“10 дней с Сантой”
Италия киинэтин көрбөтөх ырааппыт эбит. Дьиҥэ, “Дом Гуччи” диэн АХШ режиссера Риддли Скотт Италия муодатын бастыҥ уораҕайыгар, Гуччи дьиэ кэргэҥҥэ буолбут түбэлтэлэри дьэрэкээн көстүүгэ үйэтиппитэ Италияны сэргиир, сэҥээрэр дьоҥҥо умнуллубат түгэни бэлэхтээтэ диэххэ сөп. Ол эрээри, бу киинэ тула мөккүөрдэр, араас санаалар эмиэ бааллар. Холобур, сорохтор сүрүн геройдары астымматахтара. Эбэтэр, аатырбыт “Гуччи” брендэ хайдах атаҕар турбут түһүмэҕэ көстүбэтэ, Маурицио Гуччи хайдах албан аатырбыт устуоруйата эмиэ сырдатыллыбата диэччи элбэх. Хайдаҕын да иһин, кылгас кэмҥэ Италия тыынын ыллахпыт: харах халтарыйар кэрэ көстүүтэ, таҥаһа, аксессуара да буоллун, “Дом Гуччи” киинэҕэ элбэх этэ.
Оттон “10 дней с Сантой” диэн Италия киинэтэ дьиэ кэргэнинэн көрөргө дьэ астык. Режиссер Алессандро Дженовези комедия киинэтэ дьиҥэ, 2020 с. тахсыбыт эбит. Ол эрээри, Россия көрөөччүлэрэ ону быйылгы дьылга эрэ көрдүбүт. Барыны бары кыайыах-хотуох супер дьоруойдардаах эрээри, ардыгар олоҕо уонна оруна, дьиҥэ суоҕу көрдөрөр, наар хатыланар сюжеттаах уонна дьоруойдардаах Америка араас хабааннаах киинэлэриттэн киһи салҕан барыан курдук. Дьону барытын биир толкуйга, биир халыыпка уга сатыыр курдук соҥнуур сыаллаах киинэ күн-түүн элбэх. Ону Россия хото атыылаһан көрдөрөр. Сорҕотун атыылаһымыахха да баар этэ, диэх курдук санааҕа киһи кэлэр.
“10 дней с Сантой” киинэҕэ хара маҥнайгыттан Италия тэтимнээх эрээри, намыын матыыптара иһиллэр. Ол курдук, Россия олохтоохторугар сөбүлэппит Аль Бано, Ромина Пауэр аатырбыт “Феличита” ырыалара, эбэтэр, Италия пионердарын “Мама чао” ырыалара ааспыт кэми санатан, сөптөөх түгэҥҥэ тыаһаан ылаллара көрөөччүнү биллэрдик сэргэхситэр уонна үөрдэр. Киинэ итальянецтар майгыларын, тыыннарын чаҕылхайдык көрдөрөр: үс оҕолоох дьиэ кэргэн чилиэннэрин хас биирдиилэрин уобараһа толору арыллар. Ол курдук, сырбаҥ-татай саастаах кыыс, орто сүһүөх оскуола үөрэнээччитэ уол, сүрэҕи манньытар кыракый кыыс санаалара, туруктара режиссер кыраҕы хараҕын далыгар. Ийэҕэ, аҕаҕа эмиэ ураты болҕомто ууруллар. Киинэ былаһын тухары социальнай-экономическай, политическай даҕаны кыһалҕалар көр-күлүү быыһыгар булгуччу таарыллаллар. Италия “неореализмнаах” киинэлэрэ үксэ да кыһалҕаны аһаҕастык, кырдьыктаахтык көрдөрөллөрүнэн уратылаахтар.
Саҥа дьыл саҕана алыптаах айаҥҥа аттанан, бу дьиэ кэргэн аара суолга соһуччу Санта Клауһу булан ылар. Көрдөөх олох мантан ыла эбии күүһүрэр: дьээбэлээх кэпсэтиилэр, ол быыһыгар өйдөспөт буолуу түгэннэрэ, тоҕо диэтэххэ, соһуччу көрсүбүт аргыстара… аптаах Санта дуу, көннөрү, көрүнньүккэ эрэ Санта көстүүмүн кэппит кырдьан эрэр киһи дуу, диэн ыйытыы мэлдьи турар. Ити эрээри, барыта оруннаах, кырдьыктаах буолан биэрэр. Саҥа дьыл алыбар оҕо эрэ буолбакка, улахан киһи эмиэ итэҕэйэр.
Кырдьык даҕаны, Барби куукула туох иитэр суолталааҕый? Ону Италия киинэтигэр көр-күлүү быыһыгар таарыйаллар. “Барби куукула — бөрүкүтэ суох дьахтар көстүүтэ”, дииллэр дьиэ кэргэн дьоно уонна күлсэллэр. Оттон эһиги итини толкуйдаан көрбүккүт дуу?
“Однажды в кино”
Бу эмиэ сүрдээх сырдык тыыннаах, киһини толкуйдатар аналлаах үтүө киинэ. Режиссер Пан Налин 9 саастаах Самай оҕотук санаатын киинэ тылынан бэркэ тиэрдибит диэн көрдүм. Үгүс киһи киинэҕэ курдук чаҕылхайдык олоруон баҕарар. Ол курдук, Самай биирдэ киинэ тыйаатырыгар сылдьан баран, экраҥҥа көстө турарга кутун туттаран, күн аайы ити кэрэ эйгэлиин көрсүһүөн, алтыһыан баҕарар, онтун оҥорон көрөр, онтон доҕотторун көҕүлээн, бэйэтэ сатыырынан киинэни көрдөрөр, таҥар.
Режиссер Пан Налин бу үлэтинэн киинэҕэ тапталы хоһуйбут диэххэ сөп. Ол курдук, киинэ саҕаланыытыгар уонна бүтүүтүгэр бырааттыы Люмьердар, Эйзенштейн, Феллини, Тарковскай, Пазолини, Антониони, Курасава, Кубрик, Тарантино уо.д.а. биллиилээх режиссердар ааттарын кэчигирэччи ааттыыр. Киинэ аартыгар уонна араас кэмнээҕи суолларыгар ураты бэлиэ суолу-ииһи тэлбит дьон үйэлээх айымньыларыгар сүгүрүйэрин бэлиэтигэр.
Сүрүн дьоруой Самай уол — киинэни таптааччы эбэтэр, оҥорооччу хомуур уобараһа диэххэ сөп. Тулалыыр эйгэтин ол сырдык оһуор оонньуу— күн бытархайын көмөтүнэн көрөр, ардыгар өҥнөөх өстүөкүлэни күн диэки даҕайар… Оччоҕо олох дьэрэкээн өҥүнэн дьиримниир, угуйар, ыра санааҕа кынаттыыр. Бу киинэ — дьоллоох, эргиллибэт оҕо сааһы махталлаахтык ахтыы курдук. Индия трущобаларыгар үөскээбит уолчаан миллионер эҥин буола улаатыыта манна көстүбэт. Арай, цифровой үйэ кэлиитигэр, эриллэр пленка хайыы-үйэ эргэрбитэ, туттуллубат буолбута Самай оҕо саастыын, төрөппүттэриттэн арахсан, ыраах үөрэнэ барарын кытары эмиэ дьүөрэлии курдук. Кинематография биир сиргэ турбакка, аныгы тэтиминэн сайда турарын кэрэһилиир. Ити барыта Индия олоҕун кытары биир ситимҥэ силбэһэн, ситиһиилээхтик көһүннэ. Ыал ийэтэ аһылыгы хайдах курдук минньигэстик, ис сүрэҕиттэн астыыра, туустаан-тумалаан биэрэрэ сиэдэрэйдик көстөр. Дьоруойдар тулалара кустук араас өҥүнүү чаҕылхайа көрөөччүнү, биллэн турар, тардар. Бу — хас эмэ үйэ тухары мунньуллубут Индия баай култууратын кэрэһитэ. Оттон дьоруойдар санаалара, үөрүүлэрэ-хомойуулара киһини итэҕэтэрдии, уйадытардыы ураннык, кырдьыктаахтык уһуллубут. Маннык үтүөкэн үйэлээх киинэлэр сүрэхтэн өлбөөрбөт аналлаахтар.
Жанна ЛЕОНТЬЕВА.
PS: эһиги ханнык киинэни сэргии, сэҥээрэ көрбүккүтүн 4sakral@mail.ru почтаҕа суруйуҥ.