Бу күрэх уратыта – кыттааччылар проза жанрыгар (кэпсээн, сэһэн, роман) хапсар айымньылары, эбэтэр онтон быһа тардыылары ааҕан иһитиннэрэллэр.
Олунньу 18 күнүгэр Таатта улууһун Тыараһа нэһилиэгэр Россияҕа Албан аат, Саха сиригэр Патриотизм, ону сэргэ төрөөбүт тыл, сурук-бичик күнүгэр аналлаах «Тыыннаах тыл» эдэр ааҕааччылар күрэхтэрэ иккис төгүлүн ыытыллаары турар.
Тэрийээччилэринэн М.Н.Турнин аатынан Тыараһа орто оскуолата (сал. Полускин П.В. ), Л.Н.Турнин аатынан «Алгыс» норуот айымньытын дьиэтэ (сал. Сабарайкина А А.) буолаллар. Бырайыак ааптара — «Алгыс» норуот айымньытын дьиэтин уус-уран салайааччыта, Россия Суруналыыстарын союһун чилиэнэ Галина Полускина.
Үөрэнээччилэр икки бөлөҕүнэн арахсан: кыра бөлөх (1-4 кылаастар), улахан бөлөх (5-11 кылаастар), айымньыны биирдиилээн эрэ толороллор. Бөлөҕүнэн кыттыы көҥүллэммэт.
Бу тэрээһин сүрүн суолтата – оҕолору төрөөбүт тылынан ааҕыыга умсугутуу, олохтоох суруйааччылар айымньыларын билиһиннэрии, сыанаҕа холкутук сылдьарга, дьон иннигэр саҥарарга-иҥэрэргэ үөрэтии буолар.
Былырыын “Тыыннаах тыл” күрэххэ Таатта, Чурапчы, Амма улуустарыттан уопсайа уон оскуолаттан (Тыараһаттан 2 оскуола, Чөркөөх, Ытык-Күөл, Чымынаайы, Амма улууһуттан Алтан, Соморсун орто оскуолалара, Чурапчы улууһуттан Чурапчы орто оскуолата, улуустааҕы гимназия, Соловьев орто оскуолата) барыта 63 оҕо кыттыыны ылбыта. Кыттааччылар сүрүннээн улуу классик суруйааччылар А.И.Софронов, Н.Д.Неустроев, П.А.Ойуунускай, биллэр прозаиктар Н.Е.Мординов — Амма Аччыгыйа, Д.К.Сивцев — Суорун Омоллоон, Софрон Данилов, Николай Золотарев — Якутскай, о.д.а айымньыларыттан ааҕан иһитиннэрбиттэрэ.
Түмүккэ икки бөлөҕүнэн кыайыылаахтар, номинация хаһаайыттара ааттаммыттара. Гран-при үрдүк аатын Чурапчы орто оскуолатын 10 кылааһын үөрэнээччитэ, «Үөрүү» оҕо сайдар киинин «Үрдэл» театральнай куруһуогун иитиллээччитэ Ярослав Скрябин (салайааччы А.И.Собакина) ылбыта.
Былырыыҥҥы күрэх илин эҥэр улуустарын икки ардыларыгар эрэ ыытыллыбыт буоллаҕына, быйыл аһаҕас күрэс буолан кыттааччыта өссө элбиирэ күүтүллэр.