Биһиги оскуолабытыгар өр сылларга саха тылын уонна литературатын учууталынан үлэлээбит, оскуолабыт музейын төрүттээччи, учууталлар учууталлара, учууталлар династияларын саҕалааччы — Роза Васильевна Попова буолар. Кинилэр динсатияларын туһунан Роза Васильевна сиэн балтыттан, оскуолабыт психологыттан интервью ыларга сананным.
— Татьяна Борисовна, үтүө күнүнэн! Эһиги улахан дьиэ кэргэн учууталлар династиялара буоларгытын билэбит. Ити туһунан кэпсиэҥ дуо?
— Биһиги улахан дьиэ кэргэн буолабыт. Ол курдук учуутал династиятын биһиэхэ саҕалаабыт эһэм, труд учууталынан өр сылларга үлэлээбит Василий Васильевич Попов, бииргэ төрөөбүт эдьиийэ, Роза Васильевна Попова буолар. Кини бу идэни сөбүлээн талан 42 сыл үтүө суобастаахтык төрөөбүт Сииттэтин ыччата сайдарын туһугар үлэлээбитэ. Кини биэс бииргэ төрөөбүттэриттэн 4-дэ учуутал идэлээхтэр. Биһиги педагогическай династиябытыгар күтүөттэр, кийииттэр, сиэннэр баарбыт. Династиябыт уопсай ыстааһһ барыта холбоон 190 сыл буолла.
— Татьяна Борисовна, ордук ханнык предмет учууталлара эһиги династияҕытыгар баһыйарый?
— Биһиги династиябытыгар нуучча, саха тылларын учууталлара уонна технология учууталлара элбэхтэр.
— Татьяна Борисовна эн талан ылбыт идэҥ туһунан кэпсээ эрэ.
— Мин идэбинэн саха тылын уонна литературатын учуутала буолабын. Ол гынан баран ити биридимиккэ үлэ миэстэ суоҕунан психолог идэтин баһылаабытым. Үлэбин олус сөбүлүүбүн. Араас трениҥнэри , психологическай ситуациялары ыытарбын астынабын.
— Татьяна Борисовна, үгүс түбүктээх үлэҕэр ситиһиилэри баҕарабын. Кэпсэтииҥ иһин улахан махтал!
Кондратьев Айсен , 8 кылаас, В.Е. Колмогоров аатынан Сииттэ орто оскуолата, Кэбээйи