Саха уус-уран литературатын төрүттээччи, айар тыл аҕата А.Е. Кулаковскай — Өксөкүлээх Өлөксөй буолар. Сахалыы сурук-бичик кумааҕыга тиһиллэн тахсарыгар улахан өҥөлөөх. Кини сыдьааннара – оҕолоро, сиэннэрэ учуутал идэтин баһылаан, билиигэ уһуйар учууталлар. Уола Реас Алексеевич Кулаковскай, биллиилээх прозаик уонна поэт. Идэтинэн нуучча тылын уонна литературатын учуутала. Уопсайа 36 сыл учууталлаабыт. Реас Алексеевич мин эһэм Николай Семенович Васильев учуутала. Кини маннык ахтар: «Олорон кэлбит олохпун сайыһан көрдөхпүнэ, оскуолаҕа үөрэммит сылларым сырдык өйдөбүл буолан, өйбөр-санаабар хаалбыттар эбит. Үөрэххэ-билиигэ, киһи буоларга такайбыт учууталларбын умнубаппын. Оннук биир ытык-мааны киһим Реас Алексеевич Кулаковскай.
Реас Алексеевич тас көрүҥнүүн, тутта-хапта сылдьардыын, тыллыын-өстүүн кырдьык да дьоһун киһи, кэнчээри ыччаты сырдыкка уһуйар учуутал этэ. Оччолорго тыа оскуолаларыгар биир кылааска отут иһинэн-таһынан оҕо үөрэнэрэ. Учууталбыт уруоктара ураты тыыннаах, умсугутуулаах буолаллара. Ким да айдаарбат, мэниктээбэт этэ. Реас Алексеевич бэйэтэ айылҕаҕа сылдьарын наһаа сөбүлүүрэ.. Саас аайы ньургуһун үүнэр кэмигэр Амма кытылыгар батыһыннаран илдьэрин өйдүүбүн. Биирдэ хочоҕо үөт талах тулалаах, кыракый томтордоох, «Эрбэһин Мэҥкээйи» диэн кэрэ көстүүлээх сиргэ илдьибитэ. Кылаас оҕолоро элбэхпит. Онно тула олордон сэһэргэстэ. Онтон оонньотто. Уол кыыс диэн араарбакка аны барыбытын туһуннарда. Билиҥҥинэн «Абсолютнай чемпионат» курдук буолла. Онно чемпионунан Нюта Татаринова буолбута. Билигин ону санаатахпына ол кэмҥэ төннүөхпүн баҕарабын. Учууталбыт оҕону кытта оҕо буолан тэҥҥэ күлэ-үөрэ олороро бу баар курдук.
Реас Алексеевич нэһилиэккэ ыытыллар тэрээһиннэргэ биир көхтөөх кыттааччы, тэрийээччи этэ. Наһаа үчүгэйдик бостонуопкаларга оонньуура. Адьас артыыс талааннаах эбит. Чычымах аҕыс оскуолатын бүтэрээччилэри эксээмэн кэмигэр интэринээккэ олордор этилэр. Онно Реас Алексеевич иитээччинэн үлэлээбитэ. Кини киэһэ, иллэҥ кэмигэр, оҕолору барыларын ааҕар хоско мунньан омук классик суруйааччыларын айымньыларын кэпсиирэ. Биһиги, улахан оҕолор, ол киэһэлэри наһаа кэтэһэр этибит. Кэлин санаатахха, классикаҕа тапталы иҥэрбит, ииппит эбит. Бэйэтэ төһө да сааһыра бардар, кинигэни кыбына сылдьар, билиитин-көрүүтүн хаҥата сылдьар буоллаҕа.
Учууталым барахсан аҕатыгар Өксөкүлээх Өлөксөйгө сымыйанан хара дьаралык сыһыараннар, онуоха кинини эмиэ үтүрүм-хатарым тутан уонунан сыллар устата төһөлөөх ыар сүгэһэри сүгэн сылдьыбытын бэйэтэ эрэ билэн сырыттаҕа. Сүрдээх көнө, кытаанах майгылаах буолан, таһыгар таһаарбакка, тулалыыр дьоҥҥо көрдөрбөккө, кырдьык өрөгөйдүөр диэри сөбүлүүр идэтигэр бэриниилээхтик үлэлээн, ыал буолан, оҕолорун дьоһун дьон гына иитэн, айан-тутан олорон аастаҕа диэн сыаналыыбын.
Үлэһит буолбутум кэннэ дойдутугар, алааһыгар кэлэн барар этэ. Айанныыр транспорт көрдөөтөҕүнэ булан биэрэр этим. Ол аайы үөрэппит оҕом абыраатыҥ диэн үөрэр этэ.
Учууталым Реас Алексеевич үөрэппитин, сүбэ-саргы буоларын олоҕум устата умнубаппын, махтанабын».
Реас Алексеевич биэс оҕото учуутал идэтин баһылаабыттара. Рива Реасовна Таатта улууһун Ытык Күөлүгэр бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор. Кини 47 сыл устата алын сүһүөх кылаас оҕолорун үөрэппитэ, А.И. Софронов аатынан Ытык Күөл 1 №-дээх оскуоланы кытары сибээһин быспат. Уола Атос Реасович математика учуутала. Кини Таатта улууһун үөрэҕирии салаатын өр сылларга салайан кэлбитэ.
Өксөкүлээх Өлөксөй удьуордара холбоон 274 сыл педагогическай үлэ ыстаастаахтар. Икки аҥар үйэ тухары элбэх оҕо чиҥ билиини ылан, араас идэни баһылаатахтара. Ытыктыыр учууталларын идэлэрин батыһан, элбэх үөрэнээччи учуутал үрдүк аатын сүктэҕэ.
Нина Турнина, X кылаас,
А.И. Софронов аатынан Ытык-Күөл орто оскуолата
Таатта