Учуутал күнүн бэһиэлэйдик бэлиэтээтибит. Үөрэнээччилэр торжественнай линейкаҕа учууталларбытын эҕэрдэлээтибит, кинилэргэ бэйэбит оҥорбут аккырыыткаларбытын кытта минньигэс сакалаат бэлэхтээтибит. Ону таһынан, «Үктэл» оҕо тэрилтэтин актыыба, учууталларбытыгар сыралаах үлэлэригэр махтанан торт туттардыбыт.
Кинилэрдиин бары бииргэ сэбиэскэй композитор Владимир Шаинскай «Мичээр» ырыатын ылластыбыт. Бу күн «Мин кимминий, таай?» күрэх ыыттыбыт. Күрэх балаһыанньатынан учууталлар оҕо эрдэнээҕи хаартыскаларын таайан суруйуохтаахтар. Ким барыларын эбэтэр элбэх учууталы таайбыт учууталларга, оҕолорго, нэһилиэнньэ киһитигэр бирииспитин бу субботаҕа буолуохтаах кэнмиэрбитигэр туттарыахпыт. Онон барыларыгар ситиһиини баҕарабын. Онтон, күндү убаастыыр учууталларбыт хаһан да ыалдьымаҥ, куруук үөрэ-көтө сылдьыҥ, эйэлээх халлааны оскуолабыт оҕолорун аатыттан баҕарабын.
Илларион Старостин, 11 кылаас,
Арыылаах орто оскуолата, Дьааҥы
1
Оҕолор учууталларыгар олус бэрт бырааһынньыгы бэлэхтээбиттэр Маладьыастар!
Учууталлар үлэҕитигэр, үөрэтэр оҕолоргут ити курдук сайаҕас махталлара, өрүү үрдүк ситиһиилэргэ кынаттыы турдуннар!