Үөһээ Бүлүү улууһун Ороһу орто оскуолатын директоры иитэр үлэҕэ сүбэһитэ Александра Ивановна Егорова, оҕо хамсааһынын тэрийээччи Руслан Русланович Огочонов көҕүлээһиннэринэн, Учуутал күнүн декадатын чэрчитинэн, «Учууталга, махтал!» диэн ааттаан брейн-ринг ыыттылар.
«Киирэн кэлэҕин кылааска
Сырдык ыра санаалаах,
Истиҥ мичээр аргыстаах,
Киэҥ билии кынаттаах…» диэн тылларынан 7 кылаас үөрэнээччитэ Cайаан Павлов уонна 8 кылаас үөрэнээччитэ Валерий Ласточкин тэрээһини саҕалаатылар. Оонньуу хаамыытын 9 кылаас үөрэнээччитэ Саша Потримай, 8 кылаас үөрэнээччитэ Айыстаан Селясинов дьүүллээтилэр.
Бастакы хамаанда «Чуораанчык», иккис — «Эврика». Оонньуу бастакы сорудаҕа «Дальше, дальше» диэн буолла, бу сорудахха 1 мүнүүтэҕэ 10 боппуруос бэриллэр, хайа хамаанда элбэҕи таайбыт хотор. Иккис сорудах «Рисовалкины», «Золотой ключик» сүрүн геройун уруһуйдааһын. Үһүс сорудах, «Математика-царица наук», 30 сөкүүндэ иһигэр 3 задачаны суоттааһын. Төрдүс сорудах, «Выпускник» туһунан остуоруйа көрдөрүү. Бэһис сорудах, «Мудрая сова» бэриллибит түгэннэргэ эппиэттээһин. Биир очукуонан кыайыылаах «Эврика» хамаанда таҕыста.
Сайааннаах Валерий түмүккэ учууталларыгар ис сүрэхтэн маннык тыллары анаатылар: баҕарабыт киил мас курдук чиргэл буолуоххутун, үөрүү-көтүү эҥээрдээх, уйгу-быйаҥ олохтонуоххутун, сыралаах үлэҕит үтүө түмүктээх буолуохтун! Дьиэ кэргэҥҥитигэр ил-эйэ эҥэрдэстин, дьол-соргу тосхойдун!
Ороһу орто оскуолатын пресс-киинэ.