1999 сыллаахха РФ Президенин Ыйааҕынан Россия наукатын олохтоммута. Наука судаарыстыба социальнай-экономическай сайдыытын хамсатар күүс, киһи-аймах олоҕун-дьаһаҕын тупсарар улахан суолталаах эйгэ буолар.
Бу күҥҥэ аналлаах үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ Петр Гоголев бэйэтин этиитигэр уопсастыба уонна судаарыстыба олоҕор наука оруолун тоһоҕолоон эттэ: “ Наука кыаҕа муҥура суох, биһиги науканан дьарыктанар, дойду научнай потенциалыгар бэйэтин кылаатын киллэрэр дьоҥҥо махтаныах, сүгүрүйүөх тустаахпыт.”
СӨ Конституционнай суутун бэрэссэдээтэлэ Александр Ким-Кимэн М.К.Аммосов Саха автономнай сэбиэскэй социалистическай өрөспүүбүлүкэ кыаҕын-баайын үөрэтэр комплекснай экспедицияны тэрийиэҕиттэн биһиги наукабыт үтүө үгэстэри олохтоон, сайдыы суолугар үктэммитин билиҥҥи учуонайдар утумнуулларын санатта: » Бастакы Президеммит М.Е.Николаев төрүттээбит СӨ Наукатын академиятын үлэтин саҕалаабыт дьонунан В.П.Ларионов, В.В.Филиппов буолаллар. Учуонайдар үлэлэрин түмүгэр өрөспүүбүлүкэҕэ сир баайын хостооһуна, экономика сайдыыта инники хардыылаабыта. Билигин сүрүн научнай кииннэринэн РФ наукатын академиятын Сибиирдээҕи салаатын Саха сиринээҕи научнай киинэ, СВФУ, ЯГСХА, АГИКИ буолаллар. Эдэр учуонайдар дойду стратегическай сайдыытыгар сүрүн күүс буолуохтаахтар».
СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Ольга Балабкина:
— Дойду Президенэ В.Путин 2018 с.ыам ыйынааҕы ыйааҕынан Россия биир сүрүн суолталаах бырайыагынан научнай-үөрэтэр (образовательный) кииннэри тэрийиини ыйбыта. Биһиги өрөспүүбүлүкэбит “Север — устойчивое развитие” бырайыагынан Уһук Илик региоҥҥа биир улахан научнай-үөрэтэр киини тэрийиэхтээхпит. 2019 с. өрөспүүбүлүкэ уонна Россиятааҕы фундаментальнай чинчийии фондатын икки ардыгар түһэриллибит сөпсөһүү түмүгүнэн биһиги 45 научнай бырайыакпыт өйөбүлү ылбыта. 2020 с. сорукпутунан Бүлүү бөлөх улуустарын геологическай туругун чинчийии, “Аан дойдутааҕы сэлии (мамонт) киинэ” бырайыагы олоххо киллэрии, “Саха сирин историята” таһаарыыны цифровой формакка киллэрии буолар. “Человек на Севере”, экология, сир баайын туһаныы, биотехнология, биомедицина хайысхаларынан үлэ барыа. Манна даҕатан эттэххэ, Саха сирэ бэйэтэ Наука академията тэрилтэлээх Россия соҕотох региона буолар.
СӨ үөрэҕин уонна наукатын миниистирэ Владимир Егоров сүрүн санааларын слайдынан көрдөрөн кэпсээтэ:
— Билигин Россия “Наука” национальнай бырайыагынан наукаҕа биэс тастыҥ дойдулар истэригэр киирэр сыаллаах-соруктаах үлэлиир. Өрөспүүбүлүкэбитигэр научнай-чинчийэр киини тэрийиэхтээхпит. Сүрүн хайысхаларынан “Человек на Севере”, “Рациональное гидропользование” буолаллар. Икки учуонайдарбыт Россия наукатын академиятын член-кэрэспэдьиэннэринэн буоллулар. Оскуола оҕолорун кытта үлэлиир миниистир быһыытынан, математик-учуонай Симеон Дени Пуассон этиитин санатыахпын баҕарабын: “Жизнь украшается двумя вещами: занятием математикой и её преподаванием”. Оҕолорго анаан элбэх үрдүк таһымнаах тэрээһин барар: “Инникигэ хардыы”, норуоттар икки ардыларынааҕы “Туймаада” олимпиада, “Наука бэстибээлэ”, эдэр учуонайдар Азиатскай-тихоокеанскай кэмпириэнсийэлэрэ. Икки оскуолабыт РАН базовай оскуолаларынан буоллулар. 2020 с. Наука дьоҕус академиятын дьиэтэ үлэҕэ киириэхтээх. Онно лаборатория, оборудование, бэл, университекка, институттарга суох улахан кыамталаахтар. Онон научнай уопсастыбаны бииргэ үлэлииргэ ыҥырабын.
“РФ наукатын академиятын Сибиирдээҕи салаатын Саха сиринээҕи научнай киин” федеральнай чинчийэр киин бэрэссэдээтэлэ Михаил Петрович Лебедев, СӨ наука академиятын президенин эбээһинэһин толорооччу Василий Васильевич Филиппов, М.К. Аммосов аатынан Хотугу Илиҥҥи федеральнай университет ректора Анатолий Николаевич Николаев бэйэлэрин санааларын үллэһиннилэр. Үөрүүлээх быһыыга-майгыга судаарыстыбаннай наҕараадалары туттарыы буолла.