Билиҥҥи үйэҕэ хайа да диэки хайыс — барыта дьахтар аймах. Ол эбэтэр, оскуола буоллун, уһуйаан буоллун үгүс өттө — кэрэ аҥаар. Эр киһи оҕону иитиигэ илиитэ тиийбэт курдук. Уол оҕо доҕотторун, аҕатын такайыытын ылар, онтон анал тэрилтэҕэ дьахтар эрэ иитиитин ылара кыра дии саныыбын. Бу кэнники сылларга олох сайдыытын кытта тэҥҥэ уһуйаан, оскуола эйгэтигэр, кыралаан да буоллар, уһуйааччы эр киһи элбээн эрэр диэн бэлиэтии көрөр буоллум.
Идэм миигин кынаттыыр
Константин Николаевич Каженкин, Адыаччытааҕы «Кэскил» оҕо сайдар киинэ, Үөһээ Дьааҥы:
— Мин 2014 сыллаахтан педагог-психологынан, онтон 2019 сылтан сэбиэдиссэйинэн үлэлиибин.Бу идэни таларбар уйулҕаһыт Аркадий Саввич улахан оруолу оонньообута, кэлин оскуолабытыгар аан бастакы үрдүкү кылаастарга оҕону кытта үлэҕэ, профориентацияҕа психолог диэн баар буолбута. Ол гынан, бу идэҕэ интэриэһим, кэлин үлэтин көрөн сөбүлээн, уопутуран, онно талаһар баҕа санаа күүһүрбүтэ.
Бастатан туран, төрөөбүт дойдуга таптал баарыттан төннөн кэлбитим. Иккиһинэн, уһуйаан оҕотун кытта үлэлии илик оччолорго идэлээх буоламмын – уһуйаан эйгэтэ умсугуппута чахчы.
Аан маҥнай үлэлииргэ кыра оҕо эйгэтин, уйулҕатын үөрэтэр уустуктардаах этэ, кэлин күнтэн-күн бу эйгэ киэҥник арыллан испитэ.Эбэн эттэххэ, манна сылдьар оҕо төрөппүтэ оскуола төрөппүтүнээҕэр арыый ураты буолар эбит. Билигин олох -дьаһах хаамыыта баҕар уларыйан буолуо син тэҥ курдуктар.
Мин билэрбинэн, Дьааҥы улууһугар уһуйааччы эр дьон суохтар. Сунтаар, Горнай улууһугар баалларын билэбин. Сылын аайы «Бастыҥ эр киһи педагог» диэн республиканскай күрэх буолар. Бу манна оҕо саадыгар оҕону кытта үлэлиир эр дьон кытталлар. Сотору манна бэйэм кыттар былааннаах сылдьабын.
Тирэхтээх инникини түстүүбүт
Владислав Аркадьевич Егоров, «Ромашка» оҕо сайдар киинин эбии үөрэхтээһин педагога, Ньурба:
— Ньурба улууһун «Ромашка» оҕону сайыннарар кииҥҥэ 2018 сыллаахтан үлэлиибин. Роботехника сонун эйгэтин үөрэтэбин. Гендернай хайысхалаах уолаттар бөлөхтөрүн ситиһиилээхтик таһаартыы сылдьыбытым. Оҕо саадыгар үлэлиир олус интэриэһинэй. Оҕолор олус истигэннэр, олус аһаҕастар. Бу эйгэҕэ үлэлиир эр дьоҥҥо билигин болҕомто бөҕө ууруллар. Тэрилтэ да иһигэр бары өттүттэн тирэхтээх курдук сананаҕын. Онон оҕо саадыгар эр дьон элбээн, иитиигэ күүстээх уларыйыы буолуо этэ дии саныыбын.
Оҕону кыраттан үөрэргэ үөрэтиэххэ
Эдуард Эдуардович Марков, «Ивушка» оҕо саадын иитээччитэ, Дьокуускай:
— 2013 сыллаахтан оҕо саадыгар иитээччинэн үлэлиибин. Аан маҥнай үөрэххэ киирэрбэр бу идэни интэриэһиргээн талбытым. Олус сөбүлээбитим, онтон ыла үлэ-хамнас… Мин бэйэм санаам — оҕону киһи-киһи курдук оҥорон таһаарыы, кими да атаахтаппакка, кими да түһэрбэккэ, барыларын биир илии иһигэр киллэрэн иитии буолар. Кыраттан үөрэргэ үөрэтэ сатыыбын. Эр дьон бу идэҕэ олус аҕыйахтар. Урут уруккуттан дьахтар идэтигэр анаммыт уонна сүрдээх уустук үлэ. Онон хорсун санаалаах эр дьон ылсыахтарын сөп. Бу үлэлиир оҕо саадым нуучча эйгэлээх. Ол эрэн, 13 бөлөхтөн, 4 бөлөх сахалар. Мин сахалыы бөлөххө үлэлиибин. Төһө кыалларынан нуучча да эйгэтигэр сылдьан оҕо сахалыы тылын, эйгэтин бутуйбатын туһугар үөрэтэ сатыыбын.
Ити курдук, уһуйаан эр хоһууннара ситиһиилээхтик, таһаарыылаахтык сөбүлүүр идэлэрин талан үлэлии сылдьаллара киһини үөрдэр. Эр киһи айылҕатынан симик, аҕыйах саҥалаах, олоҕу хайдах баарынан ылынар. Кини дьыалаҕа болҕомтону күүскэ уурар, кыһалҕаны туоратар сөптөөх суолу чопчу булар, тобулар айылҕалаах. Онон уһуйааҥҥа, оскуолаҕа үлэлиир эр дьоммут чуолаан уолаттарга сүҥкэн иитиини биэрэллэр диэтэхпинэ сыыспатым буолуо.
Киһи таптыыр үлэтин буллаҕына уонна сөбүлүүр дьарыктаах буоллаҕына — барытын ситиһэр. Онон олоххутугар тугу сүрэххит сөбүлүүрүн талан үлэлии-хамсыы сатааҥ. Инникилээх, кэскиллээх ыччаттар бу курдук өссө да элбиэхтэрэ диэн эрэнэбит.
Нюргуяна ЗАХАРОВА.