сыһыаннаах буоларга кыһаллыам этэ. Үөрэнээччилэрим үөрэхтээх, үчүгэй дьон буолалларыгар дьулуһуом.
Үөрэҕи таһынан оҕолору араас күрэхтэргэ көхтөөх буолалларын ситиһиэм этэ. Кылаас иһинэн интэриэһинэй бырааһынньыктары, тэрээһиннэри ыытыам.
Мин бэйэм учууталларым курдук олус өйдөөх, үтүө майгылаах, сиэрдээх учуутал буолуом этэ.
Эльза ЯКОВЛЕВА, 6 кылаас.
Учууталбар махталым муҥура суох
Учуутал диэн оҕолору ааҕарга-суруйарга үөрэтэр, билиини-көрүүнү биэрэр аналлаах. Учууталтан саҕаланар оҕо үөрэххэ тардыһыыта, кэрэҕэ-сырдыкка уһуйуллуута. Оҕо учууталын көрөн инникигэ тардыһар, инники олоҕун оҥостор.
Мин маҥнайгы учууталым биһигини ситиһиилээх дьон буоларга ииппитэ. Көрөн-харайан, үгүс билиини биэрбитэ. Киниэхэ махталым муҥура суох.
Денис ЛЕПЧИКОВ, 10 кылаас.
Учуутал
Учуутал диэн ааттаах күндү киһибит
Уустук үлэлээҕин билбэккэ,
Мэниктээн ылабыт ардыгар
Хомойбут хараҕын көрөбүт.
Учуутал сүмэлээх сүбэтэ-амата
Күннэтэ арыаллыыр, кынаттыыр,
Кэрэ мөссүөнэ, кэрэ мичээрэ
Олох устун айанныырга тирэхтиир.
Күндү киһилиин Учууталлыын
Инникигэ эрэллээх сылдьыахха,
Барҕа махтал тылбытын
Сүһүөхпүтүгэр туран этиэххэ.
«Дьоҕур» эдкорпост, Кэбээйи орто оскуолата.