Ороһу нэһилиэгэр уһуйаан иитиллээччилэригэр Сомоҕолоһуу бырааһынньыгын олус тэринэн туран ыыттылар.
Тэрээһин сыала: уһуйаан оҕолоругар бырааһынньык суолтатын өйдөтүү, доҕордуу сыһыаҥҥа иитии.
Саха сиригэр 120 тахса араас омук олорор. Бары араас идэлээх үлэһиттэр. Кинилэр Саха сирэ сайдарын туһугар биир санаанан, сомоҕолоһон, иллээхтик үлэлииллэр, олороллор.
Биһиги Ороһубутугар соҕуруу дойдуттан нуучча кыргыттара оскуолаҕа учууталлаабыттара, балыыһаҕа фельдшердээбиттэрэ. Кинилэр оҕолоро уһуйааҥҥа сылдьыбыттара, оскуолаҕа үөрэммиттэрэ. Хотуттан эбээн омук кыргыттара кэлэн фермаҕа ынах ыабыттара, кэлин Ороhуга кийиит буолан олохсуйан олороллор. Кинилэр сиэннэрэ, хос сиэннэрэ билигин уһуйааҥҥа сылдьаҕыт диэн киирии тылынан С.Т. Дордосова эппитин кэннэ, иитээччилэр В.В. Данилова, В.З. Бюлтясова, А.Е. Фёдорова, Р.Л. Акимова, Е.А. Туралысова оҕолорго араас омуктар астарын амсаттылар, оонньууларын оонньоттулар, оҕолорун кытта тэҥҥэ үҥкүүлээн да ыллылар. Тэрээһин түмүгэр оҕолор «Саха сирэ»,» Аныгы кэм киһитэ» диэн хоһооннору аахтылар.
Тэрээһинтэн араас омуктар олохторун-дьаһахтарын, култуураларын туһунан биллилэр.
Сандаара РУФОВА, Ороһу орто оскуолатын 9 кылааһын үөрэнээччитэ.