Ытыктабыллаах учууталлар, үөрэх эйгэтин үлэһиттэрэ, педагогическай үлэ бэтэрээннэрэ!
Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан эһигини идэлээх бырааһынньыккытынан – Учуутал күнүнэн ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин!
Учуутал күнэ – чахчы да, норуот бүттүүнүн бырааһынньыга. Бу күн биһиги учууталларга, педагогтарга уонна преподавателлэргэ сыралаах үлэлэрин, киэҥ билиилэрин, идэлэригэр бэриниилэрин иһин дириҥ ытыктабылбытын уонна махталбытын биллэрэбит.
Пандемия уустук кэмигэр учууталлар уонна педагогтар, үөрэх эйгэтин бары үлэһиттэрэ идэлэрин дэгиттэр баһылаабыттарын итэҕэтиилээхтик бигэргэтэллэр, ытык иэстэрин толороллор. Эһиги идэҕэ бэриниигит үөрэнээччилэргит, иитиллээччилэргит тустарыгар бары уустуктары туоруурга кынаттыыр – бу Саха сирин педагогическай уопсастыбаннаһын бастыҥ өрүтэ, өрөспүүбүлүкэ үөрэҕин тиһигин киэҥ кэскилин төрүтэ.
Хайа да кэмҥэ биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр үөрэҕи тумус суолталыыллара. Саха улуу сырдатааччыларын ааттара умнуллубат, кинилэр үтүөлэринэн өрөспүүбүлүкэҕэ үөрэх тиһигэ тэриллэн сүһүөҕэр турбута. Саха сирин үөрэҕириитин ити бастыҥ үгэстэрин бүгүн уонунан тыһыынча бастыҥ педагог салҕыыр.
Бүгүн Саха сирин үөрэҕин тиһигэ биир саамай бөдөҥ эйгэнэн буолар, манна 43 тыһыынчаттан тахса педагогическай үлэһит айымньылаахтык үлэлии сылдьар. Эһиги үөрэх олохтоох тиһигин сайыннарар уонна бөҕөргөтөр дьиҥ кыахтары кэрэһилиигит.
Өрөспүүбүлүкэ салалтата уонна бырабыыталыстыбата үөрэх тиһигин сайыннарыыга, саҥа оскуолалары, оҕо уһуйааннарын тутууга, матырыйаалынай-техническэй базаны бөҕөргөтүүгэ дьоһун болҕомтону уурар. Бу барыта үөрэтэр уонна иитэр үлэни-хамнаһы тэрийиигэ уонна сайыннарыыга, оҕону өй-санаа, култуура, сиэр-майгы өттүнэн иитэн таһаарыыга дьоһун төһүү буолар. Үөрэх салаата инники кэскили түстүүр, сарсыҥҥы күҥҥэ туһаайыллыбыт эйгэ.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын, гражданин уонна төрөппүт быһыытынан үөрэх тиһигин сайыннарыы дьоһун суолтатын эрэ буолбакка, оҕолор тустарыгар кыһамньы өрөспүүбүлүкэ уопсастыбаннаһын үрдүк эппиэтинэһин уонна ытык эбээһинэһин курдук өйдүүбүн. Ол иһин, Саха сиригэр олорор хас биирдии оҕоҕо, ыраах тыа сиригэр, оройуон киинигэр эбэтэр киин куоракка олороруттан тутулуга суох, тэҥ үөрэнэр, сайдар усулуобуйаны тэрийиигэ саҥа киэҥ ис хоһоонноох соруктары туруорабыт. Хас биирдии уһуйааҥҥа, хас биирдии оскуолаҕа оҕону үөрэтии уонна иитии үрдүк таһыма ырытыллан оҥоһуллуох тустаах. Былаас уонна уопсастыба, учуутал уонна төрөппүт түмүстэҕинэ, сомоҕолостоҕуна, биһиги үөрэхпит тиһигин сайыннарыы эрэ буолбакка, Саха сиригэр хас биирдии оҕоҕо уонна ыччакка бастыҥ үөрэҕи биэрэр сүрүн сыалы ситиһиэхпит диэн бигэ эрэллээхпин.
Саха сирин бары учууталларыгар, педагогтарыгар, преподавателлэригэр уонна педагогическай үлэ бэтэрээннэригэр чэгиэн доруобуйаны, саҥа кирбиилэри уонна ситиһиилэри, дьолу уонна этэҥҥэ буолууну баҕарабын!
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана А.С. Николаев.