Компьютер саҥа тэнийэр кэмигэр саныыр этим: сотору оҕолор бары информатик, программист буолаллара буолуо диэн.
Ону баара, компьютер араас албастарын баһылыырга күнү быһа иннигэр олороруҥ диэн кыра эбит. Бу “өйдөөх тэрили” салайарга бэйэҥ эмиэ уһулуччу өйдөөх, ааттаах ахсаанньыт, тобуллаҕас толкуйдаах буолуохтаах эбиккин.
Айылҕаттан оннук дьоҕурдаах оҕо Дьокуускай куорат В.П. Ларионов аатынан Физико-техническэй лицейин VI “А” кылааһыгар үөрэнэр: Максим КРЫЛЫКОВ диэн.
Максим суот-ахсаан эрэ өттүгэр күүстээх буолбатах. Кини бары предмеккэ чаҕылхай, эҥкилэ суох “5” сыанаҕа туйгуннук үөрэнэр. Бука арааһа, бары предмеккэ да күрэхтэһиннэрэллэрэ эбитэ буоллар, Максим барытыгар да бастыа, ырааҕынан кыайыа этэ дии саныыбын. Соннук бэйэтин сааһыттан урутаан иһэр өркөн өйдөөх.
Ол эрээри Максим, аныгы сайдыылаах оҕо сиэринэн, IT технологияны сэргиир буолан, чуолаан информатиканан дьаныардаахтык дьарыктанан эрэр. Учууталлара Юрий Николаевич Романов уонна Никифор Николаевич Куличкин утумнаахтык эрчийэллэр.
Былырыын информатиканы саҥа үөрэтэн саҕалаат, V кылаас үөрэнээччитэ Максим Крылыков бэйэтиттэн аҕа саастаах сэттистэри олимпиада муниципальнай, эһиилигэр 2018 с. региональнай түһүмэхтэригэр кыайан, барыларын сөхтөрбүтэ.
Бу соторутааҕы сэтинньи ыйга Саха Сирин бастыҥ программист оҕолоро Владивосток куоракка Дальнай Восток Федеральнай университетын иһинэн Тихоокеанскай оскуолаҕа үөрэннилэр. Манна VIII кылаастан эрэ үөһээлэри ылаллар, дьиҥэр. Ону Максим көрдөрүүтэ үрдүк буолан хабыллыбыт. Үөрэх кэмигэр программированиеҕа Бүтүн Россиятааҕы полуфинал буолбут. Онно Максимнаах хамаандалара III степеннээх дипломунан наҕараадаламмыттар.
Саамай сөҕөрүм – Максим үөрэтэ илик предметтеригэр сыһыаннаах сорудахтары бэйэтэ толкуйдаан суоттуурун. Холобура, геометрияны, алгебраны оскуолаҕа бара илик буоллаҕа дии. Ол гынан баран, уол онтон иҥнэн турбат, бэйэтин көрүүтүнэн оҥорбута эрэ баар буолар. Уонна, соһуйуоххут иһин, ол сэрэйэн суоттаабыта үксэ сөп буолар.
Чахчы, кини айылҕаттан ахсаанньыт. Онтуката кыратыттан биллибит. Дэлэҕэ алын сүһүөх оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан соҕуруу Москваҕа, Болгарияҕа эбии эрчиллиигэ ыҥырыллыа үһү дуо? Талааннааҕы таба көрдөхтөрө эбээт. Ол курдук, математикаҕа норуоттар икки ардыларынааҕы олимпиадаҕа икки төгүл призердаан турар. Куорат, өрөспүүбүлүкэ, Россия киэнин этэ да барбаккын, онно үтүмэн ситиһиилээх.
“Дорҕоон уонна ахсаан куйаарынан ситимнээхтэр”, — дииллэринии, ахсаанньыт уол музыкаҕа эмиэ ураты дьоҕурдаах. Искусство оскуолатыгар фортепиано кылааһыгар үөрэммитэ. Чыыһыла уонна нота илиигэ тутан көрбөт абстрактнай өйдөбүллэр, кумааҕыга эрэ баар бэлиэлэр буолан¸ туох эрэ алтыһар сибээстээхтэр быһыылаах. Ол иһин Максим сольфеджио диктаныгар эмиэ кыайыылаах тахсара. Билигин да кини иллэҥ кэмигэр фортепианоҕа оонньуур, классиканы сөбүлээн истэр.
Биир бэйэм саха оҕото уһулуччу дьоҕурдааҕынан киэн туттабын. “Кыайбатах задачатын түүн уһуктан кэлэн, хайдах оҥоһулларын өйдөөн, суоттаабытынан барар. Оскуолаҕа киириэн иннинэ омуктуу остуоруйалары ангылычаанныы кэпсиирэ. Саамай үөрэрим – чопчу соруктаах, ону толорорго дьулуһар”, — диир ийэтэ.
Максим ити ылыммытын тиһэҕэр тиэрдэр, билбэтэҕин билэ сатыыр, сыалын ситиһэр үтүө өрүттэрэ кинини үрдүккэ кынаттаатыннар, өссө да элбэх саҥа ситиһиилэринэн Сахатын Сирин ааттаттын, дойдутугар туһалаах киһи буоллун!
Анисия Иевлева.