Пионерия 100 сылын өрөспүүбүлүкэ бары муннуктарыгар тэрээһиннээхтик бэлиэтээтилэр. Усуйаана улууһун Хаһааччыйа орто оскуолатын “Дьааҥы кыымнара” эдкорпоһуттан VIII кылаас үөрэнээччитэ Максим Горохов суруйар.
Мин Хоту Муустаах муора кытыытынан тайаан сытар уһук хоту Усуйаана улууһун кырдьаҕас Хаһааччыйа нэһилиэгэр олоробун. Бүтүн Сойуустааҕы пионерия 100 сыллаах өрөгөйдөөх үбүлүөйүн оскуола бары үөрэнээчилэрэ, учууталлара үөрэ-көтө бэлиэтээтибит.
Урукку төлөннөөх пионердар — оскуола дириэктэрэ М.С.Окорокова, дириэктэри иитэр үлэҕэ солбуйааччы Р.Н.Горохова, омук тылын учуутала А.А.Холмогорова, муусука уонна төрүт култуура учуутала О.П.Попова пионерскай оҕо саастарын умнуллубат кэрэ кэмнэрин туһунан биһиэхэ кэпсээтилэр.
“Пионерия 100 сылынан” диэн таайбараҥ оонньоттулар. Мин бу оонньууга кыайыылаах буолан, үбүлүөй бирииһин туттум. Кыра кылаастарга аһаҕас кылаас чаастара, бэһис, алтыс уонна сэттис кылаас оҕолоругар пионерскай сбор буолбута.
Маны таһынан, үрдүкү кылаас оҕолоро педагог-организатор Васирита Васильевна Аммосова , “Дьааҥы кэскилэ” юнармия салайааччыта Уйгулан Нюргустанович Аммосов салалталарынан “Зарница” байыаннай-спортивнай оонньууну орто кылаас оҕолоругар тэрийэн ыыттылар.
Түмүккэ бу күн кыайыылаахтарын уонна бэтэрээн учууталлары өрөспүүбүлүкэтээҕи уус-уран бэстибээл лауреаттара, Гран-при кыайыылаахтара, VIII кылаас уолаттара Ефрем Горохов уонна Александр Дмитриев ырыанан эҕэрдэлээтилэр.
Ити курдук Пионер күнэ биһиэхэ олус чаҕылхайдык буолан ааста. “Сурт кэриэстээх буолан сураҕырар, өтөх төҥүргэстээх буолан өйдөнүллэр, өбүгэ ыччаттаах буолан үйэтийэр” диэн саха омугун уос номоҕо баар. Ол курдук, олох салҕанан барарын тухары историябыт чаҕылхай кэрчиктэрин, умнуллубат түгэннэрин хайаан да, үөрэтэр ытык иэспит буолар дии саныыбын.
Онон, түмүктээн эттэххэ, Пионерия 100 сыллаах өрөгөйдөөх үбүлүөйэ Хаһааччыйа орто оскуолатыгар олус тэрээһиннээхтик, кэрэхсэбиллээхтик ааста. Бу кэрэ кэмнэри хаһан да умнуохпут суоҕа.