Төрөөбүт тыл, сурук-бичик күнүн көрсө Таатта улууһун Тыараһа нэһилиэгин М.Н.Турнин аатынан Тыараһа орто оскуолатын уонна Л.Н.Турнин аатынан “Алгыс” норуот айымньытын дьиэтин тэрээһининэн үһүс төгүлүн “Тыыннаах тыл” ааҕааччылар күрэстэрэ буолан ааста.
Куонкурус быйыл онлайн форматынан, кэтэхтэн көрүү быһыытынан ыытылынна. 17 улуустан уонна Дьокуускай куораттан икки бөлөххө уопсайа 60-ча оскуолаттан 146 сайаапка киирдэ. Куонкурус кэтэхтэн ыытыллан, быйыл ыраах сытар улуустартан кыттааччы ахсаана элбээбитэ кэрэхсэбиллээх.
Дьүүллүүр сүбэ оҕолор үлэлэрин (видео устуулары) П.А.Ойуунускай аатынан саха академическай театр лабораторнай саалатыгар биир күн түмсэн көрдүлэр-иһиттилэр. Бэрэссэдээтэлинэн үһүс сылын Саха театрын директора Петр Тимофеевич Макаров үлэлээтэ. Дьүүллүүр сүбэ састаабыгар киирдилэр:
1. Лена Петровна КЕРЕМЯСОВА, “Саха” национальнай көрдөрөр-иһитиннэрэр компания продюсера.
2. Марина Георгиевна НИКИФОРОВА, “Айар” национальнай кинигэ кыһатын оҕо уонна үөрэх кинигэтин таһаарар киин салайааччыта.
3. Ольга Ивановна СЕМЕНОВА, “Кэскил” республикатааҕы оҕо кыһатын генеральнай директора.
4. Владислав Семенович ДОЛЛОНОВ, “Полярная звезда” республикатааҕы литературнай сурунаал кылаабынай редактора, СР Суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлин солбуйааччы.
5. Мария Гаврильевна БОППОЕНОВА, А.Д.Макарова аатынан Культура уонна искусство колледжын төрүт культура салаатын маастар-педагога.
6. Зоя Андреевна СТРЕКАЛОВСКАЯ, Арктикатааҕы Государственнай культура уонна искусство институтун норуот уус-уран культуратын кафедратын сэбиэдиссэйэ.
7. Мира Николаевна ЛУКОВЦЕВА, Таатта улууһун үөрэх управлениетын салайааччытын солбуйааччы.
Дьүүллүүр сүбэ оҕолор үлэлэрин олус сыныйан көрдө-иһиттэ уонна кыттааччы айымньыны төһө үчүгэйдик билэрин, ис хоһоонун толору арыйарын, хайдах туттан-хаптан, көрөн-истэн туран ааҕарын сыаналаата. Куонкурус сайдар кэскиллээҕин, оҕолор төрөөбүт тылларынан санааларын сайа этэллэригэр, саҥаралларыгар бу күрэх олук уурарын, саха суруйааччыларын айымньыларын билиһиннэриигэ сыллата ситимнээх үлэ барарын бэлиэтээтилэр. Бу бырайыагы Саха тыйаатыра өйүүрэ куонкуруска улахан тирэх буоларын тоһоҕолоон эттилэр.
“Тыыннаах тыл – 2021” куонкурус түмүгэ
I БӨЛӨХХӨ
ЛАУРЕАТ I үрдэл – Эрхан СТЕПАНОВ, Дьокуускай куорат 19№-дээх орто оскуолатын 3 “а” кылааһын үөрэнээччитэ. Айымньыта: П.А.Слепцов – Ойуунускай “Оҕо куйуурдуу турара”. Салайааччыта: Монастырева А.Ю.
ЛАУРЕАТ II үрдэл – Айсана ПОЛУСКИНА, М.Н.Турнин аатынан Тыараһа орто оскуолатын 4 кылааһын үөрэнээччитэ. Айымньыта: Михаил Заболоцкай “Маллар мунньахтара”. Салайааччыта: Халыева Г.Ф.
ЛАУРЕАТ III үрдэл – Семен ГУЛЯЕВ, Уус-Алдан улууһун Уһун-Күөл орто оскуолатын 4 кылааһын үөрэнээччитэ. Айымньыта: Тимофей Сметанин “Снайпер саата”. Салайааччыта: Лыткина Ю.Р.
ДИПЛОМАНТ I үрдэл – Амелия ТУРАНТАЕВА, Дьокуускай куорат “Айыы кыһата” национальнай гимназия, оҕо искусствотын 2 кылааһын үөрэнээччитэ. Айымньыта: Клавдия Васильева “Куобах хаппыыстата”. Салайааччылара: Петрова П.Н., Кардашевская А.А.
ДИПЛОМАНТ II үрдэл – Дуолан ПАВЛОВ, Кэбээйи орто оскуолатын 4 кылааһын үөрэнээччитэ. Айымньыта “Биэс ынахтаах Бэйбэрикээн эмээхсин”. Салайааччыта: Павлова М.Е.
ДИПЛОМАНТ III үрдэл – Мичил ЛУКОВЦЕВ, М.Н.Турнин аатынан Тыараһа орто оскуолатын 1 кылааһын үөрэнээччитэ. Айымньыта: Николай Антонов “Мээппий мэнэйдэһиитэ”. Салайааччы: Пудова Е.С.
I I БӨЛӨХХӨ
ЛАУРЕАТ I үрдэл – Сардаана ДАНИЛОВА, Дьокуускай куорат оҕо искусствотын оскуолатын 2 (6) кылааһын үөрэнээччитэ. Айымньыта: Николай Курилов “Им балай хараҥа”. Салайааччы: Кардашевская А.А.
ЛАУРЕАТ II үрдэл – Владимир ПОЛУСКИН, А.И.Софронов аатынан 1№-дээх Ытык-Күөл орто оскуолатын 11 кылааһын үөрэнээччитэ. Айымньыта: Д.К.Сивцев — Суорун Омоллоон “Аанчык”.
ЛАУРЕАТ III үрдэл – Коля ЧЕХЧЕННОНОВ, М.Н.Турнин аатынан Тыараһа орто оскуолатын 8 кылааһын үөрэнээччитэ. Айымньыта: Д.К.Сивцев – Суорун Омоллоон “Куоттарбыттар”. Салайааччыта: Турнина В.И.
ДИПЛОМАНТ I үрдэл – Ньургун СОБАКИН, Соловьев орто оскуолатын 11 кылааһын үөрэнээччитэ. Айымньыта: Петр Пестряков “Сүрэҕим ыалдьар”. Салайааччыта: Соловьева С.Д.
ДИПЛОМАНТ II үрдэл – Ариан МАКСИМОВ, Н.Д.Субуруускай аатынан Болтоҥо орто оскуолатын 5 кылааһын үөрэнээччитэ. Айымньыта: Василий Васильев – Харысхал “Туу-хаах”. Салайааччыта: Ефремова Д.Н.
ДИПЛОМАНТ III үрдэл – Вася ПОЛУСКИН, М.Н.Турнин аатынан Тыараһа орто оскуолатын 9 кылааһын үөрэнээччитэ. Айымньыта: Аграфена Кузьмина “Маппыыс”. Салайааччыта: Данилова Е.С.
АНАЛ ААТ ХАҺААЙЫТТАРА
1. СР Государственнай мунньаҕын Ил Түмэн депутата Елена Христофоровна Голомарева анал аата — Эльза ПУДОВА, Угоян орто оскуолатын 4 кылааһын үөрэнээччитэ. Айымньыта: чукча норуотун остуоруйата “Кыыс уонна ый”. Салайааччы: Соловьева В.В.
2. Арктикатааҕы Государственнай искусство уонна культура институтун анал аата – Василиса КОРНИЛОВА, II Нөрүктэй орто оскуолатын 11 кылааһын үөрэнээччитэ. Айымньыта: Степан Дадаскинов “Суруктаах хатыҥ”. Салайааччы: Домнина В.О.
3. А.Д.Макарова аатынан Дьокуускайдааҕы культура уонна искусство колледжын анал аата – Уйгууна ХАЛЫЕВА, М.Н.Турнин аатынан Тыараһа орто оскуолатын 10 кылааһын үөрэнээччитэ. Айымньыта: Уйбаан Бөтүүнүскэй “Айыы киһитэ аһыныгас, күн киһитэ көмүскэс”. Салайааччыта: Халыева Г.Ф.
4. “Айар” национальнай кинигэ кыһатын анал аата – Айысхан ТОЛСТЯКОВ, Тыараһатааҕы коррекционнай интернат-оскуола 6 кылааһын үөрэнээччитэ. Айымньыта: Михаил Заболоцкай “Каратист”. Салайааччыта Турнина Н.И.
5. “Айар” национальнай кинигэ кыһатын анал аата – Богдан СЛЕПЦОВ, М.Е.Васильева аатынан Малдьаҕар орто оскуолатын 3 кылааһын үөрэнээччитэ. Айымньыта: Михаил Заболоцкай “Маллар мунньахтара”. Салайааччы: Пудова М.И.
6. “Саха” национальнай көрдөрөр-иһитиннэрэр компания анал аата – Василина БУРНАШЕВА, Төхтүр оҕо искусствотын оскуолатын 3 кылааһын үөрэнээччитэ. Айымньыта: Д.К.Сивцев – Суорун Омоллоон “Тымныы муоһа”. Салайааччы: Вензель Е.И., Вензель А.Н.
7. “Саха” национальнай көрдөрөр-иһитиннэрэр компания анал аата – Сайдам САВВИНОВ, Дьокуускайдааҕы “Талаан” оҕо театральнай студиятын иитиллээччитэ. Ааҕар айымньыта: Николай Лугинов “Кустук”. Салайааччы: Никифорова И.А.
8. “Кэскил” республикатааҕы оҕо кыһатын анал аата – Айсулу МИХАЙЛОВА, Д.Д.Красильников аатынан Мугудай орто оскуолатын 6 кылааһын үөрэнээччитэ. Айымньыта: Николай Габышев “Өлүөскэ”. Салайааччы: Ноговицына А.Ф.
9. “Кэскил” республикатааҕы оҕо кыһатын анал аата – Ярослав МАСЛАЦОВ, Төхтүр оҕо искусствотын оскуолатын 6 кылааһын үөрэнээччитэ. Айымньыта: Тимофей Сметанин “Куобах”.
10. “Кэскил” республикатааҕы оҕо кыһатын анал аата – Арина ШЕПЕЛЕВА, Дьокуускай 3 №-дээх оскуолатын 4 “г” кылааһын үөрэнээччитэ. Айымньыта: Дмитрий Наумов “Дьөгүөр куоска”.
11. “Полярная звезда” республикатааҕы литературнай сурунаал анал аата – Андриан ПРОКОПЬЕВ, Чыамайыкы орто оскуолатын 8 кылааһын үөрэнээччитэ. Айымньыта: Д.К.Сивцев – Суорун Омоллоон “Күкүр Уус”. Салайааччы: Иванова Н.В.
12. “Полярная звезда” республикатааҕы литературнай сурунаал анал аата – Айлана ТИМОФЕЕВА, С.П.Данилов аатынан Дьиикимдэ орто оскуолатын 4 кылааһын үөрэнээччитэ. Айымньыта: В.Васильев – Харысхал “Сэрии тыйыс тыына”. Салайааччы: Павлова А.А.
13. “Полярная звезда” республикатааҕы литературнай сурунаал анал аата – Мичийэ БУРНАШЕВА, Г.В.Егоров аатынан 1№-дээх Мүрү орто оскуолатын 4 “б” кылааһын үөрэнээччитэ. Айымньыта: П.А.Ойуунускай “Өйдөөх оҕо”.
14. Тааттатааҕы культура управлениетын анал аата – Айна ГРИГОРЬЕВА, М.Н.Турнин аатынан Тыараһа орто оскуолатын 2 кылааһын үөрэнээччитэ. Айымньыта: М.Заболоцкай “Хоту дойду куоската”. Салайааччы: Турнина С.И.
15. Тааттатааҕы үөрэҕирии управлениетын аата – Егор ОКОЕМОВ, М.Н.Турнин аатынан Тыараһа орто оскуолатын 6 кылааһын үөрэнээччитэ. Айымньыта: П.Васильев “Өлөөнө эмээхсин”. Салайааччы: Турнина В.И.
16. “Тыыннаах тыл” куонкурус авторын Галина Полускина анал аата – Павел НИКИТИН, Г.П.Башарин аатынан Сылаҥ орто оскуолатын 8 кылааһын үөрэнээччитэ. Айымньыта: В.С.Яковлев – Далан “Тулаайах оҕо”. Салайааччы: Сивцева Л.С.
17. П.А.Ойуунускай аатынан Саха академическай театрын анал аата — Коля ЧЕХЧЕННОНОВ, М.Н.Турнин аатынан Тыараһа орто оскуолатын 8 кылааһын үөрэнээччитэ. Айымньыта: Д.К.Сивцев — Суорун Омоллоон «Куоттарбыттар». Салайааччы: Турнина В.И.
“Тыыннаах тыл” ааҕыы күрэһин “Көрөөччү биһирэбилэ” анал аат хаһаайкатынан буолла, инстаграм сирэйигэр ыытыллыбыт куоластааһыҥҥа 1734 куолаһы ылбыт Уус-Алдан Найахы орто оскуолатын 11 кылааһын үөрэнээччитэ Динара ТИМОФЕЕВА. Айымньыта: Н.Е.Мординов – Амма Аччыгыйа “Сааскы кэм. Тапталлаах талба өрүс.” Салайааччыта: Федорова Анна Николаевна.
“Тыыннаах тыл” ааҕыы күрэһин муҥутуур кыайыылааҕынан буолла уонна ГРАН-ПРИ үрдүк аатын ылла Таатта улууһун И.Н.Гуляев аатынан Туора-Күөл орто оскуолатын 11 кылааһын үөрэнээччитэ Зинаида БОЯРОВА. Айымньыта: Иван Гоголев “Санньыар санаам сэргэтэ”. Салайааччы: Павлова Вера Дмитриевна.
Сүрүн наҕараадалааһаны таһынан, Тыараһа нэһилиэгин дьаһалтата, тэрилтэлэрэ, общественнай түмсүүлэрэ Тыараһаттан кыттыбыт оҕолорго (уопсайа 20 оҕо кыттыыны ылла) анал ааттарын анаатылар.
1. “Тыараһа нэһилиэгэ” МТ дьаһалтатын анал аата – Мичийэ НИКОЛАЕВА, М.Н.Турнин аатынан Тыараһа орто оскуолатын 3 кылааһын үөрэнээччитэ. Айымньыта: Клавдия Васильева “Куобах хаппыыстата”. Салайааччы: Егасова Т.П.
2. Л.Н.Турнин аатынан “Алгыс” норуот айымньытын дьиэтин анал аата – Данил ЛИТВИНЦЕВ, М.Н.Турнин аатынан Тыараһа орто оскуолатын 4 кылааһын үөрэнээччитэ. Айымньыта: Тимофей Сметанин “Куһу ураҕаһынан да бултуурбут”. Салайааччы: Халыева Г.Ф.
3. М.Н.Турнин аатынан Тыараһа орто оскуолатын анал аата – Дайаана САБАРАЙКИНА, М.Н.Турнин аатынан Тыараһа орто оскуолатын 4 кылааһын үөрэнээччитэ. Айымньыта: Николай Тарабукин “Оҕо эрдэхтээҕим”. Салайааччы: Халыева Г.Ф.
4. “Ситим” общественнай түмсүү “Айылгылаах ааҕааччы” анал аата — Анджела ЭЛЬБЯДОВА, М.Н.Турнин аатынан Тыараһа орто оскуолатын 4 кылааһын үөрэнээччитэ. Айымньыта: И.Бахсылыырап “Умнар бырааппыт суох. Аҕа”. Салайааччы: Халыева Г.Ф.
5. “ХАРДЫЫ” литературнай түмсүү анал аата – Альмира САВВИНОВА, М.Н.Турнин аатынан Тыараһа орто оскуолатын 3 кылааһын үөрэнээччитэ. Айымньыта: Софрон Данилов “Торбостор”. Салайааччы: Егасова Т.П.
6. Педагогическай наука кандидата, Таатта улууһун, Тыараһа нэһилиэгэ Бочуоттаах гражданина Е.П.Чехордуна анал анал аата– Ганя МАТВЕЕВ, М.Н.Турнин аатынан Тыараһа орто оскуолатын 4 кылааһын үөрэнээччитэ. Айымньыта: Николай Якутскай “Мөккүөр”. Салайааччыта: Халыева Г.Ф.