Дмитрий Кононович Сивцев-Суорун Омоллоон үйэ устатын кэриҥэ олоҕо уран тылынан айымньыта, общественнай үлэтэ-хамнаһа саха литературатын историятыгар бэйэтэ туспа эпоха диэн ааттаныан сөп. Кини саха түҥ былыргытын кытта сибилиҥҥи сандаархай саҥатын икки өттүттэн холбуу туппут тыыннаах ситим этэ. Санаан көрүҥ — XX үйэ саҥатыгар төрүүр уонна XXI үйэ саҥатыгар өлөр!
Ол аата кини күн сирин көрөр кэмигэр хараҥаны тымтык уотунан сырдаталлара, сири мас суханан хоруталлара, оту-маһы оҕуһунан тиэйэллэрэ, ыраах сиргэ атынан айанныыллара, сонуну сурах быһыытынан истэллэрэ, арай олоҥхоҕо эрэ кыырай халлааны кынаттаах атынан тыыраллара. Дмитрий Кононович быыкаа эрдэҕинэ итини билбит-көрбүт суола этэ, ол бэйэтэ 99 сааһын ортолоон иһэн, 2005 сыллааҕы саас, бу дойдуттан букатын барыан сыл аҥаарын эрэ иннинэ, улуу Москуба үрдүк тойотторо былыр ыраахтааҕы саҕаттан уйаламмыт сүдү кириэмиллэрин таас уораҕайыгар, балыыһаларыгар компьютер көмөтүнэн эмтэнэн арахпыта!
Мас сухаттан саҕалаан, компьютерга тиийэ олоҕу олорбута.Ити кэм барыта кини айымньыларыгар дьиктитик тыктарыллан көрдөрүллэр.
Дьэ, бу курдук, биһиги сүдү киһибит туһунан тугу билэрбин, оҕо сылдьан улуу киһини кытта көрсүһүүлэри саас сааһынан суруйуом.
Мин 1975-79 сылларга П.А Ойуунускай аатын сүгэр Чөркөөх орто оскуолатыгар алын сүһүөх кылааска үөрэммитим. Бу үөрэнэр сылларбар Дмитрий Кононович Сивцев- Суорун Омоллоон Чөркөөхтөөҕү политсыылынайдар музейдарын тэрийбитэ. Ол иһин олус элбэхтэ Чөркөөххө кэлэн миэстэтигэр олорон эрэ үлэлиирэ. Олус элбэхтэ оскуола оҕолорун кытта көрсүһүү тэрийэрэ, алтыһара. Оскуола оҕолорун мунньан тэрийэр музейын туһунан сэһэргиирэ. Оччолорго цветной слайданан киинэ көрдөрө-көрдөрө хайа баҕарар оҕону сэҥээрдэр гына кэпсиирэ. Кэнникинэн кэргэниһэн оскуола оҕолоругар олус кэтэһиилээх, сээркээн сэһэннээх ыалдьыт буолбута. Биһиги кыра дьон кинини бэйэбитигэр олус чугастык ылыммыппыт. Сыыйа-баайа хас биирдии кылаас оҕолоро бука бары музей тэрээһинигэр үлэлиир, субуотунньуктарга кыттар буолбуппут.
В.Ионов оскуолата Дьохсоҕоҥҥо турар кэмигэр, 1977 с.
Түннүгэ-үөлэһэ суох, быраҕыллан турбут таҥарабыт дьиэтэ, биһиги харахпыт ортотугар олус тупсан-киэркэйэн улахан дыбарыаска кубулуйбута. Бу үлэлэргэ барытыгар нэһилиэк олохтоохторо, оскуола оҕолоро бука бары кыттыспыттара. Ол иһин олус астынар, харыстыыр этибит. Үлэ күөстүү оргуйара, Суорун Омоллоон кырдьаҕас Чөркөөх нэһилиэгин ытыктанар киһитэ буолбута. Бука бары кини кэлэрин кэтэһэллэр, кэллэҕинэ «Оо, Суоруммут кэлбит» диэн дьиэ аайы үөрэ кэпсэтэллэрин оҕо сылдьаммын элбэхтэ эт кулгаахпынан истибитим. Сыыйа музей территориятыгар балаҕаннары, онтон да атын малы-салы көһөртөөн аҕалбыта. Биһиги кылааска академик, Эдуард Карлович Пекарскай балаҕанын сыһыарбыттара, саас аайы балаҕан үрдүн хаарын түһэрэрбит. Күһүн уһаайбатын ыраастыырбыт. Кыра дьон кылааспыт салайааччытын кытта өйүөлэнэн-тайааланан баран үлэлээн, таарыйа оонньоон кэлэрбит олус үчүгэй этэ.
Суорун Омоллоон биһиги дьиэ кэргэн чугас киһитэ буолбута. Ол курдук, убайым, Протодьяконов Михаил Александрович музейга үлэҕэ киирбитэ. Дмитрий Кононович уолунуун, Айыы Сиэнниин биһиэхэ ыалдьыттыыр буолбуттара. Мин убайбын кытта музейга үлэтигэр барсар этим. Ардыгар кинилэр кэпсэтэллэрин иһиллээн, сыҥаахтарын анныгар киирэн олорооччубун.
Ол кэпсээннэриттэн быһыта-орута өйдөнөн хаалбыт: Дмитрий Кононович сиэри -туому олус тутуһара. Музейга көһөрөн аҕалар обьектарыгар эдэр дьону хайдах туттан-хаптан сылдьарга, сиэри-туому тутуһууну, сири-уоту аһатыыны сүбэлиир курдуга.
Кэлин саха тылын учууталын идэтин баһылаан бараммын, Суорун Омоллоон сүдү талаанын, уһун үйэлээҕин, олус үлэһитин интэриэһиргиир буолан барбытым. Бу теманы син уһун кэмҥэ араас хайысханан хасыһан үллэспитим. Ол курдук, Чурапчы улууһун Одьулуун нэһилиэгэр учууталлыыр кэмнэрбэр Суорун Омоллоон талааныгар сүгүрүйэн, Чөркөөх музейыгар кэлэн материал хомуйан, Дмитрий Степанович Жегусовтан, (саха тылын учууталыттан) стендэлэри уларсан олус интэриэһинэй уруогу ыыппытым.
Онтон сайыннаран «Сүдү талааннаах, уһун үйэлээх, сээркээн сэһэнньит,Д.К.Сивцев-Суорун Омоллоон» диэн дакылаат суруйан Таатта улууһун педагогическай үлэһиттэрин ааҕыыларыгар «Кыайыылаах» үрдүк аатын сүкпүтүм.
Маннык бэлиэтээһиннэри оҥорбутум:
Кини төрөөбүт алааһа «Ойуун күөлэ»диэн бу туспа сүдү ааттаах алаас буоларын билбитим. Былыргы олох сиэринэн кини иннинэ элбэх оҕо төрөөн өлбүт эбит. Ол иһин төрөппүттэрэ,Дмитрий Кононовиһы харахтарын харатын курдук харыстаан, сиэри-туому тутуһан, дьоҥҥо-сэргэҕэ олох көрдөрбөккө «сымыыттааҕар бүтэйдик» тутан улаатынарбыттар эбит. Ол аата билиҥҥи өйдөбүлүнэн ыллахха, кини аурата олус киэҥ, харысхала күүстээх, сиэри-туому тутуһар, бэйэтин сатаан тас эйгэттэн харыстанар гына ииппиттэр эбит. Бу кинини уһун үйэлэниигэ, талба талаана сайдарыгар тиэрпит буолуон сөп эбит.
Д.К.Сивцев-Суорун Омоллоон оскуолаҕа үөрэниэҕиттэн нуучча улуу классиктарын айымньыларын умсугуйан, таптаан ааҕара. Кинилэр сүдү талааннарыгар олоҕун устатын тухары эмиэ сүгүрүйэн кэлбитэ. Чөркөөххө алта кылааһы бүтэриэр диэри нууччалыы үөрэммитэ, оччолорго саха тылын үөрэтии суоҕа, онтон саха литературата диэн саҥардыы тыллан эрэрэ да, ол сахалыы сурук-бичик тэнийэ илигинэ тарҕанар кыаҕа суоҕа. Онон Суорун Омоллоон икки тылы, икки омук культуратын, итэҕэлин, сиэрин-туомун толору баһылаабыт киһи буолар. Бэйэтин суруйбут айымньыларыгар да көстөр. Олус үлэһит, айымньылаах, ураты айдарыылаах киһи быһыытынан сыаналыыбын, куруук айар-суруйар, ону таһынан үлэ үөһүгэр сылдьар киһи кырдьыбат.
Суорун Омоллоон «История кэлэр көлүөнэҕэ анаан суруллар» диэн этэн турар.
Кини тэрийбит музейдарын туһунан хасыһан көрбүтүм. Олус элбэх музейы кэлэр көоүөнэҕэ тэрийэн хаалларбыта. Бу музейдара билигин да үлэлии тураллара киһини үөрдэр.
Аһаҕас халлаан анныгар тэрийбит музейдара саҥата суох сээркээн сэһэнньит буолан, олох историятын кэрэһэлии, кэпсии-ипсии тураллар. Эдэр ыччат духовнай өйө-санаата сайдарыгар, олох историятын баар чахчытын билэригэр олук уураллар.
Бу курдук улуу киһибит Суорун Омоллоон үбүлүөйдэх сылын көрсө, олоҕун оҥкулуттан кып-кыратык сэгэтэн ыллым. Кини сүдү талаана алмаас таас кырыытын курдук үгүс, үйэттэн үйэҕэ, кэлэр көлүөнэҕэ сыаналана туруоҕа.
Варвара ЕФИМОВА «Таатта» хаһыат общ. кэриспэдьиэнэ.