Сэтинньи 24-25 күннэригэр Дьокуускайга «Тыыннаах уу» диэн ааспыт сайын «Эйгэ» экологическай сырдатар киин (ЭСК) бырайыагар кыттыбыт оскуолалар үөрэнээччилэригэр экологическай сүлүөт ыытылынна.
От ыйын бүтэһик күннэригэр биһиги оскуолабыт «Экос» лааҕырын оҕолоро Кэбээйибит күөллэрин туругун үөрэтэр-чинчийэр экспедицияҕа сылдьыбыппыт. Уу кээмэйин, хамсыыр-харамайдарын, үүнээйитин, састаабын, дириҥин анал прибордарынан уонна хонууга илдьэ сылдьар дьоҕус лабораториянан учуонай-эколог В.И. Дмитриева уонна устудьуоннар Э.Д. Иванов, Ю.А. Колодезникова, учууталларбыт В.Н. уонна А.С. Заровняевтар салалталарынан үөрэппиппит. Бу Ил Дархан гранын ылбыт бырайыак чэрчитинэн «Эйгэ» ЭСК экологтара Ленскэй, Таатта, Мэҥэ-Хаҥалас, Нам, Чурапчы, Кэбээйи улуустарын оскуолаларыгар үлэлээбиттэрэ. Салгыы үлэни былааннаары оскуолаларга тэриллибит уу экологическай агенстволарын оҕолоро уонна салайааччылара сүлүөккэ ыҥырыллыбыппыт. Кэбээйи, Сииттэ, I Хомустаах оскуола оҕолоро Дьокуускайга, онтон Түбэ, Чычымах, Чамча оҕолоро кэтэхтэн кытыннылар. Сорудах быһыытынан «Биһиги соҕотох буолбатахпыт» («Мы не одни») диэн бу үлэҕэ нэһилиэнньэни түмэр бырайыак оҥорон күрэстэспиппит. Түмүккэ кыайаммыт уу харамайдарын үөрэтэр анал тэрилинэн наҕараадаламмыппыт.
Аня Иванова, 10- А кылаас үөрэнээччитэ: — Бу бырайыак сыала-соруга – оҕолор төрөөбүт айылҕаларыгар, чуолаан иһэр уубутугар болҕомтолоох, эппиэтинэстээх буолалларын ситиһии. Ханнык баҕар сиргэ уу туруга үгүс биричиинэнэн мөлтөх туруктаах буолар эбит — сааскы халаан, күөл хотооло чычааһырыыта, киртийии. Биллэн турар үксэ дьонтон тутулуктаах. Ол иһин маннык бырайыактар улахан суолталаахтар. Сайын лааҕырга экспедицияҕа сылдьан элбэҕи биллим уонна үөрэнним. Чуолаан Валентина Иннокентьевна үөрэтиитэ, кэпсиирэ, үлэтинэн умсугуйуута олус интэриэһинэй. Сүлүөккэ проекпытын көмүскээбиппитин, түөлбэлэринэн араас акциялары былааннаабыппытын сөбүлээтим. Салгыы «Кувшинка» диэн агенствобыт үлэтигэр манна тирэҕириэхпит.
Андрей Аргунов, 9-Б кылаас үөрэнээччитэ: — Тыа сиригэр күөллэр киртийиилэрин биир сүрүн төрүөтэ – ойбон аттыгар уонна мэччирэҥҥэ хаалар сүөһү, сылгы ноһуома, балбаах диэн өссө «Эйгэ» ЭСК тэриллибит маҥнайгы сылларыгар үөрэтэн дакаастаабыттар эбит. Тыа сиригэр ханнык да промышленность суох, дьон тыа хаһаайыстыбатынан эрэ дьарыктанар. Ол иһин күөллэр ыраас уулаах буолалларын туһугар нэһилиэк барыта түмсэн үлэлиэхтээх диэн өйдөөтүм. Сайын да, билигин сүлүөккэ да экологияҕа элбэҕи биллим, өйдөөтүм. Бу бырайыагы толкуйдаабыттарыгар «Эйгэ» ЭСК экологтарыгар махтанабын.
Сүлүөт Ирбэт тоҥ биологическай проблемаларын институтугар буолбута. Онон мин «Научное лето» бырайыакка 3 сыл дьарыктаммыт салайааччыбын Елена Ивановна Троеваны көрсүбүтүм эмиэ умнуллубат үтүө түгэн. Сүлүөккэ атын оскуолалар оҕолорун, учууталларын истэн сонун идеяны, опыты биллибит, үөрэннибит. Валентина Иннокентьевна уу туһунан лекцияларын, М.В. Григорьева «Ода-стерхам, ода-болотам» диэн дьарыгын, К.М. Сокорутова сөпкө аһааһыҥҥа сүбэлэрин сөбүлээтим. Сайын лааҕырбытыгар сылдьыбыт үс оҕо уонна бу үлэҕэ саҥа кыттар баҕалаах Люда Никитина, Алина Полятинская, учууталбыт Вера Николаевна буолан сүлүөккэ баран кэллибит. Күөллэрбитин кэтээн көрүү, туруктарын тупсарыы үлэтэ салҕанар.
Кристина ОКОНЕШНИКОВА, 11 кылаас, «Нуклеус» пост, Кэбээйи оскуолата.
Хаартыскаларга: сүлүөт түгэннэрэ.