“Киһиэхэ төрөөбүт дойдута төрөппүт ийэтин кэриэтэ” диэн саха народнай поэта Семен Данилов эппитинии, эйигин бүөбэйдээн ииппит көмүс ньээкэ уйаҥ – төрөөбүт сириҥ-дойдуҥ – күндүттэн күндү буоллаҕа.
Сахабыт Сирин биир дьикти кэрэ айылҕалаах уһук хоту сиригэр тайаан сытар Усуйаана бөһүөлэгэ ахсынньы 14-16 күннэригэр 380 сааһын томточчу туолбут өрөгөйдөөх күнүн бэлиэтээтэ.
Быралыйбыт былыргыттан, улаҕалаах уруккуттан ыла, оччоттон баччаҕа диэри, Усуйаана бөһүөлэгин сааһа чуолкайдана илик этэ. Усуйаана сааһын чуолкайдыыр туһуттан элбэх киһи сыраласта-үлэлэстэ. Дьэ, онон үгүс историческай матырыйаалларга олоҕуран, “Усуйаана бөһүөлэгэ, чахчы, 380 сааһын туолбут эбит” диэн СӨ Бырабыыталыстыбата бигэргэттэ!
Үбүлүөйгэ Усуйаана олохтоохторун кытта үөрүүнү-көтүүнү үллэстэ, ыраахтан-чугастан ыҥырыылаах ыалдьыттар тоҕуоруһа муһуннулар. Олор истэригэр Сахабыт Сирин үрдүнэн ааттаммыт дьон эмиэ бааллар.
Усуйаана орто оскуолатын иһинэн тэриллибит эдэр кэрэспэдьиэннэр “Алгыс” куруһуоктарын иитиллээччилэрэ ыҥырыылаах ыалдьыттары кытта көрсөн сэһэргэстилэр.
Ахсыс кылаас үөрэнээччилэрэ Горохова Виталина уонна Сыроватская Алина ырыаһыт Иннокентий Васильев-Лэгэнтэйтэн интервью ыллылар.
–Үтүө күнүнэн! Бэйэҥ тускунан билиһиннэрэ түһүөҥ дуо?
– Усуйаана аҕа саастаах ытык дьонун, ыччатын төрөөбүт түөлбэҕит 380 сааһын томточчу туолбут өрөгөйдөөх күнүнэн эҕэрдэлиибин! Мин эһиги улуускутун кытта ыаллыы сытар Үөһээ Дьааҥы улууһун Сартаҥ бөһүөлэгиттэн төрүттээхпин. Оскуола кэнниттэн СГУ саха салаатын бүтэрбитим. Бэйэм ыллыырбын олус сөбүлүүбүн. Онон 2001 сылтан ыла күн бүгүҥҥэ диэри ыллаан-туойан, сахам дьонун үтүөҕэ-кэрэҕэ угуйа сылдьабын.
Усуйаана сиригэр саҥардыы үктэнним. Миигин манна олус эйэҕэстик үөрэ-көтө, этэргэ дылы, ытыс үрдүгэр түһэрэн көрүстүлэр. Онон олохтоох дьоҥҥо махталбын тиэрдэбин!
— Бөһүөлэкпитигэр тугу баҕарыаҥ этэй?
— Усуйаана дьонугар-сэргэтигэр дьоллоох-соргулаах олоҕу! Бу эһиги нэһилиэккит өбүгэлэргит түөлбэлээн олорбут ытык сирдэрэ буолар, ону ыччат дьон өйдүөх тустааххыт уонна төрөөбүт дойдугут салгыы чэчирии сайдарын туһугар бэйэҕит кылааккытын киллэриэх кэриҥнээххит. Ыччат дьон, ытык кырдьаҕастаргыт сүбэлэрин истэн, алгыстарын ылынан, олох ыарахаттарыттан чаҕыйбакка, үлэҕэ-хамнаска кыайыылаах-хотуулаах буолуҥ! Бу үтүө сиргэ күтүөттэр-кийииттэр кэлэ турдуннар, киһи-сүөһү тоҕуоруһан, уйгугут улааттын, соргугут соноотун!
Салгыы эдкордар Батюшкин Тима уонна Решетникова Инна өр сылларга нэһилиэк дьаһалтатын баһылыгынан үлэлээбит Гаврил Гаврильевич Барабанскайы көрсөн кэпсэттилэр.
— Эн, Усуйаана бөһүөлэгэ сайдарын туһугар өр сылларга үлэлээн, элбэх сыраҕын уурбутуҥ. Онон бу кэтэһиилээх өрөгөй күнэ үүммүтүнэн тугу этиэҥ этэй?
– Мин 1996 сылтан 2012 сылга диэри Усуйаана баһылыгынан үлэлээбитим. Усуйаана бөһүөлэгэ олох араас эндирдэрин ааспыт, баай историялаах кырдьаҕас бөһүөлэк буолар. Холобура, манна аатырбыт Яков Санников уонна кини оҕолоро, сиэннэрэ Санниковтар төрөөн-үөскээн, үлэлээн-хамсаан олорон ааспыттара.
Усуйаана дьиҥ-чахчы хас саастааҕа чуолкай биллибэт этэ. Дьэ, ол иһин ити дьыаланы ылсан, араас матырыйаал эгэлгэтин хомуйан, Усуйаана сааһын чуолкайдаатыбыт уонна ону, СӨ Бырабыыталыстыбатынан бигэргэтэн, бу бүгүн үбүлүөйдээтибит.
Баҕарабын бар дьоммор бары үтүөнү. Ыччат дьоҥҥо туһаайан этиэм этэ, Усуйаанабыт силигилии ситэн, сайдан, бүгүҥҥү күҥҥэ тиийэн кэлэрин туһугар үтүмэн үлэни оҥорбут ытык кырдьаҕастаргытын умнубаккытыгар, ытыктыыргытыгар! Былыргыттан быйылгыга диэри олорон ааспыт ытык дьоммут сайыны ардаҕынан, күһүнү өксүөнүнэн, кыһыны кырыанан билэн, төһөлөөхтүк тоҥон-хатан, быста-быста салҕанан, сирим-дойдум, дьонум-сэргэм туһа диэн олорон, үлэлээн сыраларын биэрбиттэрэ буолуой?! Ону биһиги, чуолаан инники олоҕу түстүөхтээх дьон – эдэр көлүөнэ – өйдүөх тустааххыт!
Нэһилиэк дьаһалтатын баһылыга Иван Васильевич Гороховтыын VIII кылаас үөрэнээччитэ Сыроватская Алина кэпсэттэ:
—Иван Васильевич, үтүө күнүнэн! Бүгүҥҥү үөрүүлээх күнүнэн эҕэрдэлиибит!
— Эһигини – эдэр дьону – мин эмиэ ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин! Бу үбүлүөйдээх күн көннөрү бырааһынньык эрэ буолбатах. Бүгүн манна ыытыллыбыт үлэ түмүгүн көрөбүт, итиэннэ биир дойдулаахтар ыраахтан-чугастан мустубучча, инникигэ саҥа саҕахтары арыйар былааннары торумнуубут.
– Сөпкө этэҕин. Кэскилбит туһунан санааҥ?
– Биһиги инникибит диэн эһиги, оҕолор, буолаҕыт. Онон кырачааннар да буоллуннар, үрдүкү да кылаас оҕолоро буоллуннар, кинилэргэ уҕараабат болҕомтобутун ууруохтаахпыт. Оҕону төрөппүт, оҕо саада уонна оскуола сөпкө иитэн-такайан, олоххо бэлэмнээн, нэһилиэктэригэр, бүтүн өрөспүүбүлүкэбитигэр туһалаах дьон буола улаатталларын ситиһиэхтээхпит.
Ахсыс кылаас үөрэнээччилэрэ Горохова Виталина уонна Сыроватская Алина суруналыыс идэлээх, элбэх кинигэ автора Попов Николай Иннокентьевич-Күндүлүнү кытта көрсөн кэпсэттилэр:
–Ыҥырыылаах ыалдьыт быһыытынан, Усуйаанабыт үбүлүөйдээх күнүгэр санааҕын үллэстиэҥ дуо?
— Субу турар сирбэр – Усуйаанаҕа – 1942 сыллаахха төрөөбүтүм. Төрөөбүт төрүт түөлбэбэр кэлэн, бөһүөлэкпит 380 сааһынан дьоммун-сэргэбин кытта көрсүбүппүттэн, үөрүүгэ кыттыһарбыттан олус диэн үөрэбин. Кэтэһиилээх үбүлүөйбүт сүрдээх үчүгэй тэрээһиннээхтик барда. Холобура, Петр Петрович Томскай-Мохсунуоха, Иннокентий Васильев-Лэгэнтэй уонна атын биллэр-көстөр дьон кэлбитэ олус хайҕаллаах. Бөһүөлэкпит аҕыйах сыл иһигэр тигинэччи үлэлээн-хамсаан, олуһун диэн сайдыбыт. Саҥа тутуу бөҕөтө буолбут. Ол курдук, саҥа хочуолунай тутуллан, бытарҕан тымныыларга дьон, урукку курдук оһох оттон хачыгырыйбакка, нус-хас олох суолугар үктэммититтэн тус бэйэм олус үөрэбин. Нэһилиэк дьаһалтата, оҕо саада, оскуола, кулууп курдук тыын тэрилтэлэр үтүмэн элбэх үлэлэрин түмүгүнэн Усуйаана 380 сааһын бэлиэтээри киэркэйбит.
“Көтөр өҥүнэн, киһи өйүнэн” диэн өс хоһооно да этэринии, оҕолоор, эһиги дуоспуруннаах, үөрэхтээх, түс-бас өйдөөхтөөх-санаалаах дьон буола улаатыҥ! Тапталлаах бөһүөлэкпит үүнэ-сайда турдун!
Горохова Виталина, Сыроватская Алина, Решетникова Инна, Горохов Афанасий, Батюшкин Виктор, Батюшкин Тимофей,
Усуйаана С.В. Горохов аатынан орто оскуолатын
“Алгыс” куруһуогун эдэр кэрэспэдьиэннэрэ.
Хаартыскаҕа: Горохов Афанасий уонна Горохова Виталина Күндүлүнтэн интервью ылаллар.