Нам улууһун Модут орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ сөбүлүүр учууталларын туhунан суруйаллар.
Бастакы учууталым
Мин таптыыр учууталым Саина Владиславовна.Кини биһигини ааҕарга, суоттуурга, суруйарга үөрэппитэ. Саҥа дьылга ыллаабыппыт-туойбуппут, маскараат оҥостубуппут, үҥкүүлээбиппит уонна аһаабыппыт. Литератураҕа мүнүүтэҕэ ааҕарбытын наһаа сөбүлүүр этибит. Мин учууталбын таптыыбын.
Мичийээнэ Ядрихинская, V кылаас.
Уруокка сөбүлээн сылдьабын
Мин таптыыр учууталым Шергин Михаил Глебович. Михаил Глебович физкультураҕа үөрэтэр. Мин кини уруогар сөбүлээн сылдьабын. Кинилиин күрэхтэһэ барааччыбыт. Оҕолору сүүрүүгэ, ыстаныыга, онтон да атын көрүҥнэргэ дьарыктыыр.
Өссө оҕолору тустууга дьарыктыыр. Сайын лааҕыр арыйар, онно оҕолор сылдьаллар. Тустуу күрэхтэригэр оҕолору илдьэ барар. Атын сирдэргэ баран күрэхтэһэн кэлэллэр.
Мира Шергина, VI кылаас.
Бастакы учууталым
Мин аан бастаан маҥнайгы кылааска киирэрбэр учууталым Аргунова Альбина Афанасьевна көрсүбүтэ. Кини билигин дьиэтигэр сиэннэрин көрөн олорор. Кини учууталлыы сылдьан хас да кылааһы бэлэмнээн орто сүһүөххэ атаарбыта. Холобура, аҥардас биһиги дьиэ кэргэммитигэр, үс оҕо киниэхэ үөрэнэн ааспыта. Мин кыра эдьиийим, мин бэйэм уонна быраатым.
Альбина Афанасьевна олус талааннаах киһи, кини ырыаһыт, үҥкүүһүт, оннооҕор “Учууталлар учууталлара”.
Мин учууталбынан киэн туттабын.
Коля Павлов, XI кылаас.
Ааҕарга үөрэппитэ
Саина Владиславовна мин саамай сөбүлүүр учууталым этэ. Биһигини ааҕарга, суруйарга уонна эбэргэ үөрэппитэ. Биһиги кинини наһаа ахтабыт, кини биһигини начальнай кылааска үөрэппитэ. Элбэх билиини биэрбитэ.
Алина Винокурова, V кылаас.
Математиканы сөбүлүүбүн
Антонина Егоровна Михайлова – мин кылаас салайааччым. Кини математиканы наһаа үчүгэйдик үөрэтэр. Ол иһин математика мин сөбүлүүр уруогум.
Биһиги Модуппутугар Бөтүҥтэн сылдьан үлэлиир. Кини эдэр уонна кыраһыабай. Биһигини ыарахан түгэҥҥэ хаалларбат уонна наар үөрэ-көтө сылдьар. Кылааһынан бииргэ күрэхтэргэ уонна бырааһынньыктарга кыттабыт.
Инга Винокурова, VI кылаас.
Кыыһырбат учуутал
Гуляев Владимир Иванович – саха тылын уонна литературатын учуутала. Алҕас кинигэбитин, эбэтэр тэтэрээппитин умнан кэллэхпитинэ кыыһырбат. Сороҕор кинигэтин уларсааччы. Наһаа үчүгэйдик кэпсиир. Кини билигин ыалдьа сылдьар. Кинини атптыыбын.
Максим Каримов, V кылаас.
Экология учуутала
Мин сөбүлүүр учууталым Пахомов Александр Алексеевич. Тоҕо диэтэр кини өйдөтөрдүк үөрэтэр, куолаһа үчүгэй, эйэҕэс, сороҕор бэһиэлэй. Алтыс кылааска экология урогар оонньооччубут, күһүн сэбирдэхтэри хомуйааччыбыт, почваны үөрэтээччибит.
Эмилия Комюстюрова, VII кылаас.
Мин учууталларым
Саина Владиславовна мин таптыыр учууталым. Кини биһигини ааҕарга, суруйарга үөрэппитэ. Биһиги кинини наһаа таптыыбыт. Кини наһаа кыраһыабай, кинини олус ахтабыт. Наһаа үчүгэйдик үөрэппитэ. Билигин атын сиргэ үлэлии барбыта.
Билигин биһиги 5-с кылааска таҕыстыбыт. Биһиги учууталбыт Алина Анатольевна. Кини Саина Владиславовна курдук эдэр уонна кыраһыабай. Биһигини “Солнышко!” диир. Бары бииргэ араас тэрээһиннэргэ кыттабыт. “Көмүс күһүн” күрэхтэригэр бастакы миэстэ буолбуппут.
Самира Осипова, V кылаас.
Учууталларым – чугас дьоннорум
Мин таптыыр учууталым – Мухина Ирина Гаврильевна. Кини 7 сылы быһа биһиги кылааспытын салайда. Кини биһигини өйүүр, хайгыыр, үчүгэйгэ үөрэтэр. Кини биһигини нуучча тылыгар уонна литератураҕа үөрэтэриттэн үөрэбит.
Мин сөбүлүүр учууталларым – Михайлова Антонина Егоровна, Пахомов Александр Алексеевич, Алексеева Алина Анатольевна уонна да атыттар. Учууталлар биһиги үчүгэй дьон буолуохпутун баҕараллар. Биһиги Модуппут орто оскуолатын учууталлара бары үчүгэйдэр. Сөбүлээбэт учууталбыт диэн суох.
Дима Черепанов, XI кылаас.
Мин саамай-саамай сөбүлүүр учууталым
Мин саамай-саамай сөбүлүүр учууталым Шергин Михаил Глебович. Кини уруоктарыгар мин сөбүлээн сылдьабын. Кини физкультураны үөрэтэр. Бастакы кылаастан үөрэтэр. Хайыһардыырга, тэҥҥэ хаамарга үөрэппитэ. Күрэхтэһиилэргэ илдьэр-аҕалар. Сайын лааҕыр арыйар, онно уолаттар сөбүлээн сылдьаллар. Тустууга үөрэтэр.
Сайыына Старкова, VI кылаас.
Тустууга уһуйар
Мин сөбүлүүр учууталым – Шергин Михаил Глебович. Кини физкультутарын үөрэтэр уонна тустууга дьарыктыыр. Мин тустууга бастакы кылаастан сылдьабын. Сөбүлүүр приемум “күлүүс”. Субуота аайы оонньуу дьарыга буолааччы. Күрэхтэргэ кытта барааччыбыт, онно бардахха элбэх табаарыстанаҕын уонна элбэх тренердары көрөҕүн.
Далан Шамаев, VII кылаас.
Учуутал доҕорбут
Мин таптыыр учууталым Шергин Михаил Глебович. Кини биһигини чемпион буоллуннар диэн дьарыктыыр уонна физкультураҕа биһигини саамай үчүгэй кылаас диир. Күрэхтэһэ бардахпытына аһатар уонна күрэхтэһиигэ кыайдахпытына “Маладьыастар!” – диэн эҕэрдэлиир. Бары кыайдахпытына маҕаһыыҥҥа сылдьабыт уонна үөрэ-көтө барабыт.
Тустуу лааҕырыгар Михаил Глебовичтыын мырааҥҥа барбыппыт, үөһэ тахсан баран аһаабыппыт, хаартыскаҕа түспүппүт, илим үппүппүт. Кинилиин бииргэ сылдьар олус интэриэһинэй!
Уруйдаан Охлопков, VI кылаас.
Кыһамньылаах учуутал
Мин сөбүлүүр учууталым Михайлова Антонина Егоровна. Тоҕо диэтэр, кини барыбытын үчүгэйдик суоттуурга, төгүллүүргэ, көҕүрэтэргэ үөрэппитэ.
Кыыһырбат, сороҕор мэниктээтэхпитинэ мөҕөөччү. Өйдөөбөтөхпүтүнэ көмөлөһөр, барытын өйдөтөн биэрэр. Кини алгебра уонна геометрия учуутала. Уруок аайы үчүгэй настарыйыанньалаах.
Петя Осипов, VII кылаас.
Учууталбын аҕынным
Мин Сандулин Николай Николаевыhы аҕынным. Кини миигин олус үчүгэйдик үөрэппитэ. Кини миигин араас күрэхтэһиилэргэ илдьэ барааччы, сүүрүүгэ, мээчик быраҕарга үөрэппитэ. Араас оонньуулары үөрэтэр этэ. Кини 57 саастаах, олус кырдьаҕас, наһаа сыаналыыбын кинини.
Николай Николаевич мин саамай сөбүлүүр учууталым.
Далаана Охлопкова, V кылаас.
Учууталларбын убаастыыбын
Мин таптыыр учууталым – Михайлова Антонина Егоровна. Мин кинини олус күүскэ таптыыбын. Математика уруогар Антонина Егоровна сүрдээх үчүгэйдик үөрэтэр уонна быһаарар. Кини кыра эрдэхпититтэн биһиэхэ эйэҕэстик сыһыаннаһар уонна уруоктарын интэриэһинэйдик ыытар. Мин санаабар учуутал итинник буолуохтаах. Кини олус эппиэтинэстээх учуутал.
Биһиги оскуолабытыгар убаастыыр учууталларбыт элбэхтэр. Холобур, Кривошапкина Рассветлана Алексеевна – биһиги кылааспыт салайааччыта уонна саха тылын учуутала. Татьяна Васильевна – төрүт култуура учуутала, кини олус сымнаҕас куоластаах уонна эйэҕэс киһи. Алина Анатольевна- омук тылын учуутала, уруоктара олус интэриэһинэй уонна барытын үчүгэйдик быһаарар. Ирина Гаврильевна – нуучча тылын уонна литературатын учуутала, Альбина Афанасьевна – мин бастакы учууталым, кини көмөтүнэн мин элбэҕи билбитим.
Ол гынан баран мин Антонина Егоровнаны быдан күүскэ таптыыбын. Мин киниэхэ тэҥнэһиэхпин баҕарабын.
Милена Шергина, VII кылаас.