Күрэх уратыта диэн, кыттааччылар прозаҕа (кэпсээн, сэһэн, роман) айымньылары эбэтэр онтон быһа тардыылары аахтылар. Онно эбии ааптардаах остуоруйалар уонна драматтан монологтар киирдилэр.
Ойуун буолан…
Ярослав Скрябин, X кылаас, Чурапчы 1 №-дээх орто оскуолата. «Үөрүү» оҕо сайдар киинин «Үрдэл» театральнай куруһуогун иитиллээччитэ «Кыһыл Ойуун» драматтан монологу кэпсээтэ.
Кини 14 сааһыттан ойууну оонньообут. Хас биирдии киһи ылла да кыайан толорбот оруола. Холобур, дүҥүр тыаһыттан, тас көрүҥүттэн оҕолор улаханнык куттаналлар. Ону Ярослав бэркэ чугаһатан, көрөөччүнү итэҕэтэн туран оонньоото.
Үөрэҕэр бастыҥ үөрэнээччи буолбатах эрээри, оскуола олоҕор көхтөөх. Араас үлэҕэ-хамнаска барытыгар кыттар, сүрдээх элбэх тэрээһини ыытарга көмөлөһөр.
Бэйэтин саастыылаахтарыгар улахан аптарытыаттаах, холобур буолар уол. Билигин сыанаҕа тахсарыгар артыыс курдук бэлэмнэнэр, оруолугар бойобуойдук сыһыаннаһар. Салайааччыта Алина Николаевна бэйэтэ туспа, уруккуттан илдьэ кэлбит ньыматынан Ярославы бэлэмниир, үөрэтэр.
– Ис хоһоонунан олус дириҥ уонна тыла-өһө ыарахан, ону көрөөччүгэ тиэрдэргэ дьулуһабын. Онон үөрэнээччи ойууну оонньуура ордук уустук. Соторутааҕыта Чурапчыга практикант уол туруорбут испэктээгэр оонньоон турардаахпын. Максим Аммосов хаайыыга киирэн: “Тоҕо маннык буолла?” — диэн муҥатыйар, репрессияҕа түбэспит буруйа суох хомсомуол уол оруолун толорбутум. Дьон олус үрдүктүк сыаналаабыта. Бу дьоҕурум миэхэ хос эһэбиттэн бэриллибит. Кини күүстээх куоластаах оһуохайдьыт этэ.
Ярослав куонкурус түмүгүнэн Гран-при үрдүк аатын ылла. Оскуолатын бүтэрдэҕинэ, Щепкин аатынан театральнай училищеҕа артыыс үөрэҕэр туттарсар санаалаах. Онон киниэхэ ситиһиилэри баҕарыаҕыҥ.
Элбэхтик ааҕыҥ!
Саяна Бучугасова, Тыараһа орто оскуолатын VII кылааһын үөрэнээччитэ, Амма Аччыгыйа «Сааскы кэм» романыттан быhа тардыыны ааҕан, I миэстэҕэ тигистэ.
Кыра эрдэҕиттэн үҥкүүлүүрүн сөбүлүүр. Онон куруһуокка түөрт сааһыттан дьарыктанар. Улуус таһымнаах куонкурустарга кыттаннар, Гран-при үрдүк аатын ылбыттар.
Саяна туйгун үөрэнээччи уонна бастыҥ спортсменка. Математика, физика курдук биридимиэттэр олимпиадаларыгар сылын аайы кыттар, миэстэлэһэр.
Волейболга Тыараһа сүүмэрдэммит хамаандатыгар эмиэ кини сүрүн оонньооччу. Сытыы-хотуу буолан, оскуола олоҕор көхтөөхтүк кыттар. Билигин Саяна араас классик суруйааччылар айымньыларын толорон, куорат, улуус эйгэтигэр элбэхтэ кэпсээн турардаах.
– Туох баар анаабын, күүспүн ааҕыыбар уурбутум. Төрөппүттэрбэр, салайааччыбар даҕаны маннык хомуллан, харахпар ойуулаан кэпсээбэтэҕим. Сыанаҕа таҕыстахпына, бэйэбин умнан, оруолбар киирэн хаалабын. Сөдүөччүйэ Микиитэ туһугар долгуйарын, тапталын көрдөрдүм. Билигин Алампа, Амма Аччыгыйа, Далан кэпсээннэрин ааҕабын.
Оҕолорго сүбэлиэм этэ, элбэхтик ааҕыҥ. Киһи тыла-өһө баай, сөпкө суруйар, таба саҥарар, билэрэ-көрөрө да киэҥ буолар. Мин санаабар, хаһыаты, сурунаалы, кинигэни ааҕар эрэ буоллахпытына сайдабыт.
Кэскиллээх ааҕааччы
Вася Полускин, Тыараһа орто оскуолатын VII кылааһын үөрэнээччитэ, бу күрэххэ «Кэскиллээх ааҕааччы» анал аат хаһаайына буолла. Хоһоону бэрт дорҕоонноохтук, чуолкайдык ааҕар.
Вася норуот ырыаларын толорорго, чабырҕах этэргэ, хомус тардарга, хоһоон ааҕарга “Ыллык” театральнай устуудьуйаҕа үөрэммит. Биэбэйиккэ сылдьан, уһун хоһоону түргэнник үөрэтэр дьоҕура сайдан, онто билигин олус көмөлөһөр.
Араас куонкурустарга элбэх ситиһиилээх. Ол курдук, ааспыт сыл улууска лауреат буолан, өрөспүүбүлүкэҕэ тиийэ кыттыбыта. «Тыыннаах тыл» куонкуруска А.И. Софронов-Алампа «Куоратчыт» кэпсээнин аахпыта.
– «Кэскил» хаһыаты сэргээн ааҕабын. Онно үксүн спорт туһунан матырыйааллары, оҕолор ситиһиилэрин сэҥээрэбин. Оскуола олоҕуттан ыстатыйалары суруйабын, хаартыскаҕа түһэрэбин. Ону хайаан да хаһыакка ыытыаҕым.
Мин сүрэхпэр илдьэ сылдьар баҕа санаам туолуоҕа диэн эрэллээхпин. Онон ким баҕарар, хаһан баҕарар, туруоруммут сыалын ситиһэр кыахтаах диэн бигэ санаалаахпын. Бары чэгиэн, ситиһиилээх, дьоллоох буолуҥ!
Маннык тэрээһин үөрэнээччи ааҕар дьоҕура сайдарыгар улахан көмөлөөх. Кыттааччылар айымньы ис хоһоонун арыйарга кыахтарын ууран, кыһаллан, долгуйан туран кэпсээтилэр, бары да бэлэмнээхтэрин көрдөрдүлэр. Көрөөччүлэр олус чуумпутук, иһийэн олорон иһиттилэр. Төрөөбүт тылбыт улуу суруйааччыларбыт айымньыларын нөҥүө хас биирдии истээччини ардыгар долгутта, күллэрдэ, толкуйдатта.
Павел ИЛЬИН.
Таатта.